Бу күннэргэ, чуолаан тохсунньу 11-15 күннэригэр, Орловскай уобалас Орел куоратыгар, тэҥинэн үс улахан чөмпүйэнээт ыытыллан түмүктэнэн эрэр. Дойду 22 эрэгийиэниттэн 90-тан тахса ыспарсымыан кыттыыны ылла.
Бэҕэһээ киэһэ, улууспут успуорду сэҥээрээччилэрэ, дьөрү тыыммакка эрэ, интэринээт-оскуола физика предметигэр учуутала, Арассыыйа чулуу учуутала – Гавриил Михайлович Яковлев төрүт оҕунан ытарын кыраҕатык кэтээн көрдүлэр. Бу күрэххэ бэтэрээн эр дьоҥҥо, эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох бары биир тэҥҥэ күрэхтэстилэр.
Гавриил Михайлович финалга Башкортостан биллэр охчута Хурмат Тагировы кытары утарыта көрсүһүүгэ, ыппыт очукуоларынан баһыйа тутан Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолла.
Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ: “Гавриил Михайлович, дьэ кырдьык успуорка сыралаах, дьаныардаах дьарык, үлэ, талаан, дисциплинэ наадатын толору дакаастаата. Бука бары сөҕөбүт, эргиччи талаан! Биһиги ортобутугар Арассыыйа чөмпүйүөнэ!” – киэн тутта кэпсииллэр.
Сэмэн Жендринскэй