Ирина Саввична Соловьеваны – Чурапчы дьиҥнээх патриота диэн толору ааттыахпытын сөп, учуонай истиэпэннээх, таһыччы билиилээх-көрүүлээх учуутал, төрөөбүт дойдутуттан харыс да сири халбарыйбакка 40-ча сыл англия тылын предметигэр өрө таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьар.
Бэҕэһээ киэһэ, Александр Пушкин аатынан нуучча драматическай тыйаатырыгар Саха сирин педагогическай уопсастыбаннаһа кыттыылаах, Дойду үрдүнэн биллэриллибит Уһуйааччы уонна настаабынньык сылын түмүктээһин дьоро киэһэтэ буолан ааста. Бу манна, сүүһүнэн дьон-сэргэ ортотугар, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин итиэннэ үөрэх эйгэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын учууталыгар Ирина Саввична Соловьеваҕа, “Саха сирин үтүөлээх учуутала” аат иҥэрилиннэ.
Эрдэ этиллибитин курдук Ирина Соловьева олоҕун улахан аҥарын үөрэх эйгэтигэр анаата. Бу сыллар тухары хас эмэ көлүөнэ үөрэнээччи иитиллэн тахсан билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарынан тарҕанан айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр истэригэр биир бастыҥ үөрэнээччитинэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаевы ааттыахха сөп.
“Бу барыта соҕотох эрэ киһи ситиһиитэ буолбатах, бу бэйэм оскуолам бүттүүн ситиһиитэ. Учуутал, чуолаан англия тылын учуутала, араас эйгэни барытын билиэхтээх: успуорт, бэлиитикэ, кыыл-сүөл үөрэҕэ о.д.а. Өскөтүн англия тылын үөрэтэр учуутал атын туох даҕаны билиитэ суох буоллаҕына оҕолорго үөрэҕи биэрэр икки төгүл ыарахан буолар. Ол инниттэн биһиги буола турар чахчылары мэлдьи кэтээн көрөбүт, саҥаттан-саҥа технологиялары баһылыырга дьулуһабыт, сылтан-сыл аайы билиибит таһымын үрдэтинэбит. Бастатан туран оскуолам кэллиэгэлэригэр, үөрэнээччилэрбэр, бэйэм төрөппүттэрбэр улаханнык махтанабын. Бэйэм оҕо сааспар миэхэ бастыҥ холобурунан эдьиийим – Саха АССР үтүөлээх учуутала Марфа Дмитриевна Соловьева буолара, кини 1968 сыллаахха Москуба куоракка аан бастакытын ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы учууталлах сийиэстэрин дэлэгээтинэн сылдьыспыта. Кыра сааспыттан кини учуутал дьүөгэлэригэр, балтыларыгар сыһыанын өрүү умсугуйа көрөрүм, олус кыһамньылаахтык хас биирдии уруоктарыгар, мунньахтарга бэлэмэнэллэрин ымсыыра кэтэһэр-манаһар этим, кинилэр курдук буолуохпун наһаа баҕарарым”, — диэн Ирина Саввична истиҥник ахта-саныы кэпсээтэ.
Сэмэн Жендринскэй. Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