Чурапчыттан үөрүү туругун бэйэтин дьарыгынан уһугуннарар Парасковья Гладкина

Биһиги кэккэбитигэр олус интэриэһинэй, үгүс киһи болҕомтотун тардар ураты дьарыктаах дьон баар буолаллар. Бэйэлэрин олорор ыырдарынан, тулалыыр дьоннорунан, үлэлэринэн эрэ муҥурданан хаалбакка ол дьарыктарын элбэх киһиэхэ тарҕатарга, туох эрэ саҥаҕа дьону үөрэтэргэ дьулуһаллар. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта оннук дьонтон биирдэрэ буолар.

-Үтүө күнүнэн! Ааҕааччыларбытыгар, сэҥээрээччилэрбитигэр бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр эрэ. 

-Үтүө күнүнэн! Мин Парасковья Гладкина диэммин, Одьулуунтан төрүттээхпин. Идэбинэн педагогпун, 18 сыл иитээччинэн, методиһынан уһуйааҥҥа үлэлээбитим. Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа онтон Саха судаарыстыбаннай университетыгар пед үнүстүүккэ үөрэммитим. 2020 сылтан сетевой бизнеһинэн дьарыгыраммын, «Орифлэйм» Шведскай компания бизнес партнерунан үлэлиибин. Дьиэҕэ олорон бириэмэбин сөптөөхтүк аттаран, интернет нөҥүө бу маҕаһыыны үлэлэтэбин уонна үлэлээн эбии дохуоттанарга үөрэтэбин. Кэргэним Петр Гладкин Таатта Боробулуттан төрүттээх мас ууһа, түөрт оҕолоохпут. Үс уол биир кыыс, улахаттар оскуола үөрэнээччилэрэ, кырабыт уһуйаан иитиллээччитэ.

-Аҕыйах сылтан бэттэх элбэх киһиттэн «этнофитнес» диэн солун тылы истэр буоллубут. Эн этнофитнес диэни хаһан, кимтэн-хантан билбиккиний?

-Сахаэтнофитнес эйгэтин биир дойдулаахпыттан, бастакы «Туйаарыма Куо» күрэҕин кыттыылааҕыттан, киэн тутта ааттыыр Ирина Федороваттан билбитим. Кини бу бырайыак ааптара. Одьулууҥҥа сайылыыр кэмигэр ити эйгэни билиһиннэрбитигэр тута дьарыктана туран сөбүлээбитим. «Ким үөрэниэн баҕарар?»,- диэн ыйыппытыгар олох мин диэбиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Онтон бу эйгэни билсэн атын кэрэ аҥардар билэллэрин туһугар уонна биир өттүнэн бэйэм ис сүрэхтэн сөбүлээммин дьарыктанарга быһаарыммытым.

-Хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын, дьону дьарыктыыгын?

-Бу фитнес ураты көрүҥүнэн 2018 сылтан Одьулуунтан саҕалаан дьарыктанан барбытым, онтон салгыы Чурапчыга — киэҥ сиргэ тэрийэргэ сананан, дьиэ-уот көрдөөн нэһилиэк дьаһалтатыгар тиийэн сайабылыанньа суруйан, Утум дьиэтигэр хос анатан, онно тэрийэн саҕалаабытым уонна күн бүгүҥҥүгэ тиһигин быспакка кэрэ эйгэҕэ түмэ сылдьабын.

— Этнофитнес уопсайынан киһиэхэ туох көмөлөөҕүй, көннөрү фитнестэн туох уратылааҕый?

