Чурапчыттан улахан государственнай общественнай салайааччы Илья Листиков төрөөбүтэ 95 сылыгар

Илья Павлович Болтоҥо Арыылааҕар Төбүрүөн сайылыкка үөрэҕэ суох тыа ыалыгар 1928 сыл от ыйын 26 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ уол адьас кыратыгар өлбүтэ. Оччотооҕу сэрии иннинээҕи оҕолор кыһалҕаларын кини этинэн-хаанынан билбитэ. 1937 сыллаахха Арыылаах начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1942-43 үөрэх дьылыгар кыайан үөрэммэтэҕэ, колхозка улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспитинэн барбыта. Сэрии бүтэр сылыгар Чурапчы сэттэ кылаастаах (ШКМ) оскуолатын бүтэрбитэ. 1948 сыллаахха Дьокуускай куоракка култуурунай-сырдатар училищены бүтэрэн, үлэһит буолар үөрүүтүн билбитэ. Дьылҕа хаан ыраах Анаабыр оройуонугар тиэрдибитэ, үлэтин култуура дьиэтин дириэктэринэн саҕалаабыта. Оройуон ыччаттара комсомол райкомун бастакы сэкирэтээринэн быыбардаабыттара. Анаабырга барыта 7 сыл үлэлээбитэ. “Сааскылаах мин үлэбин, олохпун саҕалаабыт биһигим. Сааскылаахха үлэлээбит, олорбут сылларым ааспыт олоҕум биир кэрэ, үгүһү-элбэҕи санатар саамай дьоллоох лоскуй кэмэ”, — диэн долгуйа ахтара Илья Павлович. Сааскылаахха 1951 сыл олунньуга Ленин партиятын кэккэтигэр киирбитэ, кэлин улахан общественнай-политическай олох аартыгын дабайарыгар эркээйи Анаабырга охсуллубута, улахан олох манна түстэммитэ. Тамбовскай уобаластан учууталлыы кэлбит номоҕон, кэрэ нуучча кыыһын Саша Савельеваны (Александра Васильевна Листикова) көрсүбүтэ, ыал-кэргэн буолбуттара. Бастакы оҕолоро, Володялара, Сааскылаахха төрөөбүтэ.

1955 сыллаахха Анаабыр ыччаттара, дьоно-сэргэтэ үлэҕэ дьоҕурдаах, инникигэ кэскиллээх Илья Павловиһы алгыс үтүө тылларын этэн комсомол уобаластааҕы кэмитиэтигэр үрдүкү үлэҕэ атаарбыттара. Манна кини уһуннук үлэлээбэтэҕэ. Сылтан эрэ ордорун кытта партия обкома Красноярскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуолаҕа ыыппыта.

Илья Павлович 1960 сыл балаҕан ыйыгар төрөөбүт Чурапчытыгар партийнай үлэҕэ ананан кэлбитэ. Бастаан партия райкомун партийнай кабинетын сэбиэдиссэйинэн анаммыта, адьас кылгас кэминэн райком сэкирэтээринэн талыллыбыта. Аны, сыл кэриҥэ буолан баран, бөдөҥсүйбүт Эрилик Эристиин аатынан колхуос парткомун сэкирэтээринэн үлэлиир буолбута. Ити сылларга аан бастаан партия обкомун чилиэнинэн быыбардаммыта. Ол кэмнэргэ бөдөҥсүтүү үгэннээн турар кэмэ этэ. Чурапчы уонна Таатта оройуоннара холбоһоннор Алексеевскай производственнай партком тэриллибитэ. Илья Павлович сэкирэтээри солбуйааччынан буолбута. Сотору 1965 сыл саҥатыгар оройуоннар чөллөрүгэр түһэриллибиттэрэ, Илья Павлович партия Чурапчытааҕы райкомун иккис сэкирэтээринэн быыбардаммыта.

1968 сыл муус устарга оройуон коммунистара партия райкомун бастакы сэкирэтээрин дуоһунаһын итэҕэйбиттэрэ.

