Чурапчыттан норуот маастара, кэрэни айан-тутан таһаарар Альбина Дьячковская

Хас биирдии киһи бу олоххо туох эрэ сырдыгы, үйэлээҕи айа-тута, үтүөнү үмүөрүтэ, кэрэни кэрэхсии, үөрүүнү үксэтэ кэлэр. Дьылҕа хаан ыйааҕынан суолгун таба тайанан, дууһаҥ сытар дьыалатын булунан анаммыт ыллыккынан эрэллээхтик инниҥ диэки хардыылыыр буоллаххына, дьоҥҥо холобур буоларыҥ, туһаны аҕаларыҥ, айымньылаахтык үлэлиириҥ уон оччонон үрдүүр, кэҥиир аналлаах.

Бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыта илиитинэн тутан-хабан кэрэ эйгэни айан таһаарарын ааһан ол билиитин-көрүүтүн үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэр, үөрэтэр идэлээх Альбина Дьячковская.   Кини норуот маастара, «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога, бу идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ номнуо 30-ча сыл буолла.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Саха өрөспүүбүлүкэтин, Чурапчы улууһун норуотун маастара, «Саха сиригэр эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката Альбина Дьячковская айымньылаах тус үлэтин тиһиктэрэ:

2007 с. эбии үөрэхтээһин педагогтарын «Сердце отдаю детям» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэрин кыайыылааҕа;

2017 с. улуустааҕы «Далбар Хотун» куонкурус кыайыылааҕа;

2017 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күөн күрэс «Уран Хотун» номинация кыайыылааҕа;

2019 с. Нам улууһугар ыытыллыбыт XIII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕыгар сахалыы таҥас күөн күрэһин (Дьиэ кэргэн маанылаах таҥаһа) кыайыылааҕа;

2019 с. Нам улууһугар ыытыллыбыт XIII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕыгар «Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, кылаан түү кыбытыылаах саха далбар мааны таҥаһа»  күөн күрэс кыайыылааҕа;

2019 с. «ТекСтильный букет» норуоттар икки ардыларынааҕы декоративнай ускуустуба фестивалын дипломун хаһаайката;

2022 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска түөскэ кэтиллэр бастыҥ киэргэли оҥоруу иһин 2-с истиэпэннээх диплом хаһаайката;

XXI-с Евразия национальнай көстүүмҥэ үрдүкү муодатын куонкуруһун дипломун хаһаайката;

XXII-с Евразия «Этно-Эрато» национальнай көстүүмҥэ үрдүкү муодатын куонкуруһун 1-кы истиэпэннээх дипломун хаһаайката.

 

Дьячковскайдар ыал бастаан Одьулуун нэһилиэгэр олорбуттар. 1995 сыллаахха Чурапчыга көһөн киирэн дьиэ туттан, туһунан буруо таһааран, икки уол, биир кыыс оҕоломмуттар. Билигин улахан уол тутууга, кыра уол омук тылын учууталынан Дьокуускайга, кыыстара Москва куоракка улахан тутуу тэрилтэтигэр проектировщигынан үлэлииллэр.

