Чурапчытааҕы түмэл экспоната элбиир

Бу күннэргэ А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин дьоҥҥо көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалларын хаҥатыыга Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Сивцев бэрт интэриэһинэй экспонаты бэлэх уунна. Кини бу сайын Үрэх Күөрэҕэ Хонду үрэҕин тардыытынан оттуур ходуһатын аттыттан бу уҥуоҕу булан ылбыт.  Валерий Николаевич этэринэн, урут кини эһэтэ эмиэ Чурапчы түмэлигэр экспонат быһыытынан куба туттарбыт эбит.

Түмэл дириэктэрэ Афанасий Захаров, научнай сотрудник Юрий Толстоухов сабаҕалыылларынан, бу уҥуох сэмнэҕэ улахан кыыл тобугун чааһа буолуон сөп эбит.  Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт сайын учуонайдар Хонду үрэх кытылыгар бэрт үгүс араас кыыллар уҥуохтарын булбуттара, Чурапчытааҕы түмэлгэ кэлэн көрсөн кэпсэтэн барбыттара, бу үлэлэрин өссө да салгыылларын туһунан эппиттэрэ.

Түмэл үлэһиттэрэ уонна экспонаты бэлэхтээччи аакта толордулар, онон түҥ былыргы улахан кыыл уҥуоҕун сэмнэҕин мантан инньэ дьон-сэргэ көрүөхтэрэ, оттон Валерий Сивцев аата сурукка-бичиккэ киирэн, түмэл историятын биир кэрэһитэ буолуоҕа.

Наталья Сибирякова