Илья Павлович партийнай үлэ истиилин сыыйа баһылаан, үлэҕэ буһан-хатан, үөрүйэхтэнэн-уопутуран, уһаарыллан испитэ. Биир түгэни олох умнубат. Ол “айдааннааҕынан” аатырбыт ХIХ-с оройуоннааҕы партийнай конференция этэ. Бу конференция киниэхэ уонна үгүспүтүгэр даҕаны олох дьиҥнээх оскуолатынан буолбута. Конференция 1965 сыл тохсунньуга ыытыллыбыта. Атын киһини тиэйэн аҕалан бастакы сэкирэтээринэн таллара сатаабыттара. Оройуон дэлэгээттэрэ партия обкомун ыгыытыгар бэриммэтэхтэрэ, үлэттэн уһуллубут Е.М. Филипповы партия райкомун бастакы сэкирэтээринэн талбыттара. Илья Павлович сүрүн болҕомтотун оройуоннааҕы партийнай тэрилтэни ахсаан уонна хаачыстыба өттүнэн тупсарыыга, маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэлэри бөҕөргөтүүгэ, кадрдары иитиигэ, үөрэтиигэ уонна аттаран туруорууга уурбута. Ол түмүгэр коммунистар ахсааннара 2 төгүл улаатан, 1985 сылга 700-тэн тахсыбыта, 4 партком, 29 маҥнайгы сүһүөх тэрилтэ баар буолбута. Райком аппаратыгар бары өттүнэн бэлэмнээх кадрдар үлэлээбиттэрэ. Илья Павловичка иккис сэкирэтээрдэр Г.М. Сысолятин, М.Е. Пермяков, С.П. Макаров, И.Н. Аммосов, сэкирэтээрдэр Д.Д. Дьячковскай, Е.М. Макарова, А.С. Птицына уонна бары отдел сэбиэдиссэйдэрэ улахан көмө, күүс, тирэх буолбуттара.

Партия ыытар үлэтин быһаччы толорооччуларынан Сэбиэттэр буолаллара. Маннык эппиэттээх үлэҕэ, быыбардааччылар итэҕэллэрин толорон, Илья Павловиһы кытта тэҥҥэ, этэргэ дылы, биир бурҕалдьыны кэтэн, оройуон сайдарын туһугар балайда уһуннук райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлэ С.Г. Охлопков, Р.Р. Бурнашев, М.Е. Пермяков,С.П. Макаров уонна солбуйааччылар А.С. Шадрин, М. И. Белых, А.Е. Филиппов, А.А. Шадрин, В.М. Неустроев уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.

Илья Павлович, бастатан туран, партия райкомун үлэтин айылҕаттан атаҕастаммыт оройуон тыатын хаһаайыстыбата кэскиллээхтик сайдыытыгар туһулаабыта, билиитин-көрүүтүн, үгүс сыратын, кыаҕын биэрбитэ. Колхозтар совхозтарга уларыта тутуллубуттара, уопуттаах салайааччылары сэргэ саҥа, эдэр тыа хаһаайыстыбатын дьоҕурдаах кадрдара иитиллэн тахсыбыттара, үлэ дьонугар улахан болҕомто ууруллубута. М.Р. Яковлев, Е.С. Николаев, А.А. Шадрин, Р.А. Филиппов, Е.П. Коркин, В.Х. Жебсаин, В.С. Лыткин, С.И. Сергеев, А.В. Ефремов, Е.Е. Васильев, Н.Д Пермяков, И.Н. Аммосов, В.П. Чичигинаров, Н.Г. Михайлов уо.д.а. оройуон колхозтарын, совхозтарын экономиката сайдарыгар, бородууксуйаны ылыыны үрдэтиигэ, саҥаны олохтооһуҥҥа, бөһүөлэктэр социальнай эйгэлэрэ сайдыытыгар, дьон олоҕо-дьаһаҕа тупсуутугар оройуоннааҕы партийнай тэрилтэ аграрнай политикатын олоххо киллэрэн, үгүс кэскиллээх, үчүгэй түмүктэрдээх үлэни ыыппыттарын Илья Павлович махтанан, астынан туран ахтара.

