Сүҥкэн суолталаах, бараммат баайбытын олоҥхону, саха омук фольклорун, саха ырыатын –тойугун оскуола оҕолоругар, ыччат дьоҥҥо үөрэппит, уһуйбут, төрөөбүт нэһилиэгэр култуура сайдыытыгар айымньылаах үлэни ыыппыт, дьону түмэр, тэрийэр дьоҕурдаах киһинэн Вера Иннокентьевна Оконешникованы ааттыам этэ. Кини кэлин Чурапчыга көһөн кэлэн, атын эйгэҕэ да үлэлээтэр,бэйэтин баҕа өттүнэн биир санаалаахтарын түмэн фольклор, ырыа ансаамбылларын көҕүлээн тэрийэн, “Айылгы” НАДь аҕам саастаах олоҥхоһуттар бөлөхтөрүн салайан, улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ кэккэ ситиһиилэннилэр.
Вера Иннокентьевна 1956 сыллаахха Мотрена Макаровна уонна Иннокентий Николаевич Адамовтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан куруук концертарга кыттара, соҕотоҕун ыллаан фестивалларга дипломант, лауреат буолара.Хайахсыт орто оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрэн, сопхуоска икки сыл үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылларыгар эдэр ыччаттар куруук нэһилиэк олоҕор, култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлара. Вера хор таһаарара, сценкаларга оонньуура. Салгыы Одьулууннааҕы СПТУ-13 үөрэнэн, тыа хаһаайыстыбатын бухгалтерын идэтин ылбыта.1982 сыллаахха Оконешников Николай ИвановиҺы көрсөн,эдэр дьон бэйэ –бэйэлэрин сөбүлэһэн олохторун холбообуттара, ыал буолбуттара. 1986 сыллаахха кэргэнин дойдутугар Үөһээ –Бүлүү оройуонугар көһөн тиийбиттэрэ. Нам нэһилиэгин кулуубугар методиһынан култуура эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыта. Манна биэс сыл үлэлээбит кэмнэрин Вера Иннокентьевна олус истиҥник саныыр- ахтар.
Ол туһунан Вера Иннокентьевна маннык кэпсиир: “ Үөһээ Бүлүүгэ кулуупка 1987 сыллаахха методиһынан үлэҕэ киирбитим. Кулууп централизованнай этэ, онон элбэх үлэһиттээҕэ.Директорынан Саввина Нина Николаевна үлэлиирэ. Биллиилээх мелодист Мария Константинова( “Оо, быраас барахсан” ырыа ааптара) наставникпыт этэ, барытыгар тэҥҥэ сылдьыһара.Исидор Варфаламеев- баянист, кэргэнэ Сардаана – хореограф . Аатырар”Чолбон “бөлөх уолаттарын кытта бииргэ үлэлээбиппин олус үчүгэйдик саныыбын. Салайааччылара Александр Ильин кулуупка худрук этэ. Самодеятельнай композитор,муусукаан Игорь Тараховскай ол кэмҥэ эмиэ Намҥа, кулуупка үлэлиирэ. Саха норуодунай бэйээтэ Петр Тобуруокаптыын ыаллыы олорбуппут. Кэргэнэ Евгения Васильевна — саха далбар хотуна, аламаҕай майгылаах, киһи киэнэ үтүөтэ этэ. Киниттэн иистэнэр массыына уларсан иистэнэр этим.Кэлин норуодунай суруйааччы буолбут Дмитрий Наумов биһиги тиийэрбитигэр сэбиэттиир этэ. “Чурапчылар, дойду дьоно сүрэхтээх – бэлэстээх дьон” диэн субботниктарга хайгыыр буолара. Ити курдук саха норуотугар биллэр дьону кытта бииргэ үлэлээбитим, кинилэри кытта алтыспытым миэхэ олохпор да айар үлэбэр да улаханнык сабыдыаллаабыта.Элбэхтэ гастролларга сылдьарбыт. Наһаа күүрээннээх, өрө күүрүүлээх , ырыа – тойук аргыстаах кэрэ кэмнэр этилэр.Онно фольклору, норуот ырыаларын, тойугу, оһуохайы, чабырҕаҕы өрө туталларын сэҥээрэ көрбүтүм. Кулууппутугар норуодунай ансаамбыл баара. Мин сахалыы дэгэрэҥ ырыалары соҕотохтуу ыллыыр этим. Мантан саҕаламмыта мин саха ырыатыгар – тойугар ис дууһабынан абылатыым,куттуун – сүрдүүн туттарыым. Кэргэмминээн Николайдыын дуэттыыр этибит. Элбэх куонкурустарга кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. Манна дойдубар, Хайахсытка “Сааскы кылыһахтар” ырыа күрэҕэр, Үөһээ_Бүлүүттэн кэлэн кыттан лауреат буолбуппут.”
