Балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Дьокуускай куоракка саҥа үлэлиэхтээх Ыччакка каадыры талыы киин үлэтин хайысхаларыгар туһуламмыт дизайн-сиэссийэ буолан ааста диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу улахан тэрээһин Саха сирин дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай кэмитиэтин, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтин, кэллиэстэри уонна университеттары, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин, урутаан идэҕэ бэлэмнээһин киинин, ыччат активистарын, выпускниктары барыларын биир сиргэ түмтэ.

Санатан эттэххэ, Ыччакка каадыры талыы киинэ быһаччы СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан тэриллиэҕэ. Бу киин салайааччытынан, Чурапчыбыт биир кэскиллээх ыччата, СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр туйгуна Айтал Дмитриевич Керемясов ананна. Саҥа салайааччыга, кэлэр сылтан бэттэх ыччаттары бэйэлэрин идэлэринэн үлэҕэ киллэрэн, дьарыктаах буолууларын 75% диэри үрдэтэр улахан сорудах турар.

Ыччакка каадыры талыы киин билигин, Саха сиригэр урутаан идэҕэ бэлэмнээһин уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Кииннэрин баазатыгар үлэтин саҕалаата. Сүрүн официальнай арыллыы алтынньы ыйга буолара былааннанар.

Киин иһинэн сүрүннээн аныгы HR-үнүстүрүмүөннэри уонна кадровай технологияны туһаныахтара. Үлэни биэрээччи, үөрэх тэрилтэлэрин итиэннэ үрдүкү үөрэх кыһаларын выпускниктарын кытары  биир сыаллаах үлэ-хамнас ыытылларыгар анаан “вуз, ссуз – устудьуон – үлэни биэрээччи” коммуникативнай модель оҥоһулунна.

Итини таһынан Киин, өрөспүүбүлүкэ бары устудьуоннарын, университет, кэллиэс выпускниктарын хабан үлэлиир буолуоҕа.

 

Сэмэн Жендринскэй