Ярослава Абрамова бу күннэргэ Горно-Алтайск куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Леди Евразия» интернациональнай куонкурус-бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Маннык тэрээһин быйыл номнуо 8-с төгүлүн ыытылынна. Бу куонкуруска Арассыыйа 25 араас куоратыттан 60-нарыгар диэри саастаах ийэлэр кытыннылар. Ярослава түһүмэхтэри ситиһиилээхтик туораан, «Леди очарование» анал аакка тигистэ, өрөспүүбүлүкэтин, төрөөбүт Чурапчытын чиэстээхтик көмүскээтэ.
Куонкурус туһунан икки уол оҕолоох эдэр ийэ маннык үллэһиннэ: “Куонкуруспут 7 түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук, сүрүн түһүмэхтэринэн бэйэни билиһиннэрии, национальнай көстүүм, дефиле, талаан, өрөспүүбүлүкэбитин билиһиннэрэр видеоролик буоллулар. Дьүүллүүр сүбэ хомуска оонньообуппун олус биһирээтэ, астынна. Онон хомуска уһуйбут учууталбар Евдокия Михайловна Калачеваҕа махталым улахан. Бу куонкуруһу инстаграмҥа көрөөт, кыттарга санаммытым. Барыта хайдах эрэ табыллан хаалла. Онон миигин өйөөбүт, куонкуруска кыттарбар кыах биэрбит Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Саргыдаевка, үлэлиир тэрилтэм дириэктэригэр Константин Чичигинаровка, кэлэктииппэр, Саха академическай тыйаатырын дириэктэригэр Петр Макаровка, интэринээт-оскуола томторун олохтоохторугар, бииргэ үөрэммит доҕотторбор, дьүөгэлэрбэр, аймахтарбар истиҥник махтанабын. Элбэх сонун идиэйэлэрдээх, олус ураты талааннаах ийэлэри кытта билсэн үгүһү биллим, үгүскэ үөрэнним, элбэх дьүөгэлэнним. Олохпор бу ситиһиим инникигэ кынаттыыр ”.
Ярослава туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, Чурапчытааҕы ыспартыыбынай интэринээт-оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, анал үрдүк үөрэҕи баһылаан, билигин оҕо уйулҕатын сайыннарар, араҥаччылыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэтэр киин педагог-психологынан үлэлиир. Итини тэҥэ Чурапчы улууһун Абрамовтар педагогическай династияларын салҕааччы. Эһэтэ Роман Романович Абрамов үөрэх эйгэтигэр өр сылларга ыччаты иитиигэ дьоһун кылаатын киллэрбит улууспут биир ытыктанар учуутала этэ. Оттон ийэтэ Евдокия Романовна Абрамова математика учууталынан эмиэ өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээн кэллэ.
Анна Захарова.