Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар барыларыгар чэпчэтиилээх сурутуу ыытылла турар. Чурапчытааҕы ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ, начаалынньык Иннокентий Свинобоев салалтатынан төрдүс сылларын “Саҥа олох” хаһыаппытыгар биир киһи курдук бука бары хаһыакка суруттардылар.
“Сылын аайы биири хатылыыр курдукпун эрээри саха дьоно наар бэйэ-бэйэбитин көрүстүбүт эрэ “Туох сонун? Туох кэпсээн?” диэн ыйытар үгэстээхпит. Улууспут иһигэр ол оннук сонуну кэпсиир биир эрэ хаһыаттаахпыт – ол “Саҥа олох”. Төһө даҕаны нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ таҕыстар, ардыгар кырааската табыллыбакка бөлөөркөй дьүһүннэннэр, почтальоннар ситэ тириэрдибэккэ аадырыспытыгар тиийбэтэр даҕаны – хаһыаппыт соҕотох, информацияны биэрээччибит биир эрэ. Редакция тигинэччи үлэлиир, кэрэспэдьиэннэр көмөлөрүнэн улууспутугар буола турар тэрээһиннэр, түбэлэтэлэр, ыҥыырыылар, эҕэрдэлэр, үөрүүбүт-хомолтобут бүүс бүтүннүүтэ тутатына хаһыакка да буолбатаҕына “Улус медиа” саайдыгар тиһигин быспакка тахса турар. Ол быыһыгар биһиги сотрудниктарбыт биэрэр ыстатыйалара, иһитиннэриилэрэ хайаатар даҕаны бэчээттэнэр. Дьон-сэргэ олоҕо нус-хас буолуутугар, хас биирдии олохтоох сокуоннай бырааба көмүскэллээх буолуутугар биһиги отделбыт үлэһиттэрэ түүннэри-күннэри үлэлииллэр. Инньэ диэн туран улууспут олохтоохторун барыгытын оройуоммут “Саҥа олох” хаһыатыгар суруттараргытыгар ыҥырабыт”, — диэн полиция подполковнига Иннокентий Дмитриевич өрүү буоларын курдук сүрдээх холкутук, күлэ-үөрэ уу сахалыы этэн, тыынан кэбистэ.
Чахчыта да ол оннук, Иннокентий Свинобоев Чурапчы улууһугар 2016 сыллаахха ананан үлэлии кэлиэҕиттэн, ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ биһиги улууспут хаһыатыгар араас хабааннаах суруйууларын ыыталаан барбыттара. Отдел сотрудниктара бэйэлэрин чэпчэкитэ суох үлэлэрин таһынан улуус, өрөспүүбүлүкэ ыытар араас таһымнаах уопсастыбаннай тэрээһиннэригэр, аахсыйаларга көхтөөхтүк кытталлар. Ол да иһин буолуо, бу бүгүн улууспут тэрилтэлэриттэн аан бастакынан 100% хаһыакка суруттардылар.
Сэмэн Жендринскэй