Альбина Семеновна, Николай Егорович дьиэлэригэр сырыттахха, киһи ураты иэйиигэ куустарар. Маннык курдук ис киирбэх, сибэккинэн, күөх үүнээйинэн толору, мал-сал барыта орун-оннугар уурбут-туппут курдук истиҥ-иһирэх тыыннаах дьиэ аҕыйах диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Хаһаайыттар миэбэллэрин бука барытын бэйэлэрин илиилэрин сылааһын иҥэрэн оҥорбуттара тута харахха быраҕыллар. Альбина Семеновна этэринэн, бастаан утаа бу кинилэр олорор алаастара саас, күһүн мэлдьи толору уулаах буолан дьиэ өрүү сииктээх, киһи кута-сүрэ тохтообот эбитэ үһү. Дьиэ кэргэҥҥэ бэл дьиэлэрин атыылаан киин куоракка көһөр санаалар киирэ сылдьыбыттар. «Ол эрэн оҕолорбут төрөөбүт, улааппыт дьиэлэрин харыһыйаллар, харыстыыллар, күндүтүк саныыллар эбит диэн түмүккэ кэлэн, аҕыйах сыллааҕыта дьиэбитин көтүрэн, акылаатын бүтүннүү көтөхтөрөн, буор кутан, маһынан үрдэтэн, барытын саҥардан, толору хааччыллыы киллэрэн улахан өрөмүөн оҥорбуппут. Кэргэним Николай Егорович быраатынаан, уолаттарынаан үлэ бөҕөнү көрсүбүттэрэ»,-диэн үллэстэр Альбина Семеновна. Инньэ гынан ыал ийэтэ саҥардыллыбыт дьиэтэ үгүс үбү угары ирдээбэккэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр санаатын ууран, араас ньыманы тобуларга дьулуһар. Онон Санкт-Петербург куоракка «Редизайн» диэн үөрэх баарын булан дистанционнай форматынан үөрэммит. Ол кэмҥэ биллэр дизайнер Дая Заворохина эргэ миэбэли саҥа тыынныырга туттуллар экологическай кырааскаларын киэҥ араҥаҕа таһааран эрэр кэмэ буолан, Альбина Семеновна киниэхэ партнер быһыытынан үлэлэһэргэ ылсыбыт. Дьэ уонна ылбыт билиитин туһанан дьыбаантан, олоппостон саҕалаан араас ыскааптарга тиийэ уруккуну саҥардан оҥорон саҕалаабыттар. «Киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбут миэбэлэ барыта тыыннаах курдук, ураты ауралаах буолар. Маҕаһыынтан атыылаһыы мал оннук буолбат. Ол иһин дьиэм иһигэр баары барытын тупсарарга, араас ньыманы туһанан саҥа тыынныырга, киэргэтэргэ кыһаллабын»,-диэн санаатын үллэстэр дьиэ кэргэн далбар хотуна.

Дьячковскайдар тиэргэннэригэр киһи болҕомтотун тута тардар өссө биир уораҕай —саха балаҕана буолар. «Мин оҕо эрдэхпиттэн сайын аайы сынньалаҥмын эбэбэр, эһэбэр балаҕаҥҥа атаарбыт буоламмын ол ураты кэмнэри олус диэн ахтар этим. Инньэ гынан олоҕум аргыһыгар этии киллэрэн Николай Егорович уолаттарынаан, сиэннэринээн иллэрээ сыл бу балаҕаммытын тутан саҕалаабыттара. Билигин да иһигэр ситэрэрбит-оһорорбут үгүс. Ол эрэн холлоҕосторунан туруору уруккулуу оҥоһуулаах балаҕаммыт номнуо дьиэ кэргэммитин биир тыыҥҥа түмэр сирбит буолбутуттан бары да астынабыт. Манна сахалыы иһиттэри, малы-салы мунньабын. Өссө да оҥоһуллара, ситэриллэрэ үгүс. Үөрэрим диэн сиэннэрбит аҕаларын, эһэлэрин кытары тэбис-тэҥҥэ бу балаҕаммыт тутуутугар үлэлэспиттэрэ уонна сиэммит ол тиэмэтигэр дакылаат бэлэмнээн научнай-практическай конференцияҕа бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ»,-диэн Альбина Семеновна кэпсиир.