— Бу «Эгэй-сэгэй» сахаэтнофитнес сүрдээх дириҥ дьайыылаах. Ол курдук, Ирина бэйэтэ сахалыы алгыс хамсаныыларын үөрэтэн-чинчийэн оҥорбут научнай үлэтэ буолар. Кини идэтинэн культуролог, ол иһин дьахтар киһи алаһа дьиэ хаһаайката буолан туран үөрэ, астына сылдьарыттан дьиэ кэргэн ис эйгэтэ сүрдээх тутулуктааҕын өйдөөн дириҥник үөрэппит, онон бу эйгэ дьахтар үөрүү туругар олохсуйар. Хас биирдии сахалыы музыката, хамсаныылар дьахтар үөрэр, астынар эйгэтин үөскэтэр аналлаах. Манна хамсаныы эрэ буолбакка ис турук тупсуута, астыныы, дуоһуйуу, үөрүү туруктарын билэн этэ-сиинэ, дууһата чэпчиир, үөрэр. Сахалыы эйгэ саха кутугар дьайыыта ис кыаҕы арыйар. Ол түмүгэр дьарыкка сылдьар дьон айар-тутар дьоҕурдара сайдар эбит. Дьарыкка сылдьар кэрэ аҥардар наһаа активисткалар, уопсастыбанньыктар, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр.

Бу сахаэтнофитнес көннөрү фитнестэн уратыта САХА уонна ЭТНО диэн суолталаах тылыгар сытар. Саха диэн ураты омук тыынын уһугуннарар. Этно диэн өбүгэлэрбититтэн кэлбит хааммытыгар баар айылҕаттан айдарыыларбытыгар дьайыы. Ол иһин бу сахалыы музыка, сахалыы алгыс хамсаныыта ураты туругу үөскэтэр уонна уһугуннарар.

Дьахтарга бу эйгэ көмөтө диэн, бастатан туран, уопсай турук тупсуутугар улахан дьайыы, иккиһинэн, хамсанан эт-хаан чэбдигириитэ, уонна, үсүһүнэн, ураты өй-санаа үөскээһинэ, ис айылҕаны кытта алтыһыы.

— Парасковья Васильевна, иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыгыраргын сөбүлүүгүн?

— Иллэҥ кэммэр уопсастыбаннай үлэм элбэх. Улуус дьахталларын сэбиэтин чилиэнэбин, нэһилиэкпэр дьахтар кэмитиэтин чилиэнэбин, оскуолаҕа төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэбин, улууска төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэбин уонна нэһилиэк Сүбэтин чилиэнэбин. Ону таһынан Одьулууммар ырыа ансаамбылыгар ыллыыбын, араас күрэхтэргэ, кэнсиэрдэргэ кыттабын. Уопсайынан мин хоббим диэн кэрэ эйгэни араас хайысханан тарҕатыы диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

— Эйиэхэ тус бэйэҕэр этнофитнес тугу биэрэрий?

— Миэхэ бу сахаэтнофитнес дьахтар быһыытынан тус бэйэм турукпар, доруобуйабар, дьону, дьиэ кэргэммин кытта сыһыаммар ураты уларыйыылары аҕалар. Бэйэбэр, турукпар болҕомто уурар буоллум уонна ис эйгэни кытта үлэлэһэргэ үөрэнэр буоллум. Саамай астынарым диэн бу эйгэ тула кэрэ аҥардары кытта билсэн, биир санааҕа түмсэн алтыһыыбыт. Бу эйгэҕэ саас диэн аахсыллыбат үөрүү эрэ диэн баар, ол эбэтэр түмсэ эрэ түстэрбит сааспытыттан тутулуга суох бука бары  дуоһуйабыт, сырдыгы эрэ ыраланабыт.

— Инники былааннаргын сырдата түһүөҥ дуо?

— Инники өттүгэр улуус бары нэһилиэктэригэр кэрэ аҥардарга алтыһар эйгэни үөскэтэн этнофитнеһи киллэрии. Ол эбэтэр инструктордары үөрэтэн таһаарыы, бу дьарыкпын тарҕатыы буолар.

-Этнофитнес көмөтүнэн туһаммыт дьон холобурдара баар дуо?

