Чурапчыттан Мария Хоютанова – “Билиигинэн кыайыаҥ” истипиэндьийэ кыайыылааҕынан ааттанна

СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатынан “Билиигинэн кыайыаҥ” истипиэндьийэ быйылгы кыайыылаахтарын испииһэгин уопсастыбаннай хамыыһыйа мунньаҕар таһаардылар. Бу туһунан СӨ Билим дьоҕус академиятын тэрийэр-мэтэдиичэскэй салаата иһитиннэрдэ.

Устуоуйа быыһын сэгэтэн көрдөххө истипиэндьийэни Михаил Ефимович 2002 сыллаахха олохтообута. Билиҥҥи туругунан: 54 үөрэнээччи уонна дойду, тас дойду 70 уһулуччулаах педагога, билим уонна ускуустуба диэйэтэлэ истипиэндьийэ хаһаайынынан буолаллар.

Балаһыанньа быһыытынан, быйылгы куонкуруска уопсайа холбоон 64 сайаапка хомуллубут: 47 үөрэнээччи итиэннэ 17 педагог киирбиттэр. Уопсастыбаннай хамыыһыйа мунньаҕа алтынньы 31 күнүгэр ыытыллыбыт.

Анал истипиэндьийэ быйылгы кыайыылаахтарын ааттаатахха:

 Үөрэнээччилэргэ:

  1. Йола Бродникова, Анаабыр улууһун Сааскылаах орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  2. Вадим Быков, МИСИС национальнай чинчийэр технологическай университет 1 кууруһун устудьуона, Нерюнгри куорат 24-с нүөмэрдээх Информационнай-технологическай лиссиэйин бүтэрээччитэ, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  3. Дарья Шахурдина, В.А. Босиков аатынан СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын кэнсиэрдиир струннай инструменнар (скрипка) хаапыдыратын 2-с кууруһун устудьуона, ускуусутуба хайысхатыгар.

Педагогтарга:

  1. Мария Иустиновна Хоютанова, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия физикаҕа учуутала, билим-чинчийэр үлэ хайысхатыгар.
  2. Леонид Владимирович Подвигин, В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхэньиичэскэй лиссиэй географияҕа учуутала (2023-2024 үөрэх дьылыгар Москва к. 1788 нүөмэрдээх оскуолатын географияҕа учуутала) олимпиада хамсааһынын хайысхатыгар.
  3. Анатолий Иванович Власов, физика-математика билимин хандьыдаата, дассыан, Пензатааҕы судаарыстыбаннай университет ситимнээх үөрэххэ институтун естественнэй-математическай үөрэххэ хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, Пенза к., РФ олимпиада хамсааһына хайысхаҕа.
  4. Александра Анатольевна Неустроева, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба училищетын (кэллиэс) анал дьиссиппилиинэҕэ преподавателэ, ускуустуба хайысхатыгар.

Санатан эттэххэ “Билиигинэн кыайыаҥ” анал истипиэндьийэни туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ сэтинньи 13 күнүгэр “Саха” НКИХ устуудьуйатыгар киэһэ 17 чаастан буолуоҕа. Тэрээһини быһа биэриигэ көрдөрүөхтэрэ.

Сэмэн Жендринскэй