Чурапчыттан Андрей Степанов – “Басхан” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньуу кылаан кыайыылааҕа

Муус устар 9-10 күннэригэр Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо айымньытын киинэ, улуустааҕы “Сомоҕо” оҕо хамсааһына, Исидор Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа IV-төгүлүн “Басхан-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууну Саха автономиятын төрүттээччи Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Семен Донской аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институкка дириҥ, киэҥ суолтаны, өйдөбүлү ылан үрдүк тэрээһиннээхтик ыыттылар диэн СИА иһитиннэрэр.

 

“Басхан-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ барыта холбоон 13 улуустан 15 кыттааччы күөн көрсөн, өйдөрүн-санааларын, киэҥ билиилэрин-көрүүлэрин тургуттулар. Ол курдук, Нам, Сунтаар, Амма, Томпо, Горнай, Кэбээйи, Чурапчы, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Анаабыр улуустарыттан, Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар.

Күрэс сыалынан уол оҕону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, уол оҕо, эр киһи оруолун үрдэтии, дириҥ өйдөбүллээх, киэҥ билиилээх, ырааҕы ыраҥалыыр киэҥ толкуйдаах ис санаатын, толкуйун аһаҕастык сахалыы сайа этиниитин ситиһии, төрөөбүт дойдуга, ийэ сиргэ үтүө сыһыаҥҥа иитии буолар. Күрэс биэс түһүмэҕинэн ыытылынна: Удьуор утума, Дойду салайааччылара мин тус бэйэм көрүүбүнэн, Өркөн өй – ыйытыктарга хоруй, Мөккүөр уонна Айыы умсулҕанаталан ылбыт хоһоону ситэрии. Уолаттар бу биэс түһүмэҕи тургутуулары барытын этэҥҥэ ааһаннар күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттаннылар.

Муҥутуур кылаан кыайыылаах аатын буойун-учуутал Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Андрей Степанов ылла. Салайааччылара — Оксана  Данилова уонна Фекла Болдовская буолаллар.

I-Үрдэл кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Иван Романов аатынан Төхтүр орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алгыс Попов буолла. Салайааччылара — Ольга Максимова, Николай Попов.

II-Үрдэл кыайыылааҕынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 10 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Яковлев буолла. Салайааччыта — Спартак Захаров.

III-Үрдэл кыайыылааҕынан Кэбээйи улууһун Иван Левин аатынан Таҥара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Готовцев буолла. Салайааччылара — Анна Кычкина, Маргарита Баишева.

Тэрийээччилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Геннадий Охлопковка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан судаарыстыбаннай түмэл научнай үлэһитигэр Евдокия Семеноваҕа, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтин сүрүн бибилэтиэкэригэр Майя Захароваҕа, 11 сыл бэриниилээхтик дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Алексей Руфовка уонна түһүмэх аайы уларыйа сылдьар эспиэрдэргэ, Семен Донской аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институкка улахан махталларын тиэрдэллэр.

“Басхан” дьыалабыай оонньуу уол оҕолору аныгы айды суолун тутан, Сахабыт сирин уолаттарын түмэр киэҥ түһүлгэтэ кэнчээри ыччакка кэскиллээҕи түстээтин, үтүөнү ыраҥалаатын. Сахабыт сирин инники эрэллэригэр, басхан уолаттарбытыгар салгыы ситиһиини баҕарыаҕыҥ.

Сэмэн Жендринскэй