Кулун тутар ый иккис өрөбүлүгэр, Арассыыйа үрдүнэн геодезия уонна картография үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү, Дойду Бэрэсидьиэнэ 1867 нүөмэрдээх анал уурааҕынан сэтинньи 11 күнүгэр 2000 сыллаахха биллэрбитэ.
Биһиги Чурапчыбыт улууһугар маннык сэдэх идэлээх киһинэн, чааһынай предприниматель Александр Ефремов буолар. Кини бу соторутааҕыта Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр тутуллан үлэҕэ киириэхтээх ыспартыыбынай уораҕай сыбаайатын түһэриигэ үлэлэһэн кэллэ.
Александр Александрович, маҥнай 2012 сыллаахха Хабаровскайдааҕы геодезия уонна картография техникумун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр ол кэнниттэн үрдэтинэн, 2018 сыллаахха Новосибирскай куоракка Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай геосистиэмэ уонна технология университетын түмүктээбитэ. Кини сүрүн үлэтин түмүгэр Чурапчы нэһилиэгэр Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуута, Афанасий Софронов аатынан успуорт уораҕайа, Павел Пинигин аатынан уулусса 10 нүөмэрдээх аадырыһыгар үс мэндиэмэннээх дьиэ, Доҕордоһуу алааһыгар икки сыллааҕыта туталлан үлэҕэ киирбит, Канадскай истиилээх, үс мэндиэмэннээх таас уораҕай дьэндэйэн таҕыстылар.
“Биһиги үлэбит сүрүнэ диэн, тутуллуохтаах эбийиэк былааныттан туора-маары халыйбакка сөптөөхтүк тутуллан тахсыытын хааччыйыы буолар”, — диэн Александр үлэтин хайысхатын бэрт судургутук быһаарар.
Александр Александрович үлэтин таһынан, улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр охчут. Кини 2021 сыллааҕы “Хоро Бэргэн” чөмпүйүөнэ, 2022 сыллаахха Таатта улууһугар ыытыллыбыт Үчүгээйэп бирииһин муҥутуур кыайыылааҕа, ити сылга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин итиэннэ Туймаада ыһыаҕын чөмпүйүөнүнэн буолуталаабыта.
Билиҥҥи кэмҥэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр киһиэхэ ситиһиилэри, өссө да улахан кыайыылары-хотуулары баҕарыаҕын.
Сэмэн Жендринскэй