ЧУРАПЧЫТААҔЫ ҮӨРЭТЭР-ОҤОРОН ТАҺААРАР КЭМБИНЭЭТ САЙДАР СУОЛУ ТУТУҺАР

Билигин үйэбит балысханнык сайдан хас биирдии киһи талбыт идэтигэр үөрэнэригэр, тыһыынчанан араас хайысхаҕа билии ыларыгар үгүс кыах баар. Төһө даҕаны аныгы технология сайыннар бэйэ илиитинэн тутан-хабан тугу барытын оҥорор, өрөмүөннүүр сатабыллаах киһи хайа да кэмҥэ үрдүктүк сыаналанар. Чуолаан кэлэр кэнэҕэски ыччаппыт иллэҥ кэмҥэ төлөпүөнү, компьютеры эрэ манаан олорбокко туһалаах идэни баһылыырга дьулуһара олус кэрэхсэбиллээх. Чурапчы улууһугар оннук кыаҕы бары өттүнэн биэрэр, оҕолорго киэҥ суолу арыйар биир ураты суоллаах-иистээх тэрилтэнэн Үөрэтэр-оҥорон таһаарар кэмбинээт буолар.

Бу күннэргэ 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрилтэ 2003 сыл алтынньы 23 күнүгэр Чурапчы улууһун баһылыгын 386-с №-дээх дьаһалынан үөрэх салалтатын иһинэн оскуолалар икки ардыларынааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар кэмбинээт (МУПК) быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Кини  уруккута оройуон оҥорон таһаарар тэрилтэлэриттэн биир бастакылара. Маҥнай 1940 сыллаахха «Промартыал» диэн аатынан тэриллэн тутууга,  иискэ, маһынан уһанарга идэтийэн үлэлээн барбыта. Чурапчы нэһилиэгин историятын көрдөххө, артыал тэриллиэн иннинэ Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр икки эрэ дьиэ баар эбит. Артыал тэриллэн үлэтин саҕалыаҕыттан Мурун Тыымпыйа, маҥнай үлэһиттэр кэлэн олохсуйбуттарыттан саҕалаан, кэлин дьон уутуйан олохсуйар түөлбэтигэр кубулуйбут. Бүгүҥҥү күҥҥэ МУПК дириэктэринэн үлэлии сылдьар Анатолий Александров кылгастык тэрилтэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэр:

«Промартыал 1956 сыллаахха «Промкомбинат» буола улааппыта. Промкомбинаты 1980 сылтан Андрей Павлович Листиков салайан үлэлэтиэҕиттэн тэрилтэ муҥутаан сайдыбыта, үлэтэ-хамнаһа далааһыннаммыта, материальнай базата биллэрдик хаҥаабыта. Маҥнай үлэһиттэр оҕолоругар анаан деткэмбинээт тутуллубута, онтон үлэһиттэр сынньалаҥнарыгар диэн спортивнай саала үлэҕэ киирбитэ, салгыы таас хочуолунай, икки этээстээх үлэһиттэргэ уопсай дьиэ тутуллубута, ону таһынан 50 төбө сибиинньэлээх, 15 төбө биэ үөрдээх көмө хаһаайыстыба тэриллибитэ, 960 кв.м. иэннээх столярнай сыах тутуллубута. Ити эмиэ Мурун Тыымпыйа дэриэбинэ буолан кэҥииригэр, улаатарыгар улахан төһүү күүс буолбута. 1986 сыллаахха тэрилтэ «Маһы таҥастыыр кэмбинээт» статуһун ылбыта. Онтон 90-с сылларга дойдуга тахсыбыт улахан уларыйыы, «ырыынакка» киирии бэйэтэ оҥорон таһаарбытын батаран үбүлэнэр тэрилтэҕэ ыараханнык сабыдыаллаабыта. Тэрилтэ эстэр турукка киирбитэ. Ону өрүһүйэр сыалтан улуус дьаһалтата тэрилтэни үөрэх салаатыгар биэрэр суолу тобулбута. Онон, бу үлэлии сылдьар тэрилтэбит ааспыт үйэ 40-с сылыттан промысловай артыалтан саҕаламмыт Промкэмбинээт историятын утумнааччынан буолар.

Тэрилтэ маҥнай үөрэх салаатыгар киирэригэр Мурун Тыымпыйа оскуолатын иһинэн киирэн үлэлээбитэ. 2008 сылтан туспа юридическай сирэй статуһун ылбыта. Бэйэтэ  бухгалтериялаах, үбэ-харчыта бэйэтигэр былааннанан кэлэр буолбута. 2011 сылтан тэрилтэбит автономнай статуһу ылан оҥорон таһаарбыт бородууксуйатыттан киирбит үбүн-харчытын бэйэтэ быһаарар кыахтаммыта. Билиҥҥи кэмҥэ тэрилтэ барыта 26 үлэһиттээх, ону таһынан оскуолаларга 10 маастар бэйэлэрэ баһылаабыт идэлэрин оҕоҕо сатабыллаахтык иҥэрэ сылдьаллар.

Оҕолорго идэ биэрэр хайысханы таһынан оҥорон таһаарар бородууксуйаларынан улуус тэрилтэлэрин хааччыйар, нэһилиэнньэҕэ сакааһынан үлэ сайдарыгар үлэлэһэр сорук туруорунабыт. 83 сыл тухары баай историялаах оҥорон таһаарар тэрилтэни утумнааччы буолан да тураммыт, итинник сорук туруорунарбыт тоҕоостоох дии саныыбын».

