Улууспутугар ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр рационализатор-блогер, Чурапчылар Кулибиммыт, летчикпыт Иннокентий Новгородов иитиэх кустаах сааскы булт кэмин арыйан күөлгэ хонон, дэлби тоҥон тахсан сарсыарда 5 чаас диэки саҥардыы утуйан истэҕинэ төрөппүт кыра уола төлөпүөннээн: “Дьиҥнээх “НТВ” ханаал үлэһиттэрэ, продюсер эрийэр эбит. Билигин сөбүлэһэр буоллаххына сөмөлүөккэ билиэт ылабыт, онон суһаллык Москубаҕа айаннааҥ”, — диэн илдьиттээбит.

Бу кылгас устуоруйа саҕаланыытын быһа тардан кэпсээтэххэ маннык. Ыстатыйабыт сүрүн дьоруойа Иннокентий Николаевич, сэрэдэ күн, киэһэ үлэтигэр олордоҕуна, арай билбэт нүөмэриттэн эрийэн, аатын-суолун туоһулаһан баран чахчы сөмөлүөтүнэн көтүөн сөбүн туһунан туоһуласпыт: “Бу биһиги “НТВ” ханаалын “За гранью” диэн биэриититтэн тиийдибит, биһиги биэриибитигэр кэлэҥҥин кыттыаҥ дуо? Биэриибитин өйүүн о.э. бээтинсэҕэ уһулабыт”. Манныгы истэн баран, тыа киһитин сиэринэн итэҕэйбэккэ, “түөкүттэр быһыылаах” диэн нүөмэрдэрин тутатына блоктаан баран, кыра уолуттан: “Бу дьоннору быһаарыс эрэ, хайдах эрэ муокас баҕайы дьоннор биллэ сырыттылар “НТВ” ханаалыгар Москубаҕа ыҥыраллар, эчи түргэттэрэ да бэрт, пааспарым дааннайдарын сурунан бараннар кэлин тугу эрэ моһуоктуохтара”, — диэн көрдөһөр. Өр өтөр буолбат, Иннокентий уола араас сирдэринэн төлөпүөннээн туоһулаһан, чахчы ити биэрии продюсердара сибээскэ тахса сылдьыбыттарын бигэргэтэр.

Инньэ гынан түҥ-таҥ түһэ сыһан, уһуйааҥҥа баран иһэр сиэнин төттөрү төнүннэрэн, кэргэнигэр звоннаан сөбүлэҥин ылан, сып-сап хомунан такси ыҥыра охсон Аллара Бэстээххэ сирилэтэн тиийэллэр, салгыы эбэни “Хивуһунан”  туораан, биэрэккэ оҕолоро утары көрсөннөр тутатына аэропорка илдьэллэр, кыл-мүччү сөмөлүөттэригэр олороот Москубаҕа көтөллөр. Аны прямой рейс суох буолан сөмөлүөттэрэ “АН-24” буолан биэрбит, бып-бытаан былыргы сөмөлүөт биир чаас хойутаан Өлүөхүмэҕэ көтөн тиийэн дьон түһэртээн, эбии дьону хомуйан Иркутскай куоракка илдьэр, буоларын курдук дэлби хойутааннар, тиһэҕэр киэһэ 22 чааска билиэттэриттэн мэлийэн хаалаллар. Үтүө дьон баар буоланнар тута гостиница буланнар, кыратык утуйа түһэн бараннар сарсыарда 5 чаас 40 мүнүүтэҕэ кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ көтөллөр. Москубаҕа сарсыарда 6 чаас 30 мүнүүтэҕэ тиийэллэр, утары такси көрүһүннэрэн устар устуудьуйаларыгар илдьэннэр, киириэхтэриттэн тахсыахтарыгар диэри барыта холбоон 8 чаас устата сырыттылар.

