Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойугар Дьоруой үрдүк аатын ылбыт дьоҥҥо уонна Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах экспозиция аһылынна.
Бэлиэ түгэҥҥэ улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, бойобуой дьайыы бэтэрээнннэрэ уонна оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Саҥа экспозиция туһунан мусуой дириэктэрэ Афанасий Захаров билиһиннэрдэ:
— Бу экспозициябыт кыһыны быһа туруоҕа. Онон хас биирдии оскуола үөрэнээччилэрин, улуус олохтоохторун кэлэн көрөллөрүгэр ыҥырабыт. Экспозициябытыгар Чурапчы уолаттара ытык иэстэрин толорон, байыаннай харсыһыыларга хорсуннук кыттыбыттарын сиһилии сырдаттыбыт. Биһиги истиэндэбититтэн Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр уонна Запорожскай, Херсонскай уобаластар эйэлээх нэһилиэнньэлэрин Арассыыйа байыастара хайдах курдук хорсуннук көмүскүү сылдьалларын туһунан элбэҕи билиэххит, көрүөххүт. Маны сэргэ анал дьайыы тоҕо буола турарын, бу дьайыы саҕаламматаҕа буоллар дойдубутугар улахан охсуу буолуохтааҕын туһунан кэпсиир.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу экспозиция «Бойобуой Албан аат» мусуой тэриллиитигэр олук буолла. Ол курдук, экспозицияттан сиэттэрэн улууспутугар элбэх үлэ ыытыллан, бүгүн саҥа мусуойу аһар туһунан анал уураахха улуус баһылыга Степан Саргыдаев илии баттаата.
Марфа Петрова.