«Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» федеральнай бырайыак уонна «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн, араас тииптээх үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базаларын саҥардыыга, эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларын олоххо киллэриигэ хас да хайысханан электроннай аукцион тэрилиннэ. Ол түмүгэр «Кустук — күөх эйгэ» бырагыраама туристическай-краеведческай хайысхаҕа хабыста.
«Үөрүү» оҕо айар дьоҕурун киинин салайааччыта Ирина Сергеева: «Бу бырагырааманан ылбыт оборудованиеларбытыгар генератор, квадрокоптер, фотоаппарат, 7 улахан палатка, навигатордар уонна рациялар бааллар. Оҕолор кыһын устата теориятын үөрэтэн баран, сайын «Кустук» лааҕырга бу оборудованиеларынан практикаларын барыахтара. Онон бу кабинеппыт аһыллыбыта «Кустук» лааҕыры төрүттээбит, экологическай үлэҕэ инноватор Николай Протодьяконов үлэтин салҕыырга төһүү күүс буолуо диэн үөрэбит», — диэн эттэ.
Елена Макаринская