Кулун тутар 1-6 күннэригэр Сочига, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһылынан, Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ ыытылынна. Манна Саха сириттэн 63 ыччат кытынна. Онно киирсэн кытынным. Маныаха 800-тэн тахса киһиттэн үс түһүмэхтээх сүүмэрдээһини ааспыппыт. Онон бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттар чиэскэ тиксибиппинэн, олус үөрэбин. Аҥардас Саха сирин аатыттан кыттыы – бу бэйэтэ киэн туттуу уонна үрдүк ситиһии дии саныыбын.
Биһиги олунньу 28 күнүгэр Дьокуускай куораттан 12 чаас көтөн, сайыҥҥылыы итии күннээх Cочига баар буола түспүппүт. Тута аэропорка волонтердар үөрэ-көтө көрсөн, айантан сылаабыт ааһан хаалбыта. Тэрийээччилэр кыттааччыларга бэстибээл бэлиэтин — чебурашканы бэлэхтээбиттэрэ. Ону хас биирдии киһи бэйэтин көрүүтүнэн симээн киэргэтэн, атын кыттааччыны кытта атастаһыы тэрээһинэ ыытыллан, умнуллубат түгэн буолбута.
Бэстибээл «Инникибитин бииргэ түстүөҕүҥ» девизтээх ыытылынна. Сүрүн сыалынан – хас биирдии киһи дойду дьылҕатыгар оруоллааҕын тиэрдии, биһиги аан дойду бүттүүнэ буоларбытын өйдөтүү, сиэрдээх дойду туһугар араас норуот ыччатын сомоҕолуур, түмэр эйгэтин тэрийии буолар. Манна сөп түбэһиннэрэн, бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта «Мин уларыйабын, ол иһин дойду уларыйар» тиэмэҕэ туһуланна. Фантастическай шоуга эдэр кыыстаах уол Аделина уонна Андрей тапталларын историятын көрдөрдүлэр. Кинилэр улаатан, бастакы ыарахаттары көрсөн, олоххо суолларын булунан, уларыйа турар Сиргэ дьоллоох буоларга бэйэлэрин туһугар, дьиэ кэргэннэрин туһугар эппиэтинэстээх итиэннэ тус суолларыгар эрэллээх буолалларын чаҕылхай үҥкүүнэн, ырыанан, хор толоруутунан көрдөрдүлэр. Улахан, 10 000 миэстэлээх саалаҕа толору мустубут дьон-сэргэ долгуйа, дьоруойдары кытта тэҥҥэ санаарҕаһан, үөрэн көрдүбүт. Үһүс сүрүн дьоруойунан дьон эйгэтин, орто дойдуну өйдүү сатыыр искусственнай интеллект буолла. Кинини Арассыыйа биллэр артыыһа Константин Хабенскай оонньоото. Маны тэҥэ шоу түмүк ырыатын сөбүлүүр артыыһым Полина Гагарина толордо.
Бу алта күн устата «Сириус» федеральнай территориятыгар 800-тэн тахса араас киэптээх туһалаах, интэриэһинэй, ураты тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытылыннылар. Ол курдук, Арассыыйа биллэр салайааччыларын, аатырбыт спортсменнары, култуура, бэлиитикэ диэйэтэллэрин, блогердары кытта көрсүһүүлэр, аһаҕас кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Арассыыйатааҕы «Знание» уопсастыба 6 былаһаакканан үөрэтэр лиэксийэлэри тэрийдилэр. 100-тэн тахса Арассыыйа уонна тас дойдуттан кэлбит спикердэр кытыннылар. Онон бэриллибит түгэни мүччү тутумаары, хас сарсыарда аайы 6 чаастан, спорт сулустарын кытта дьарыктан саҕалаан, киэһэ 11 чааска диэри үөрэнэн, саҥа билиилэри иҥэринэн, биир санаалаах ыччаты кытта билсиһэн, кэнсиэр көрөн күммүт бүппүтүн билбэккэ да хааларбыт. 20 тыһыынча кэриҥэ кыттааччыны хабар территорияҕа сатыы да сырыттарбыт, көрбөтөхпүтүн көрөн, сөҕөн-махтайан, сылайбыппытын да умнабыт.
Лиэксийэлэргэ суруналыыс буолан, медиаҕа сыһыаннаах тэрээһиннэргэ сырыттым. Ол курдук, саҥа технологиялар информацияны тиэрдиигэ кыахтарын уонна төттөрү өттүнэн дьайыытын туһунан, чуолаан дьиҥнээх хаартысканы, сонуну нейросеть үлэтиттэн араарга, чахчыны уонна сымыйа сураҕы быһаарарга, блогердар эппиэтинэстэрэ туохха сытарын туһунан уопуттаах экспердэр кэпсээбиттэрин интэриэһиргээн иһиттим. Билиҥҥи кэмҥэ искусственнай интеллект олус сайдыбытын сөҕө көрдүм. Өссө икки-үс сылынан саҥа таһымҥа тахсара сабаҕаланар эбит. Маны таһынан документалист, политическай обозреватель Станислав Васильев историческай чахчыларга тохтоон, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дойду уларыйбытын туһунан кэпсээтэ.
Ону таһынан «Аан дойдутааҕы ыччат куоратын аэропордугар» Арассыыйа 89 регионун истиэндэлэрэ турдулар. Манна төрүт култуурабытын, билиҥҥи олохпутун сырдатар быыстапканы дьон сэҥээрэ көрдө. Ыалдьыттар хабылыкка хаамыскаҕа сөбүлээн оонньоотулар, сахалыы мозаиканы хомуйдулар.
Биир бэлиэ түгэнинэн биһиги дэлэгээссийэбитигэр сыһыарыллыбыт Африка дойдуларын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүү буолла. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кытынна. Кини биир полушариеҕа, биир Сиргэ олорор хоту уонна соҕуруу дойдулар доҕордуу буолалларыгар баҕа санаатын тиэртэ. Салгыы Саха сирин туһунан кылгастык билиһиннэрии кэнниттэн, биир дойдулаахпыт Анастасия Алексеева үс тылынан оһуохай таһааран, тэрээһин кыттыылаахтарын сөхтөрүөн сөхтөрдө.
Ити курдук, историяҕа киирэр бэстибээлгэ кыттан, саҥа билиилэри, уопуту ыллым. Түгэнинэн туһанан, СӨ Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникация министиэристибэтигэр, улууһум, нэһилиэгим дьаһалтатыгар уонна үлэлиир тэрилтэбэр махталбын тиэрдэбин.
Марфа Петрова