Бу күҥҥэ тэрилтэ салайааччытынан Анатолий Александров, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан Константин Филиппов, мастарыскыай салайааччытынан Алексей Филиппов, хаһаайыстыбаннай чаас салайааччытынан Илья Чичигинаров уонна делопроизводителынан Людмила Захарова үлэлииллэр.

Улуус тоҕус оскуолатын кытта дуогабар түһэрсэн ыкса үлэлэһэллэр. Бииргэ үлэлэһэр сүрүн оскуолаларынан И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата буолар. Ону таһынан Мындаҕаайы, Мырыла, Одьулуун, Сылаҥ, Төлөй, Хатылы нэһилиэктэрин итиэннэ Чурапчытааҕы С.А. Новгородов аатынан оскуолаларга, гимназияҕа филиаллара үлэлииллэр.

Иис, мас, тимир уустарын, парикмахер, миэбэли дизайныыр, автослесарь куруһуоктара үлэлииллэр. Маны таһынан иистэнньэҥ, мас ууһа, парикмахер идэлэригэр 2-3 сыл болдьоххо 9-11-с кылаас оҕолоругар идэ ылар үөрэҕи биэрэллэр. Мас ууһугар үөрэнэр оҕолор уһуйааннарга оонньуур зоналары, үөрэнээччилэргэ уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах миэбэли, түннүк араамаларын, ааннары уо.д.а. оҥоруунан дьарыктаналлар. Ону тэҥэ уолаттар маһы таҥастыырга үөрэнэллэр. Иистэнньэҥнэр оскуола, уһуйаан оҕолоругар аналлаах утуйар таҥас кэмпилиэгин, үлэҕэ аналлаах таҥастары тигэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, бу соторутааҕыта тимир ууһугар дьарыктанар оҕолор салайааччыларынаан Дмитрий Барашковтыын байыаннай дьайыыга кытта сылдьар ыччаттарбытыгар уон саха быһаҕын оҥорон, чочуйан ыыппыттара.

Манна дьарыктанар оҕолор матырыйаалы, энергияны кэмчилээн туттарга эмиэ үөрэнэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр идэтийбит таһымнаах, сатабыллаах, талбыт идэлэригэр толору эппиэттиир, ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэлиир кыахтаах үлэһит буолаллар. Бүтэрээччилэр идэтийбит үөрэҕи ылбыттарын туоһулуур сибидиэтэлистибэ ылаллар, бу кинилэр таһымнаах специалист буолбуттарын туоһута буолар.

2011-2023 сылларга барыта 398 үөрэнээччигэ идэлээх үөрэхтээһин сибидиэтэлистибэтэ туттарыллыбыта.

2022 сыл атырдьах ыйыгар тэрилтэ «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак иһинэн «Успех каждого ребенка» диэн региональнай бырайыакка кыттан 1 028 370,00 солк. суумалаах үөрэнэр тэрил ылары ситиспитэ. Бу үбүнэн биир элбэх быһахтаах чочуйар, икки туруору үүттүүр, биир сытыылыыр станоктар, биэс ноутбук ылыллыбыттара. Бу барыта «Массыынаны өрөмүөннүүр слесарь» диэн идэҕэ уһуйар бырагырааманан оҕолору үөрэтэргэ аналлаах тэрил.

Быйылгы үөрэх дьылыгар «Фаворит» (автошкола)  үөрэтэр киини кытта дуогабар түһэрсэн 10 миэстэҕэ оскуола оҕолорун «А» категорияҕа үөрэтиини саҕалаабыттар. Бу оҕолор кэлэр сыл ыам ыйыгар экзаменнарын туттаран мотоцикл ыытарга үөрэммиттэрин туһунан сибидиэтэлистибэ ылыахтара. Ону таһынан Чурапчы улууһун үлэлээх буолуу киинин кытта дуогабар түһэрсэн оҕолору икки өттүттэн хамнастаан кылгас кэмҥэ таҥас тиктэриитигэр үлэлэтэллэр.

Бу курдук киэҥ хайысханы хабан, бары өттүнэн тэтимнээхтик сайдар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр улууспут биир бөдөҥ тэрилтэтин үлэтэ күннэтэ күөстүү оргуйар. Кинилэр, этиллибитин курдук, оҕолору эрэ үөрэтиинэн, уһуйуунан муҥурдаммакка олохтоох нэһилиэнньэ сакааһынан эмиэ үлэлииллэр. Ол курдук, өскөтүн миэбэл оҥоруутугар сакаас киирдэҕинэ, МУПК үлэһиттэрэ клиент баҕа санаатын барытын учуоттаан, аныгылыы дизайннаах, тупсаҕай көстүүлээх, ыйыллыбыт кээмэйин барытын тутуһан ис сүрэхтэриттэн кыһаллан оҥорон биэрэллэр. Онон улууспут олохтоохторо ыраата барбакка бу тэрилтэ өҥөтүнэн үөрэ-көтө туһаныахтарын сөп.

Үбүлүөйдээх тэрилтэ үлэһиттэрин бука барыларын эҕэрдэлээн туран инникитин даҕаны үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Наталья Сибирякова