Чурапчытааҕы “Туллукчаан” уһуйаан үбүлүөйэ бэлиэтэннэ

Арассыыйаҕа биллэриллибит Уһуйааччы уонна настаабынньык сылын түмүктүүр дьаһаллар чэрчилэринэн бүгүн  Чурапчытааҕы “Туллукчаан” уһуйаан аһыллыбыта 35 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэннэ.

Бу кырачааннары сайыннарар, билиигэ-көрүүгэ сирдиир 70 миэстэлээх оҕо саас биһигэ оччотооҕу “Сельстрой” хонтуоратыгар 1988 сыллаахха, ахсынньы 17 күнүгэр аһыллыбыта.  Маҥнайгы эбиэдиссэйинэн Валентина Иустинова ананан, уһуйаан матырыйаалынай-техническэй базатын сайыннарыыга, кырачааннар уонна үлэһиттэр сылдьар, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга дьоһун кылаатын киллэрбитэ.

Ол кэмтэн ыла, “Туллукчаан” уһуйаан сайдыы саҥаттан саҥа саҕахтарын арыйан, үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ олох сайдыытын тэтимин тутуһан, сонун хайысхалары тобулан күн бүгүн улууска биир инники күөҥҥэ сылдьар оҕо тэрилтэтэ буолар. Ол курдук, 2022 сыллаахха “Арассыыйа бастыҥ уһуйаана” куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыыта элбэҕи этэр.  2015 сыллаахха уһуйаан билиҥҥи ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр таас дьиэҕэ көһөн үлэлиир.

Дьоро күн  араас кэмнэргэ үлэлээбит бэтэрээн үлэһиттэр, бу уһуйаан олоххо киирэригэр үгүс өрүттээх үлэни тэрийсибит дьон, улуус киининээҕи уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ күндү ыалдьыттарынан буоллулар.

Уһуйаан иитиллээччилэрин уонна үлэһиттэрин улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Варвара Макарова, улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Афанасий Максимов уһуйаан  үбүлүөйдээх  сылынан эҕэрдэлээтилэр, истиҥ баҕа санааларын тиэрдэн туран, оҕону иитиигэ-сайыннарыыга дьоһун кылааттарын киллэрсибит бастыҥ үлэһиттэргэ улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадаларын туттардылар. Ол курдук, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин Бочуотунай грамотата Анна Коркинаҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи методическай киин Бочуотунай грамотата Светлана  Собакинаҕа,  “Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин” 2-с истиэпэннээх бэлиэ Татьяна Ефремоваҕа,  3-с истиэпэннээх бэлиэ Ирина Захароваҕа, улуус Бочуотунай грамотата Николай Хомподоевка  туттарылынна.  Оттон Өрөспүүбүлүкэҕэ 35 “Бастыҥ педагог-настаабынньык” кыайыылаахтарын  ахсааныгар киирэн, Наталья Макарова 50 тыһ. солк суумалаах сэртипикээти тутта.  Чурапчы нэһилиэгин Бочуотунай грамотатынан уонна өйдөбүнньүк чаһыынан Мария Дьячковская наҕараадаланна. Варвара Макарова уһуйаан кэлэктиибин нэһилиэк тэрийэр үлэтигэр куруутун көхтөөхтүк кытталларын, үгүс ситиһиилэрин иһин махтанан туран, Сэбиэдиссэй Альбина Варламоваҕа 20 тыһ солк сэртипикээти туттарда. ЧРФКСИ оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор кафедраларын салайааччы Татьяна Макарова “Туллукчааннары” кытта биир ситимнээхтик үлэлииллэрин, араас бырайыактары бэлэмнээһиҥҥэ көмөлөрүн иһин махтанан туран, махтал уонна эҕэрдэ суруктары уһуйаан кэлэктиибигэр, туһаннаах иитээччилэргэ анаата.

“Туллукчаан” үбүлүөйдээх сылыгар анаан “Алгыстаах түһүлгэлээх “Туллукчаан” уһуйаан” диэн сабыс-саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни билиһиннэрии буолла. Кинигэҕэ уһуйаан 35 сыл тухары үүнэн-сайдан кэлбит историятын, үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин түһүмэхтэрэ сырдатыллан киллэриллибит. Бу кэмнэр усталарыгар үс сэбиэдиссэй Валентина Иустинова, Татьяна Ефремова, Альбина Варламова үлэлээн кэллилэр.  Бу күн кинилэр бэйэлэрин ааттарынан стипендия олохтообуттарын этэн туран, эдэр үлэһиттэргэ үөрүүлээх түгэҥҥэ туттардылар.

Бу уһуйаан биир сүрүн уратыта – оҕону төрүт үгэстэргэ, сиэргэ-туомҥа, оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тылын  иҥэринэн  улаатарыгар туһулаабыт үлэтэ атыттарга үтүө холобур буолар. Үбүлүөйдээх дьоро тэрээһини уһуйаан кэлэктиибэ уу сахалыы тылынан ыыппытын биһирээтим. Манна кырачааннар сахалыы таҥаһы таҥнан, төрөөбүт тылларынан хоһоон аахпыттара, ырыа ыллаан чаҕаарбыттара, үҥкүүлээн тэйбиттэрэ көрүөххэ үчүгэй.

Анна Захарова.