Бу сылларга Нуотараҕа, Амма салаа үрэхтэригэр, Мэҥэригэ, Бэрэҕэ, Халааныга, дойду иһигэр уонунан тыһыынча гектардаах ходуһа сирэ оҥоһуллубута, ууну хаайар быһыттар тутуллубуттара, бааһына иэнэ муҥутаан 9800 гектарга тиэрдиллибитэ. Совхозтарга толору механизацияламмыт бөдөҥ производственнай объектар тутуллубуттара. Бу барыта сиртэн, сүөһүттэн бородууксуйаны ылыыны тосту үрдэппитэ. Оройуоҥҥа муҥутаан ынах сүөһү ахсаана 26 689, сылгы 14 164 төбөҕө тиэрдиллибитэ. Биир фуражнай ынахтан 1465 килограмм үүт ыаммыта. Эдэр сүөһүнү анаан уотан элбэх эти ылыыга хамсааһын оҥоһуллубута. Совхозтар сылга 9237 тонна үүтү, 2754 тонна эти судаарыстыбаҕа туттарар буолбуттара. Үүнүүлээх дьылларга гектартан 11 центнер бурдук хомуллара. Оройуон чемпион-рекордсмен ыанньыксыта, Октябрьскай революция уонна Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ А.Т. Кузьмина биир ынахтан 4296 кг үүтү ыабыта, сылгы иитиитигэр М.С. Толстоухов ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын аатын ылар чиэстэммитэ. Норуоттар Доҕордоһуулара орден кавалера Н.Н.  Новгородов 50 гектар иэннээх бааһынаттан хас биирдии гектарыттан 120,7 ц хортуоппуйу үүннэрэ сылдьыбыта. Бу үрдүк көрдөрүүлэр халлаантан түспэтэхтэрэ. Элбэх тэрийэр үлэттэн, дьону үлэҕэ түмүүттэн тахсыбыттара.

Барыта санаа хоту буолбатах этэ: үгүс күчүмэҕэйдэр, кураан дьыллар, “ыарахан” кыстыктар кэмиттэн кэмигэр хаарыйталаан ааһаллара. Ордук 1973 уонна 1978 сыллар кураан сайыннара кини өйүттэн-санаатыттан арахпаттара. От ыйын саҥата хаар хаһыҥнар түспүттэрэ, оттуур от үүммэтэҕэ. Нуотаранан,  Амма уҥуоргу үрэхтэринэн сэрбэйбити барытын имири оттоон баран, отчуттарбыт Нуотараттан быһа Бүлүү Мастааҕар балаҕан ыйын саҥатыгар көтөн тиийбиттэрэ, 1000-тан тахса тонна оту бэлэмнээбиттэрэ. Кыһынын 1500 тонна от тиэллибитэ. Дьэ манна биллибитэ ким туга-ханныга.

Партия райкомун бастакы сэкирэтээрэ И.П. Листиков оройуон сайдыытын кэскиллээх боппуруостарынан күннэтэ утумнаахтык дьарыктаммыта, үгүс хоннохтоох кэпсэтиилэри ыыппыта. Оройуон бүтүннүүтэ биир кэлим энергетическэй ситимҥэ киирбитэ. 1981 сылтан саҕалаан Арҕаа Чаачыгыйтан Чурапчыга диэри 103 км усталаах кутуу суол тутуллан 1988 с. Чурапчыны булбута.

Бу сылларга капитальнай тутуу киэҥ далааһыннаммыта. Балайда кыахтаах “Якутсельстрой” уонна “Межсовхозстрой” тутар тэрилтэлэрэ тэриллибиттэрэ. Оройуон киинигэр дьон олорор бүтүн кварталлара тутуллубутгара.

Киэҥ-куоҥ механизированнай хотоннор, типовой гаражтар, өрөмүөннүүр мастарыскыайдар баар буолбуттара. Оройуон бэйэтин күүһүнэн таас тутууга киирэрин туһунан санаалар партийнай конференцияларга, пленумнарга, онтон да атын таһымнаах араас мунньахтарга этиллэр буолбуттара. Оччотооҕуга, суол суоҕар, тиэйэр-таһар техникэ кырыымчыгар, дьэ, бу улахан уустук сорудах этэ. Онтон чаҕыйбакка, Илья Павлович бэйэтэ сөбүлээн этэринии, “харытын ньыппарынан туран”, ылсыбыта. 1978 сыллаахха партия райкомун административнай таас дьиэтэ, 8 квартиралаах олорор дьиэ Чурапчы биир тумулун киэргэппиттэрэ. Оройуоҥҥа таас тутууну ыытар кыаллыаҕын олох көрдөрбүтэ. Интернат-оскуолаҕа бэртээхэй таас спортзал үлэҕэ киирбитэ, таас баанньык, гаражтар, котельнай тутуллубуттара. “Сельхозтехника” холбоһуга бэйэтин күүһүнэн (управляющайдар А.А. Шадрин, Е.А. Борисов көҕүлээһиннэринэн) таас мастарыскыайы, гарааһы уонна уһуйааны кылгас кэм иһигэр туппуттара. Таас орто оскуола, олох-дьаһах кэмбинээтэ, госбанк, автовокзал дьиэлэрин тутуу саҕаламмыта.