Хаһыаппыт бүгүҥҥү дьоруойа ис киирбэх көстөр дьүһүнүттэн, тутта-хапта сылдьарыттан даҕаны кини үлэтэ кэрэ эйгэтин кытта ситимнээҕэ тута биллэр. «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин саҥа уораҕайын иккис этээһигэр кини айар-тутар мастарыскыайыгар «Иэйии» куруһуокка дьарыктанар оҕолор үөрэ-көтө айманаллара иһиллэр. Кинилэртэн хас биирдиилэриттэн да туоһуластахха, бары биир киһи курдук, куруһуоктарын, салайааччыларын олус диэн сөбүлүүллэрин этэллэр, соторутааҕыта Кытайга Янцзы куоракка фестивальга кыттан Гран-при хаһаайыттара буолбуттарын, Владивостокка океанариумҥа, «Стекляннай бухтаҕа» сылдьыбыттарын өрүсүһэ кэпсииллэр. Салайааччылара Альбина Семеновна ыйыытынан-кэрдиитинэн ол «Стекляннай бухтаттан» аҕалбыт таастарынан кыраасканы, эпоксиднай сымаланы туһанан олус тупсаҕай хартыына оҥорбуттар.  Куруһуок араас хайысханы хабан үлэлиир. Ол курдук, оҕолор валяниенан, тигиинэн, эпоксиднай сымаланан уустаан-ураннаан оҥороллорун, айалларын таһынан «Ай. Тик. Кэт» муода тыйаатырыгар дьарыктаналлар. Ол эбэтэр кыра кылаастан умсугуйан дьарыктанар иитиллээччилэр оскуоланы түмүктүүллэригэр бэйэлэрин ааптарыскай таҥастарын коллекциятынан туспа көрүүлээх, буочардаах дизайнер, иистэнньэҥ да буолан тахсыахтарын сөп.   Альбина Семеновна: «Оҕо биир кабинет иһигэр олорон сайдыбат. Биһиги үлэлэрбитинэн үгүс күрэхтэргэ, көрүүлэргэ, маастар кылаастарга, фестивалларга, научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабыт. Ити оҕолор эппиттэрин курдук, быйыл кулун тутар ыйга Кытайга Янцзы куоракка баран «Ритмы дружбы» диэн фестивальга кыттаммыт Гран при хаһаайыттара буолан кэллибит. Ол иннинэн Турцияҕа сылдьыбыппыт. Маннык хабааннаах куонкурустарга сылдьан оҕолор харахтара кэҥиир, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥыыр, үлэбитигэр саҥа сүүрээннэр, идеялар киирэллэр. Биллэн турар, бу барыта төрөппүттэри кытары ыкса ситимнээх үлэттэн тахсар. Кинилэр бу студиябыт үлэтин өйүүр, оҕолоро сайдалларыгар улахан суолтаны уурар буоланнар биһиги эрэллээхтик иннибит диэки хардыылыыбыт. Эрдэ үөрэммит оҕолорбун, кинилэр төрөппүттэрин кытары билигин даҕаны сибээспитин быспакка билсэ сылдьабыт.

Бэйэм норуот маастара буоларым да быһыытынан, таҥас кырадаһыннарынан иистэниигэ, оҕуруонан быысабайдааһыҥҥа тирэҕирэрим да быһыытынан куруһуокпар оҕолору дьарыктыырбар сахалыы сүүрээннэри хайаан да киллэрэбин. Саха оҕото маны хайаан да билиэхтээх, этигэр-хааныгар иҥэриэхтээх, «биһиги күннээҕи кэтэр да таҥаспытыгар маннык элемиэннэри туттуохпутун сөп эбит ээ» диэн түмүккэ кэлиэхтээх дии саныыбын. Ол иһин иитиллээччилэрим бу мастарыскыайбыт иһинэн үлэлиир муода студиябытыгар тиктибит таҥастарын үөрүүнү кытары кэтэллэр. Быйылгыттан бу студиябыт үлэтин арыый уларытан мээнэ тикпит таҥастарынан муода көрдөрүү эрэ буолбакка таҥас коллекциятынан театрализованнай туруоруу оҥорон көрдөрөргө холонон эрэбит. Онон инники үлэбитигэр былааммыт киэҥ, «Үөрүү» кииммит саҥа дьиэҕэ киирэн үөрүүбүт үгүс»,-диэн санаатын үллэстэр.

Дьэ бу курдук Чурапчыбытыгар талба талааннаах, уран тарбахтаах, ураты дьоҕурдаах дьон биһиги кэккэбитигэр бааллар. Альбина Семеновнаҕа айымньылаах үлэтигэр өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары баҕарабыт!

 

Наталья Сибирякова