Дойдуга Уһуйааччы сылыгар, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ!” уус-уран ааҕыы куонкуруһун Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
Күрэскэ 18 улуустан уопсайа холбоон 164 сайаапка киирбит. Ол иһигэр 201 оскуола үөрэнээччитэ (53 салайааччы), 46 эдэр ыччат (14 салайааччы), аҕам саастаах 188 киһи (20 салайааччы) кыттыыны ыллылар.
Уус-ураннык ааҕааччылар улахан түһүлгэлэрин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа уонна “Таатта түмсүү” тэрийэн ыыттылар.
Аҕам саастаах ааҕааччыларга Одьулуун нэһилиэгиттэн Иван Ильич Попов-Байдам, Таисия Григорьева салалтатынан “Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” айымньыны бэрт итэҕэтиилээхтик ааҕан дипломан үрдүк аатыгар тигистэ.
“Ат сүүрдэҕинэ, ыт эмиэ хаалсыбат” дииллэринии оскуолабыт оҕолоро эмиэ маппатылар, ол курдук Даниил Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын “Сайдам” тыйаатыр устуудьуйатын иитиллээччитэ Айхал Анемподистов, Надежда Местникова салайааччылаах “Уруйа улааттын” уонна
Николай Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ариан Максимов, Дария Ефремова салайааччылаах “Өрүөл кэриэһэ” хоһоонноору олус табыгастык ааҕаннар улуустарыгар ситиһиини аҕаллылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Семен Андреевич Попов–Сэмэн Тумат,
Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах, Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһан бэрэссэдээтэлэ, “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Гаврильевич Андросов – Хабырыыс Ондороос, Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа, Таатта уонна Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Егорович Луковцев үлэлээтилэр.
Сэмэн Жендринскэй