Чурапчыттан Бүөтүр Калачев кинигэтин биһирээтим

Көҥүл тустууга уһулуччулаах тириэньэр Д.П.Коркин бастакы иитиллээччилэриттэн биирдэстэрэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Петр Николаевич Калачев Учууталым илиитэ диэн кинигэтин бэлэх тутан олус интэриэһиргээн аахтым.

Тоҕо  диэтэргит Дмитрий Петрович биир бастыҥ үөрэнээччитэ учууталын  туһунан суруйуута ,санаатын дьоҥҥо тиэрдиитэ,хайа да бэйэлээх киһи, болҕомтотун  тардара чахчы… Онуоха  эбии Петр Николаевич үйэтин тухары учуутал, олус сэмэй, көнө сүрүннээх, оҕо-аймахха ураты атын көрүүлэрдээх, талааннаах  педагог быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Кини суруйуута олох кырдьыктаах уонна хайаан да ураты көрүүлээх этиилэрдээх буолуо диэн сүрэхпинэн сэрэйэн таттаран олорон аахтым. Петр Николаевич 53 сыл оҕо-аймаҕы кытта дьулуһан, дьаныһан туран үлэлээбит киһибуоларынан, кинигэтэ учуутал хараҕынан суруллубут.

Ол курдук “сөп-сөп”,  “инники эппитим курдук” диэн ааҕааччыны хат-хат өйдөтөн, ити эппитин хатылаан, лаппыйан хос суруйан иһэрэ, бу учууталлар “профессиональнай” ыарыылара буолар… Оҕолору өйдөтө сатаан лаппыйан үөрэтии биир көрүҥэ. Ол кини өйүгэр күүскэ иҥмитэ өтө көстөр. Ол да буоллар тустуу оскуолатын эт бэйэтинэн барбыт, элбэх тустууктары кытары алтыспыт буолан, оччотооҕу кэми, үөрэммит, тустубут сылларын оскуолатын, оччотоҕу көлүөнэ тустууктарын, Саха сирин ол кэминээҕи уонна инники олорон ааспыт   чулуу  бөҕөстөрүн  хараххар ойуулаан көрөн олорон ааҕаҕын.

Мин 1970 сыллартан Чурапчы оройуоннааҕы култуура салаатын уонна дьиэтин үлэһитэ буолан үгүс тустуу түһүлгэлэрин, эт харахпынан элбэхтэ көрбүт, эҕэрдэ кэнсиэрдэри үгүстүк тэрийсибит киһи Дмитрий Петрович Коркин күрэхтэһиигэ тустар оҕолорун сыныйан көрө олорорун, сүбэлиирин син балай эмэ көрбөхтөөбүтүм. Үгүс аатырбыт бөҕөстөр тустууларын да көрбүтүм. Ол да иһин буолуо Дмитрий Коркин 70 сааһыгар анаан ыытыллыбыт  түһүлгэҕэ  анабыл хоһоон суруйан ыытыллыбыт көрсүһүү  дьоро киэһэтигэр  ааҕан турабын. Кэлин ол хоһоону “Уоланнар” бэстэбээллэригэр Афанасий Илларионов  аатынан Хайахсыт орто оскуолатын уолаттара уонна Акулина Кузьмина салайар үөрэнээччилэрэ араас сылларга ааҕан күрэхтэһэн тураллар. Ол хоһооммор Дмитрий Петрович
холку, киэҥ көҕүстээх, тустуугун, хамсаныытын  нүһэрдик чинчийэ  көрө олорорун сөҕөн ойуулаан суруйбуппун, Петр Николаевич эмиэ Дмитрий Петрович оннук майгылааҕын бэлиэтии көрөн бигэргэтэн суруйбут. Сүрдээх сэмэй, нүһэр, мээлэ тылынан халаастана, киһиргии, бырдаҥалыы сылдьыбат, оҕолорун биир көрүүнэн сөп оҥортуур, хаһан да оҕолору туораппат, “атын улуустаргыт” диэн сирэй-харах анньыбат, тулаайахтары, кыамматтары аһынар, адьас чугас аҕа, аймах  курдук сыһыаннаһарын тоһоҕолоон бэлиэтээбит. Дмитрий Петровиһы үөрэтэр оҕолоро да, үлэлиир  оскуолатын учууталлара, иитээччилэрэ, техническэй үлэһиттэрэ  да бары наһаа убаастыыллара, сүгүрүйэллэрэ, хайдах эрэ биир тыынынан, биир салгынынан  тыыналлара туораттан  харахха быраҕыллара. Ол көстүүнү үөрэнээччитэ Петр Николаевич эмиэ кыраҕатык бэлиэтээн суруйбут. Кырдьык борустуой  үлэһит Мария  Тимофеевна Спиридонова олус бэриниилээх, Коркин төлөннөөх көмөлөһөөччүлэриттэн биирдэстэрэ этэ. Олох таҥара курдук сыаналыыра. Дмитрий Петрович биир эрэллээх, киминэн да солбуллубат көмөлөһөөччүтэ  Константин Сергеевич Постников куруук киинэ камера сүгүүлээх, тустуук уолаттарын кус оҕотун курдук батыһыннаран, айанныырын үгүстүк көрөрбүт. Сүрдээх элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, үлэтигэр дьиҥ ыраас суобаһынан бэриниилээх киһи  этэ. Бу икки учуутал биир өйүнэн-санаанан Саха  тустуута сайдарын туһугар үлэлээбиттэрин Петр Николаевич саамай сөпкө суруйбут. ССРС  үтүөлээх  тириэньэрдэрэ Александр Иваницкай, Александр  Медведь оскуола-интэринээккэ  Чурапчыга кэлиилэрэ, көрсүһүүлэрэ  олус да истиҥник, иһирэхтик бар дьону сүргэлэрин көтөҕөн ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн Чурапчы дьоно тустууга, успуорка сүгүрүйүүлэрэ өссө күүһүрбүтэ.