— Дьарыктанан дотуобуйаларыгар туһаммыт үгүс дьон махталлара сүрдээх элбэх. Ол курдук, илиилэрин кыайан өрө көтөхпөт бэйэлэрэ холкутук хамсанар буолаллар, үөрүү сырдык сабыдыалыгар киирэн уопсай туруктара тупсар, ол харахтарыгар тута көстөр, айыах-тутуох санаалара кэлэр. Холобур манна аҕыйах киһи тус санаатын эппитин киллэриэхпин сөп:

Мин бу «Эгэй — Сэгэй» дьарыгар саҕаланыаҕыттан сөбүлээн сылдьабын, хаһан буоларын өрүү кэтэһэбин.Билигин хамсаныы проблемата эдэрдэргэ да саастаах дьоҥҥо күүскэ турар.Үлэ үксэ олорон эрэ үлэ курдук буолла.Ол иһин хамсаныыны олохпут да ирдиир.Бу дьарыкка сылдьан мин турукпун тупсарабын, биир чааһы быһа үҥкүүлүү, кэрэ эйгэтигэр кыттыһа  сылдьан,музыка доҕуһуолунан санаабын сааһыланабын, туттарым — хаптарым да чэпчиир.

Элбэх кэрэ, сырдык санаалаах кыргыттардыын алтыһан бэйэм эмиэ үчүгэйгэ тардыһабын. (Наталья Захарова)

Сахаэтнофитнес дьарыгар сылдьыбытым иккис сылым буолар. Мин принципиальнай соҕус буоламмын, сөбүлүөхпүн эрэ наада этэ. Онуоха бастакы дьарыктан тута салайааччыбытын  Парасковьяны сөбүлээбитим, олус позитивнай, ханнык да «рамкаҕа» киллэрбэт, сырдыгынан сыдьаайа сылдьарыттан мин астыммытым, үтүө эрэ иэйиини иҥэрэр салайааччыны кытта дьарыктанар үчүгэйдик эрэ дьайар дии саныыбын. Дьарык туһунан этэр буоллахха, сүһүөххэ адьас үчүгэй, бары да өттүнэн туһалаах диэтэхпинэ алҕас буолбатах. Сахаэтнофитнес инники еттугэр симэлийбэккэ сайдыа диэн эрэллээхпин. (Парасковья Данилова)

Бу Сахаэтнофитнеска тэриллиэҕиттэн сылдьабын, быйыл 7-с сылбыт. Үҥкүү киһиэхэ туһата сүрдээх элбэх, аҥардас хамсаныы эрэ буолбакка, киһи энергия ылара, уйулҕатынан да, өй-санаа өттүнэн да уларыйара, барыта үчүгэй эрэ өттүнэн дьайара элбэх оруоллаах. Мин бэйэм 70 сааһым, бу үҥкүү миигин эдэр сааспын санатар, турукпун бөҕөгөтөр. Инструкторбытыгар Парасковьяҕа махталым муҥура суох. (Наталия Куличкина)

— Дьарык онлайн буолуон сөп дуо?

— Дьарык онлайн буолуон сөп, оннук кыах баар. Пандемия кэмигэр оннук дьарыктаммыппыт. Ол эрэн бииргэ алтыһан дьарыктанар быдан дьайыыта күүстээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

— Атын омуктар интэриэһиргээччилэр дуо?

— Атын омуктар интэриэһиргииллэр бөҕө буоллаҕа, тоҕо диэтэххэ, ураты омук тыына син биир биллэр. Хамсаныыта, музыката, эйгэтин дьайыыта барыта сүдү күүстээх.

— Улууспут олохтоохторугар, кэрэ аҥардарыгар баҕа санааҥ.

— Улууспут кэрэ аҥардарын А.К Софронов аатынан КСКҕа нэдиэлэ ахсын сэрэдэҕэ уонна бээтинсэҕэ киэһэ 17 ч 30 м кэлэн үөрүү көҕөр кыттыһан, туруккутун тупсарынан, чэбдик сылдьаргытыгар ыҥырабын. Тоһоҕолоон этиэм этэ — дьиэ кэргэн ис эйгэтэ дьахтар туругуттан тутулуктаах, онон дьиэ кэргэн туругун үөрүүгүтүнэн, тапталгытынан тупсара туруҥ!

-Интэриэһинэй кэпсэтиибит иһин махтал!

 

Наталья Сибирякова