Манна биэс сыл үлэлээн баран дойдутугар,Чакырга кэлэн сынньалаҥ киинигэр уус -уран салайааччынан , методиһынан үлэлээбитэ. Дойдутугар кэлэн норуот тылынан уус уран , айымньытын, фольклорун,олоҥхотун, ырыатын –тойугун төрөөбүт нэһилиэгэр тарҕатыыга, оҕолорго үөрэтиигэ айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта. Дойдута Чакыр олоҥхоһут уутуйан үөскээбит, өбүгэ үгэһин сөҥөрдүбүт улуу айымньыбытын- олоҥхону өрө тутар нэһилиэк. Ааспыт үйэҕэ олорбут олоҥхоһут – суруйааччы Семен Яковлев — Эрилик Эристиин,олоҥхоһуттар: Михаил Филиппов – Хопто уола Мэхээлискэ, Илья Кононов – Ырыа Ылдьаа уо.д.а ааттарын өрө туталлар, билиҥҥи үйэҕэ далааһыннаахтык олоҥхолуу сылдьар Николай Никитич Григорьев, эдэр көлүөнэ олоҥхоһуттар Анастасия Алексеева, Саина Попова ааттарынан сиэрдээхтик киэн тутталлар. Бастаан 1951 сыллаахха Чакырга Иннокентий Теплоухов — Тимофеев“Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун Николай Протасов туруорбута. Онтон 1954 сыллаахха “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону Степан Анисимов туруорбута. 1957 сыллаахха оройуоҥҥа норуот фольклорун көрүү фестивалыгар”Ньургун Боотур ” олоҥхону туруоран киэҥ биһирэбили ылбыттара. Бу олоҥхону Петр Капитонов уонна Степан Анисимов көмөлөөн туруорбуттара.
Вера Иннокентьевна 1992 сыллаахха “Кылыһах” тойук ансаабылын тэрийбитэ. 1993 сыллаахха урукку көлүөнэ самодеятельность артыыстарын көмөлөрүнэн уонна “Кылыһах” ансаамбыл төһүү күүс буолан Платон Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону быһа тардан туруорбута. Дьон олус көхтөөхтүк, санаата кэлэн кыттыбыттара.Бу олоҥхонон улуустааҕы фестивалга бастаабыттара. 1994 сыллаахха Чакыр орто оскуолатыгар ыҥыран музыка учууталынан уонна фольклор салайааччытынан үлэлии барбыта. Манна үлэлиир сылларыгар оҕолорго тойук кистэлэҥнэрин үөрэтиигэ, саха фольклоругар, хомус дьикти дьүрүскэнигэр уһуйууга туох баар билиитин, күүһүн – уоҕун биэрэн туран үлэлээбитэ. Оҕолор араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан кыайан – хотон, онтон күүс -тирэх ылан 2000 сыллаахха “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону оҕолорго анаан кылгатан туруорбуттара.Вера Иннокентьевна уһуйбут оҕолорун Афоима Андрееваны, Коля Адамовы, СаинаТрофимованы, Ньургуйаана Миронованы уо.д.а. киэн тутта ааттыыр. Биир олоҥхо алыптаах эйгэтигэр бастакы хардыылары оҥороругар көмөлөспүт кыыһа, уһуйбут оҕото Настя Алексеева буолар. “Настяны биэс сааһыттан дьарыктаабытым. Настя оҕо эрдэҕиттэн баҕалаах, сыалын – соругун ситиһэр дьулуурдаах баҕайы этэ. Алта саастааҕар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төхтүр нэһилиэгэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин олоҥхо оҕотобун” күрэххэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхоттон быһа тардан ыллаан “Саамай эдэр кыттааччы “диэн номинация ылан, махтал суругунан наҕараадаланан үөрэн- көтөн кэлбитэ” диэн ахтар биһиги киэн туттар олоҥхоһут кыыспыт, Настя бастакы ситиһиилэрин туһунан.
