Сыл аайы соцхантыраак көмөтүнэн элбэх киһи тус идиэйэлэрин олоххо киллэрэн, сөбүлүүр дьарыктарынан дьарыктаналлар, бэйэ дьыалатын арыналлар. Олортон биирдэстэринэн Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Яна Сивцева буолар. Кини дьиэ кэргэнин кытта быйыл сайын мүөттээх ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанан саҕалаатылар.
— Яна Ивановна, үтүө күнүнэн! Бэйэ дьыалатын арынаргар социальнай хантыраак туһунан хантан билэн-истэн, бырайыаккын көмүскээн, бу көмөҕө тигистин?
— Дорообо! Социальнай хантыраак туһунан дьонтон, сонуннартан истибитим. Дьиэ кэргэмминээн сүбэлэһэн баран, кыттарга санаммытым. Аан бастаан, Чурапчы улууһун социальнай управлениетыттан соцхантыраак ыларга ханнык докумуоннар наадаларын ыйыталаһан, барытын хомуйан туттарбытым. Онтон бизнес-бырайыакпын суруйан, хамыыһыйаҕа ситиһиилээхтик көмүскээбитим. Ол түмүгүнэн 250 тыһ суумалаах көмөнү ылбытым. Бу үбүнэн мүөттээх ыҥырыалар уйаларыттан саҕалаан, туттуллар наадалаах араас маллары, тэриллэри атыыласпыппыт. Онтон мүөттээх ыҥырыалары атыыласпыппыт.
— Хантан атыыласпыккытый? Хас уйаны иитэҕитий?
— Уопсайа сүүрбэ уйа ыҥырыаны иитэ сылдьабыт. Уйалар Чурапчыга Төлөй диэки баар бааһына сиригэр тураллар. Мүөттээх ыҥырыалары Хабаровскайтан атыыласпытым.
— Быйыл саҥа саҕалааччы буолаҕыт. Туох уустуктары көрүстүгүт?
— Алааска үүнэр үүнээйилэр симэһиннэрэ аҕыйах буолан, ыҥырыалар сибэккилэр симэһиннэрин. пыльцаларын көрдөөн, ыраах хомуйа көтөллөр. Ол иһин Люцерн диэн мүөттээх үүнээйини ыспытым. Быйыл бастакы сыла буолан, эрдэ баҕайы өлөн хааллылар.
— Хантан сүбэ ылааччыгыный?
— Бассаап ситимигэр ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанааччылар анал бөлөхтөөхпүт. Ол онтон сүбэ куруук ылааччыбын. Боппуруостар үөскээтэхтэринэ ыйытан иһээччибит.
— Сайын устата төһө мүөтү ыллыгыт? Былааҥҥыт туолан эрэр дуо?
— Билиҥҥи туругунан 70-тан тахса киилэ мүөтү ыллыбыт. Былааммыт туола илик.
— Ыҥырыаларгын кыстатаҕын дуо?
— Быйыл кыстаппаппыт. Онно сөптөөх усулуобуйабыт суох. Эһиил саҥа баартыйа ыҥырыалары атыылаһыахпыт.
— Эһиил уйаҕыт ахсаанын элбэтэр санаалааххыт дуо?
— Мүөттээх үүнээйи сиэмэтин эбии буллахпына, уйабыт ахсаанын элбэтиэхпит. Элбэх мүөтү ыларга ыҥырыалары эбии аһылыгынан хааччыйыахха наада.
— Мүөккүтүн натуральнай көрүҥүнэн атыылыыгыт дуо?
— Билигин бэйэтинэн киилэтэ 2000 солк атыылыыбыт. Биллэриибин бассаап-ситимигэр таһаарааччыбын. Бородууксуйа көрүҥүн элбэтии туһунан сыыйа толкуйдаан иһиэхпит. Билигин тыа дьоно буолан, сайыҥҥы от, өрөмүөн үлэтин үмүрүтэ сылдьабыт.
— Хаһааҥҥыттан ыҥырыаны иитии туһунан санаммыккытый?
— Бу кыһын Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбалар ассоциацияларын (АККОР) XXXIV-с сийиэһигэр Москваҕа дэлэгээт быһыытынан кыттыбытым. Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан барыта 34 киһи буолан, сылдьыбыппыт. Арассыыйа араас муннуктарыттан кэлбит биир интэриэстээх дьону кытта билсиһэн, кинилэр ханнык эйгэнэн таһаарыылаахтык дьарыктаналларын көрөн-истэн, уопут бөҕө ылбытым. Онтон Владимирскай уобаласка улахан бааһынай хаһаайыстыбалар хайдах үлэлии олороллорун тиийэн көрбүппүт. Манна мүөттээх ыҥырыанан дьарыктанар хаһаайыстыбаны сэҥээрбитим, интэриэһиргээбитим. Мантан ыла, ыҥырыа иитэр санаа киирбитэ.
— АККОРга баар буоллаххытына, эрдэттэн кэтэх хаһаайыстыбалаах буоллаххыт дии…
— Оннук, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыппыт 19 сыл буолла. Эрим Станислав Вячеславович «Саргыдай” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Кини таһаарыылаахтык үлэлээн, быйыл саас Ассоциация Чурапчытааҕы салаатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
— Яна Ивановна, эн бэйэҥ урбаанньыккын дуу эбэтэр самозанятай быһыытынан үлэлиигин дуу?
— Самозанятай буолбутум оруобуна икки ый буолла.
— Баһаалыста, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
— Кэргэмминээн 9 оҕо ийэтэ, аҕата буолабыт. Түөрт оҕобут, номнуо улаатан, туспа ыаллар. Инньэ гынан 6 минньигэс сиэннээхпит. Онтон икки оҕобут устудьуоннар, икки оҕобут оскуола үөрэнээччилэрэ уонна муруммут бүөтэ уһуйаан киһитэ.
— Дьиэ кэргэнинэн мүөтү төһө сиигит?
— Оҕолор ньуосканан баһан сииллэрин сөбүлүүллэр. Ыҥырыаттан ылыллыбыт бородуукта киһи доруобуйатыгар туһалааҕын бары билэбит. Улаханнык саҥарбаппын эрээри, мүөт сиэхпититтэн ыалдьа иликпит.
— Ааҕааччыларга баҕа санааҥ?
— Соцхантыраак үлэтэ суох эбэтэр кыра дохуоттаах дьон бэйэ дьыалатын арыналларыгар олус туһалаах. Дьоҕус биисинэстэн саҕалаан, киһи үөрэнэн, уопутуран, сайдан, кэлин улахан биисинэһи саҕалыахтарын сөп. Онон ааҕааччыларга маннык судаарыстыбаннай көмөлөрү туһанан, сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктанан, эбии дохуотта киллэриниҥ, дойдубутугар туһаны оҥоруҥ. Чуолаан ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын. Бу — түргэнник ситэр, улахан уустуктара суох, холку дьыала.
— Яна Ивановна, ыйытыыларбар эппиэттээбиккэр махтал! Иҥэмтиэлээх, сибиэһэй, бэйэҥ хомуйбут мүөтүҥ томороон тымныылаах уһун кыһыммытыгар бар дьонуҥ ыалдьыбакка, доруобайдык туоруулларыгар туһалыы турдун! Үлэҕитигэр ситиһиилэри, ылыммыт баҕа санааларгыт туоларыгар баҕарабын.
Марфа Петрова