Быйыл Первэй Маай 134 сылын бырааһынньыктанар. Бу — үлэһиттэр аан дойдутааҕы биир санааланыыларын, бары дойдулар оробуочайдарын доҕордоһууларын уонна бырааттаһыыларын күнэ.
Быйылгы Маайы Арассыыйа норуота фашистскай Германияны Кыайыытын 79 сылын туолар күннэригэр атаарабыт!
Ити кэрэ-бэлиэ событиелар биһиги Дойдубут норуотун, ол иһигэр биһиги улууспут үлэһиттэрин түмүктээһиннээх сыл сорудахтарын болдьоҕун иннинэ толорорго күттүөннээх үлэҕэ өрө күүрдэллэр.
Маай – бу кэлэр кэскилбит өрөгөйдөөх бырааһынньыга. Биһиги Чурапчылар бүгүн эрчимнээхтик этэбит: Туругурдун Эйэ, Үлэ уонна Доҕордоһуу бырааһынньыга – Первэй Маай!
“Үлэнэн дьолломмут Чурапчы” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бүгүн бүтүн улууспут үрдүнэн маассабай субуотунньуктар, ырааһырдыы үлэлэрэ тэриллэллэр. Бу күн Чурапчы нэһилиэгин бары тэрилтэлэрэ, ТОС-тар, түөлбэ олохтоохторо улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох бука бары күргүөмнээх үлэҕэ таҕыстылар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