Социалистическай куоталаһыы диэн көҕүтүһэн-куоталаһан үлэлээһин күүскэ ыытыллыбыта. Совхозтар, тэрилтэлэр, биригээдэлэр, звенолар, сыахтар уонна биирдиилээн үлэһиттэр икки ардыларыгар көҕүтүһэн үлэлээһин түмүгэр оройуон рекордсменнара, чемпионнара үүнэн тахсыбыттара, бэрт үгүс ахсааннаах үлэ бастыҥнара Союз, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадаларынан бэлиэтэммиттэрэ, бочуоттаах ааттар иҥэриллибиттэрэ.

1977 сыллаахха Нерюнгри куорат үлэһиттэрин кытта шефтэһии дуогабарыгар илии баттаммыта. Совхозтар Нерюнгри бөдөҥ тэрилтэлэрин кытта быһаччы сибээстэспиттэрэ, оройуоҥҥа араас өрүттээх улахан көмө оҥоһуллубута.

Оройуон үлэһиттэрин уонна ыччаттарын революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ Албан аат үгэстэригэр иитиигэ киэҥ өрүттээх, утумнаах үлэ ыытыллыбыта.

Норуот үөрэҕириитигэр, култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, физкултуураҕа уонна успуорка саҥалыы сыһыан олохтоммута, сайдыы саҥа кэрдииһэ саҕаламмыта. Бүттүүн аҕыс, онтон орто үөрэхтээһин бырагырааммата олоххо киирбитэ. Оҕону кылааска иккис сылын хаалларбакка үөрэтиини өрөспүүбүлүкэҕэ көҕүлээччинэн Одьулуун аҕыс кылаастаах оскуолатын кэлэктиибэ буолбута, оскуолаларга кабинетнай систиэмэҕэ киирии уонна производственнай үөрэхтээһин ыытыллыбыта. Одьулууҥҥа 13-с №-дээх СПТУ, интернат-оскуолаҕа оҕо спортивнай оскуолата аһыллыбыттара. Саҥа оскуола дьиэлэрэ хас нэһилиэк ахсын тутуллубуттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан чурапчылар оҕо иккис сменаҕа үөрэниитин суох оҥорбуттара.

И.П. Листиков үлэтин хайысхатынан оройуоҥҥа физкултуура уонна успуорт сайдыытын улаханнык өйөөбүтэ уонна көмөлөспүтэ. Утумнаах үлэ уонна сөптөөх базаны тэрийии түмүгэр успуорт маассабайдык тэнийбитэ, оройуон ыспарсымыаннара өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа, Союзка, Европаҕа, Аан дойдуга, Олимпийскай оонньууларга тиийэ сөҕүмэр ситиһиилэммиттэрэ.

Култуура эйгэтигэр улахан хамсааһын тахсыбыта, аныгылыы тииптээх култуура дьиэлэрэ хас бөһүөлэк ахсын тутуллубуттара, кулууптар култуура дьиэлэрэ буола уларытыллыбыттара, библиотекалар кииннэммит биир библиотечнай ситимҥэ киирбиттэрэ. Чурапчыга уонна Дириҥҥэ норуодунай театрдар, художественнай кылаастар, Дириҥҥэ музыкальнай оскуола аһыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн норуот уус-уран оҥоһуктарын тилиннэрии, сайыннарыы Чурапчыттан саҕаламмыта. Доруобуйа харыстабылын кадрдарынан хааччыйыыга, базаны кэҥэтиигэ, участковай балыыһалары астарыыга үгүс өрүттээх үлэ барбыта, 50 миэстэлээх таас балыыһа комплексын тутуу оччоттон кэпсэтиигэ турбута да кыаллыбатаҕа. Ол тутуу кэлин саҕаламмытын Илья Павлович үөрэ истэрэ.

XI-с пятилетка түмүгүнэн оройуон ССКП КК, ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин, ПБСКС уонна ЫБСЛКС КК көһөрүллэ сылдьар Кыһыл знамятынан наҕараадаламмыта.

