Дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар Ыал Саргыта сыллар иилэринэн оройуоммут олохтоохторо Арассыыйатааҕы “Бүтүн Дьиэ кэргэнинэн” (“Всей семьей”) бырайыакка көхтөөх кыттыыны ылыахтара.
Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин үүммүт 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылын биллэрбит иитинэн ыытыллар. Бырайыак, дьиэ кэргэн бэйэ-бэйэтин сыһыанын бөҕөргөтөргө, сынньалаҥы, үлэни бары бииргэ, иллээхтик-эйэлээхтик атааралларыгар туһуланыаҕа.
Бырайыакка кыттыан баҕалаахтар бырайыак саайтыгар киирэннэр хайаан даҕаны бэлиэтэнэллэрэ ирдэнэр. Ити кэнниттэн нэдиэлэҕэ биирдэ сорудах бэриллэр. Холобура, айылҕаҕа тахсыы, ас астааһына, мусуойдарга, киинэҕэ сылдьыы уо.д.а.
Сорудахтары оҕо уонна төрөппүт тэҥҥэ толкуйдаан, көмөлөөн толороллор. Ол кэнниттэн хаартыскаларытын VK эбэтэр “Одноклассники” сыһыарыыга #всейсемьей хештегтээх таһаараллар.
Хас ый ахсын тэрийээччилэр түмүктэри таһааран иһиэхтэрэ итиэннэ кыайыылаахтары тутатына наҕараадалыыллара былааннанар.
Кулун тутар ыйыгар, уопсай түмүктүүр тэрээһиҥҥэ, көхтөөхтүк кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ сыаналаах бириистэри туттарыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. “Бүтүн Дьиэ кэргэнинэн” бырайыакка, Дойдубут кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр сылдьарга 100-кэ билиэт оонньонуоҕа. Итини таһынан кыайыылаахтар эрдэ этиллибитин курдук сыаналаах бириистэри тутуохтара.
Аллара ыйыллыбыт сигэнэн киирэҥҥит бэлиэтэнэҕит итиэннэ бириистэри хомуйуу саҕаланар:
VK: https://vk.com/im?sel=-223569207;
Одноклассники: https://ok.ru/group/70000004698632/messages
“Бүтүн Дьиэ кэргэнинэн”/“Всей семьей” бырайыак туһунан сиһилии иһитиннэриини бырайыак официальнай саайтыгар: всейсемьей.рф толору суруллар.
Сэмэн Жендринскэй