2001 сыллаахха оскуолаттан уурайан сынньалаҥ киинигэр методиһынан үлэлии киирбитэ. Эрдэ тэриллибит “Кылыһах” ансаамбыл симэлийэн, уостан хаалбытын сөргүтэн,ыллыыр – туойар баҕалаах дьон түмсэн ансаамбыл иккис тыынын ылан улууска да өрөспүүбүлүкэҕэ да биллэр буолан барбыта. Бу ансаамбылга дьарыктанан, ыллаан –туойан чочуллан Николай Григорьев өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ олоҥхоһута буолла, быйыл киниэхэ Ил Дархан анал стипендията ананна.
2002 сыллаахха Чакыр нэһилиэгин орто саастаах дьахталларыгар “Күбэй” ансаамбыл тэрийбитэ. Барыта ырыа алыбар ылларбыт, көхтөөх ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ сылдьыбыттара. 2006 сылтан 2011 сылга дылы Чакыр сынньалаҥ киинин директорынан үлэлээбитэ. 2008 сыллаахха Үөһээ –Бүлүү олоҥхоһута Кирилл Никифоров суруйбут “Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур” олоҥхотун туруорбуттара. Бу олоҥхо -спектаклынан улуус иһинэн ыытыллыбыт драмкөрүү фестивалыгар бастакы миэстэни ылбыттара. Вера Иннокентьевна 2011 сыллаахха дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан Чурапчыга көһөн кэлбитэ. Манна да тэрийэр дьоҕурдаах киһи таах сылдьыбатаҕа. ”Арчы “дьиэтигэр “Көмүлүөк” фольклорнай ансаамбылы тэрийэн,2015 сыллаахха Чурапчыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кыттыыны ылбыттара. Нэһилиэк иһинэн “Ахтылҕан” вокальнай ансаамбылы тэрийэн, улууспут иһигэр, Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа ырыа күрэхтэригэр кыттан лауреат, дипломан үрдүк аатын ылбыттара. 2019 сылтан Айылгы НАДь иһинэн аҕам саастаахтар олоҥхоһуттарын бөлөҕүн тэрийэн дьарыктыыр. Бу бөлөх улууска ыытыллар олоҥхо түһүлгэлэригэр бириистээх миэстэттэн түспэт. 2022 сыллаахха Үөһээ – Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Пелагея Терютина -Ырыа Ымыычаан “ Уолусхан улаан аттаах Уһук туйгун бухатыыр” олоҥхотун толорон анал аакка тиксибитэ, бу улахан түһүлгэҕэ “Кылыгырыы дьиэрэй, кылыһахтаах тойугум” күрэххэ Вера Оконешникова салайар тойуксуттар бөлөхтөрө үһүс үрдэли ылбыта. Онтон быйыл кулун тутарга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Уруйдан Улуу олоҥхобут” фестивалга Кылаан бирииһи ылар чиэскэ тиксибитэ. Сайын Ытык Өймөкөөн сиригэр ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар бөлөҕүнэн куолаан толорооччулар ортолоругар иккис үрдэли ылбыта.
Вера Иннокентьевна хаһан да бэйэтин ситиһиилэрин кэпсэнэ сылдьыбат, култуураҕа үлэлээбитин тухары үлэҕэ саҥа сүүрээннэри киллэрбит айар куттаах киһи. Ханна да үлэлээтэр өбүгэбититтэн хаалбыт сүдү баайбытын – фольклору өрө тутан, ырыатын – тойугун тарҕатыыга , норуот айымньыта сайдарыгар үлэлээн кэллэ.Вера Иннокентьевна өссө да айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын.
Наталья Захарова