“Киллэрээт даҕаны дьүһүммүтүн-бодобутун көннөрөн оҥорбутунан бардылар. Аны эбиитин кустаан эҥиннээн, гостиницаҕа эмиэ аанньа утуйбакка, үһүс сууккабар илэ сылдьарым, кэргэним эмиэ айанын кэмигэр аны тымныйан хаалла. Чэ ол да буоллар хомунаммыт, дьоммут установкаларын барытын истэн, боппуруостарыгар бэлэмнэнним. Онтон “чэ, уочаратын кэллэ, кэл киир” диэтилэр, испэр “арыый боростуой соҕус буолуоҕа, кэлин бэйэлэрэ монтажтыыр” инилэр дии санаабытым. Арай киирбитим, ити “НТВ” ханаалыгар арааһынай биэриилэри ыыталлар дии, итилэри барытын декорацияларын уларыта-уларыта биир сиргэ усталлар эбит, киһи бөҕө, арааһынай эксперт бөҕөтүн ыҥырбыттар эбит, сорохторо туох эрэ артыыстара быһыылаах, онно киллэрэннэр “дьэ, бу кэллэ Новгородов” эҥин диэннэр устуудьуйаҕа олортулар. Онон-манан боппуорастары биэрдилэр, кэпсэттилэр ол кэнниттэн кэргэммин ыҥыраннар эмиэ аттыбар олортулар. Бэлэмнээбиттэрин курдук элбэх боппуруоһу биэрбэтилэр, бириэмэлэрэ да кылгас быһыылаах, чэ, бүттэ диэн буолла, биһиги ол биэриилэрин түмүктээбиппит диэххэ сөп, биһиги кэннибититтэн биир кырдьаҕас пааралар киирэн хаалбыттара. Ол кэнниттэн биирдиилээн крупным планом интервью ылбыттара, кэлин сюжекка холбоон биэриэхпит диэбиттэрэ. Бүттэ. Эмиэ гостиница бэлэмнээбиттэр этэ, баран хоннубут, сарсыарда такси сакаастаабыттара, төттөрү кэлэрбитигэр билиэт ылан биэрбиттэрэ уонна тутатына бэҕэһээ Москуба бириэмэтинэн 12 чааска көтөммүт дьиэбитигэр кэлэн бу сабыс-саҥа киирэн турабыт. Кылгастык ити курдук.

Биэриилэрин аата “За гранью” диэн, эрдэ бу передачаны көрбүт дьон өйдүүргүт буолуо, арыый сытыы соҕус, наар олохторугар табыллыбатах, социальнай хабааннаах биэриилэри таһаараллара. Онтон кэлин былааннарын уларытаннар, оптимистическай соҕус хайысхалаах оҥороору маҥнай араас талааннаах эмээхситтэри ыҥыран кытыннарбыттар онтон салгыы эмиэ дьикти идэлээх, ону ааһан бизнестээн “харчы өлөрө” сылдьар үөрэнээччилэри аҕалан кэпсэтиннэрбиттэр эбит. Онтон бу үһүс сырыыларыгар бу биһигини ыҥырбыттар, сааһыра барбыт дьону, төрүт кырдьаҕас биэнсийэлээхтэр эмиэ бааллара. Итиннэ сүрүн сыалларынан бу сырыыга араас экстремальнай көрүҥнэринэн дьарыктанар оҕонньоттору ыҥырыахха диэн буолбуттар эбит, маныаха саастарын тухары дьарыктаммыт диэн буолбакка, кырдьан баран дьарыгырбыттары диэн быһаарбыттар. Инньэ гынан алҕаска ол миигин арааһа куйаар ситимигэр ютуб ханаалга көрбүт буолуохтарын сөп. 100-тэн тахса биэрэстэлээх сиргэ ыалдьан сытар убайбар көтөн тиийбиппин көрөннөр, ол ону интэриэһиргээннэр, итини үөрэтэннэр ыҥырбыттар эбит. Сотору кэминэн ол биэриилэрэ бука “НТВ” ханаалыгар тахсара буолуо. Онно эрэ барытын көрүөхпүт турдаҕа”, — диэн биир дойдулаахпыт Иннокентий Николаевич өрүү буоларын курдук олус аһаҕастык, күлэ-үөрэ сэһэргээтэ.

 

Сэмэн Жендринскэй