И.П. Листиков 19 сыл партия уобаластааҕы кэмитиэтин чилиэнинэн, Саха АССР Верховнай Советын депутатынан түөрт ыҥырыыга (созывтарга) быыбардаммыта. 1975-1980 сс. Верховнай Совет Бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Куоракка киирэн баран уобаластааҕы партийнай тэрилтэ партийнай комиссиятын чилиэнинэн үлэлээбитэ. Бу үрдүкү дуоһунастары, дьон итэҕэлин кини тус бэйэтин олоҕун уйгутун туһугар хаһан даҕаны туһана сатаабатаҕа. Бу барыта оройуонун, дойдутун Чурапчы кэскилин быһаарыыга араас таһымнаах салайааччылары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ, үгүс өрүттээх боппуруостары быһаарсарга, элбэх тэрилтэлэргэ тутулуга, кэтэһиитэ-манаһыыта суох сылдьарга кыаҕы биэрэллэрэ.

И.П. Листиков 1985 сыл кыһыныгар доруобуйатынан Дьокуускайга көһөн киирбитэ. Манна кини, төһө да ыарыйдар, үлэлиирин уураппатаҕа, ССКП уобаластааҕы кэмитиэтин партийнай комиссиятын чилиэнэ этэ. Оннооҕор торуосканан арыычча хаама сылдьан 1987 сыл сааһыгар Депутатскайга онтон Уус-Дьааҥы оройуонун партийнай тэрилтэтигэр коммунистар дьиссипилиинэлэрин туругун бэрибиэркэлээн командировкаҕа баран кэлбитэ. Бу кини бүтэһик командировката этэ. Ыарыыта бэргээн Илья Павлович 1988 сыллаахха союһунай суолталаах пенсияҕа тахсыбыта.

Илья Павлович олус дойдумсах, оройуонун дьиҥнээх патриота. Чурапчыга олорон  Болтоҥотун  ахтара, кустуу, куобахтыы тахсара. Куоракка олорон өйө-санаата, дууһата син-биир Чурапчытыгар буолара. “Саҥа олоҕу” көтүппэккэ ааҕара, сонуну барытын ыйыталаһан истэ-билэ олороро, улуус ситиһиититтэн үөрэрэ-көтөрө, олох-дьаһах ыараабытыттан, оҥорон таһаарыы таҥнары барыытыттан хомойоро.

И.П. Листиков үйэ аҥаарыттан кыратык чорбойор кэм устата кэргэнэ Александра Васильевналыын олус эйэлээхтик, бэйэ-бэйэлэрин улаханнык ытыктаһан, убаастаһан биир үтүө-мааны ыал буолан олорбуттара. Ол эрээри олох хаһыҥнара кинилэри эмиэ тумнубатаҕа, бэрт охсуулаахтык хаарыйталаан ааспыттара. Бастакы оҕолоро Володя соҕуруу Новосибирскай куоракка университет иккис курсугар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьан 1973 сыл сааһыгар оһолго былдьаммыта. Илья Павлович бэйэтэ 1984 сылтан саҕалаан атаҕынан ыалдьыбыта, ыарахан операцияны Москва куоракка оҥорторбута. Бу ыарыы кинини сүүрбэччэ сыл буулаабыта, кэлин түөрт сылга суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Маннык ыарахан кэмҥэ Илья Павлович тулуурдааҕын, кытаанах санаалааҕын, олоххо тардыһыылааҕын табаарыстара көрөн итэҕэйбиттэрэ. Кини маннык ыар кэмнэригэр эн-мин дэһэн кэлбит олоҕун эрэллээх доҕоро, үтүө дууһалаах нуучча дьахтара Александра Васильевна кэргэнин оҕо курдук көрбүтэ-истибитэ, бүөбэйдээбитэ, үйэтин уһаппыта. Илья Павлович кэргэнигэр уонна уолугар Павелга олус махтанара.

Илья Павлович бииргэ төрөөбүтэ Андрей Павлович Листиков өр сылларга промкомбинаты ситиһиилээхтик салайбыта. Балтылара Полина Павловна, Татьяна Павловна күн бүгүнүгэр диэри оройуон сайдыытын туһугар үлэлээн кэллилэр.

Дьэ маннык киһи эрэ кэрэхсиир улахан олоҕу олорон ааспыта биһиги улаханнык убаастыыр, ытыктыыр, аҕа табаарыс туттар киһибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден уонна элбэх мэтээллэр кавалердара, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина, персональнай пенсионер Илья Павлович Листиков.

(«Бар дьонун итэҕэлинэн» кинигэттэн)