Петр Николаевич тустуу сайдарыгар биир саамай харгыһынан арыгы иһиитэ буолбутун саамай сөпкө бэлиэтиир. Арыгы ас төһө да эдэр, күүстээх, өйдөөх буол, мэлдьитин үгэскэ  кубулутан аһыыр буоллаххына хайаан да олоххун айгыратар, хомолтолоохтук туоратар. Бу астан аккаастаныы  ыспарсымыан  уонна тириэньэр иннигэр билигин да кыалла илик көстүү буолар. Ол туһунан Петр Николаевич саамай сөпкө санааларын сааһылаан суруйбут.

Дмитрий Петрович “туох да наукаҕа  тирэҕирбэтэҕэ, борустуойдук  үөрэппитэ диэччилэр  да бааллар” диэн Петр Николаевич чахчы хомойон суруйар. Улуу тириэньэр суруйан, чинчийэн хаалларбыт үлэлэрин билигин да ситэ-хото болҕомтоҕо ылан тириэньэрдэр үлэлии иликтэрин  бэлиэтиир. Наукаҕа тирэҕирбэккэ, чинчийбэккэ, “атын омуктар тустууга туттар албастарын үөрэппэккэ эрэ киһи хайдах үрдүк  кирбиини ситиһиэй? Сүүһүнэн  Сойуус таһымнаах успуорт маастардарын, үс Олимпиеһы иитэн таһаарыай”  санаан да көрдөххө диэн түмүк оҥорор. Билиҥҥи интернет, түргэн тэтимнээх сайдыы, үчүгэй ас-таҥас, сылаас хааччыллыылаах дьиэ-уот үйэтигэр  омуктар бары тэҥ сайдыылаах таһымҥа олороллорун, онон өркөн өй, мындыр тиэхэньикэ, түргэн толкуй, сымса хамсаныы, арылла илик албас эрэ күлүүстэрин баһылаатаххына үрдүк ситиһии кэлэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир. Күннэтэ күүстээх  дьарык, тириэньэр үөрэтэр оҕолоругар бэйэтинэн холобур буолан туран уһуйар тоҕоостооҕун этэр. Билигин атын дьон үтүөтүн бэйэҕэ иҥэринэ сатааһын, кыра да ситиһиини күүркэтии, мин аҕай дэнии, урукку көлүөнэ дьон ситиһиилэрин билиммэт  буолуу  көстүүлэрэ тахсалларын, “Куоркун үйэтэ ааспыта” да диэччилэр баалларын ис сүрэҕиттэн хомойон суруйбут. “Олохтон туораабыт талааннары таһы-быһа умнан кэбиһии киэлитэ күүскэ өтөн киирэн иһэрин, өбүгэ ылбыт кирбиилэрин сиргэ-буорга тэпсибэккэ сиэрдээхтик аат-суол ылыы барара буоллар” диэн баҕарбыт!

Учууталын  Дмитрий Петрович Коркин олоҕун, үлэтин   холобур оҥостон, кини албан аатыгар сүгүрүйэн, кини үтүө ыраларын суолдьут сулус гынан, 53 сыл устата Чурапчы үүнэр көлүөнэ ыччатын кэрэҕэ кыттыһыннаран, үтүөҕэ кэккэлэһиннэрэн кэлбит ытык-мааны учууталга, уһуйааччыга  Петр Николаевич Калачевка саныыр санааларын түмэн бэртээхэй  кинигэни күн сиригэр көрдөрбүтүн иһин.ис-сүрэхтэн махтанабын, эҕэрдэлиибин! Эн үтүө санааларын өйөбүлү ыллыннар! Эн кэскиллээх этиилэрин эдэр көлүөнэ тириэньэрдэргэ эт сүрэхтэригэр тиийдин! Коркин ситиспит чыпчаалын  хатылыыр көлүөнэ тахсыахтын!

 

Бары үтүө санаалары кытта Мария Герасимова-Сэҥээрэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй