2024 уонна 2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар быраабын үс сылга уһаттылар. Бу туһунан Чурапчытааҕы ГИБДД сотруднига, полиция капитана Саргылана Никифорова иһитиннэрдэ.
Биэдэмистибэҕэ этиллэринэн, көҕүлээһин «Минэкономразвития» кыттыгас оҥоһулунна. Бэрэстэбиитэл Ирина Волк иһитиннэрбитинэн, саҥа киирии тус массыыналарынан бэйэлэрин олохторугар уонна үлэлэригэр итиэннэ урбаан дьыалаларыгар туһанар суоппардарга көрүллэр.
Министиэристибэ дааннайынан, саҥа дьаһал Арассыыйа биэс мөлүйүөнтэн тахса суоппарын хабар. Билигин кинилэр үс сыл устата “просроченнай” суоппардыыр бырааптара быһалыы уһуур кыахтанна.