Чурапчыттан Захаровтар уонна Павловтар олоҥхону толоруу күрэҕэр ситиһиилэннилэр

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн  Дьокуускайга «Арчы» дьиэтигэр V-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүт ситим» дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу күрэҕэ буолла.

Чурапчы улууһуттан икки ыал кытынна. Хатылы нэһилиэгиттэн Анастасия Захарова уолунаан Анатолийдыын уонна сиэннэрин бастакы кылаас үөрэнээччитэ Витяны уонна бэһис кылаас үөрэнээччитэ Айыынаны кытта олоҥхону толорон, «Айан аартыктаах, аралы кустуктаах олоҥхоһуттар» анал аат хаһаайынынан буоллулар.

Маны тэҥэ бу куонкуруска Чурапчы нэһилиэгиттэн Павловтар дьиэ кэргэн халыҥ хамаанда буолан кэлбиттэр: Ыал эйэҕэс эбэтэ Татьяна Адамова, аҕа баһылык Евгений, күн күбэй ийэ Татьяна уонна оҕолор уоллара Өркөн, кыргыттар Туйгууна,  Мичилиинэ, Чэмэлиинэ, Нарыйаана. Кинилэр «Сэргэх сэһэн сэргэстэспит, чуор куолас кыттыспыт олоҥхоһуттара» анал ааты ыллылар.

Олоҥхо түһүлгэтигэр ситиһиилээхтик кыттыбыт дьиэ кэргэттэри эҕэрдэлиибит. Инникитин да олоҥхо алыптаах абылаҥар уйдаран, кылыһахтаах тойук дорҕооно дуорайа турдун!

Марфа Петрова.

Хаартыскалар улуустааҕы култуура салалтатын телеграм-канаалыттан ылылыннылар.