Киниэхэ үөрэммит уонна тус бэйэтин билэр дьон М.Г. Слепцов, А. Саввин, В.Н. Кривошапкин, Д.З. Карпов ахтыыларын архыып источниктарын кытта тэҥнээн көрдөххө политсыылынай Иван Трофимович Цыценко биһиги оройуоммутугар үөрэх сайдыытыгар үгүһү оҥорбут үтүөкэннээх киһи эбит.
Кини 1886 сыллаахха Харьков куоракка бэтэринээринэй үнүстүүккэ үөрэнэ сылдьан народник быһыытынан өрөбөлүүссүйэ үлэтигэр кыттыһар. Ол иһин 4 сыл хаайыыга сытан баран Халымаҕа уон сыллаах көскө ыытыллыбыт. Халымаҕа болдьоҕун толору олорор уонна онно саха дьахтарын кэргэн ылбыта.
Цыценкоттан полиция куруук дьиксинэрэ, кинини хабыр, дьоҕоот уонна түбүктээх киһинэн ааҕара. Полиция итинник сыанабылы биэриитигэр сыыспатах этэ: түрмэҕэ, сыылкаҕа бэрт уһуннук эрэйдэммит революционер кырдьык да оннук майгылааъ этэ. Кини суруйбут үгүс сайабылыанньалара революционер ыраахтааҕы былааһыгар өһө өһүллүбэтэҕин туоһулууллар. “Мин 3-4 сыл хаайыы, этаптар(хаайыылааҕы сиртэн сиргэ көһөрүү) уонна 10 сыл сыылка кэнниттэн Арассыыйаҕа даҕаны төнүннэхпинэ бырабыыталыстыбаны өйүүр санаалааҕым туһунан эрэннэрбэппин, мэктиэ тылбын биэрбэппин диэн бырабыыталыстыбаҕа биллэрэрбин майгым-сигилим иэһинэн ааҕабын”, — диэн кини биир сайабылыанньатыгар эрдээхтик, аһаҕастык суруйбута (Архив ЯФСОАН, ф.5, оп.1, стр.54)
Халыматааҕы сыылкатын кэнниттэн Иван Цыценко XIX үйэ бүтүүтүгэр маҥнай Чөркөөххө, онтон Болтоҥоҕо олорбут. В.Н. Кривошапкин ахтарынан, Новгородов дьиэтигэр биир кыһын учууталлаабыт. Ол сыл киниэхэ үөрэммиттэр: ини-бии Семен, Андрей Новгородовтар, Иван Сокольников, Иван Попов, Михаил Слепцов, Трофим Макаров.
Ити кэнниттэн хас да сыл устата Аттакы дэриэбинэтигэр оскуола аһан оҕолору үөрэппитэ. Иван Трофимович оскуолата олус аатырбыта. “Сыссыааҥка учуутал” сураҕа бүтүн Боотурускай улууһу тилийэ сүүрбүтэ. Чурапчыга официальнай оскуола аһыллан үлэлээбитэ төһө да быданнаабыт кэмэ буоллар, бэрт ыраах нэһилиэктэртэн олохтоохтор оҕолорун “Сыссыаҥка учууталга” үөрэттэрэ аҕалаллара. Киниэхэ сылга 10-15, сороҕор 20-чэҕэ тиийэр, оҕо мустан үөрэнэрэ. Үөһэ ахтыллыбыт дьонтон ураты ини-бии Трофим, Николай, Сергей Слепцовтар, Никонор Прудецкай, Захар Куприянов, П. Оросин, Егор Слепцов, Мария Бартенева, ини-бии Михаил, Константин Горловскайдар, В. Кулаковскай, А. Саввин уо.д.а. үөрэммиттэрэ.
Үгүстэр ыалга, оттон сорохтор учууталларыгар бэйэтигэр дьиэлэнэн олорон үөрэммиттэрэ. “Мин киниэхэ үс сыл үөрэммитим, киниэхэ олорбутум… Төрөппүттэрим курдук үчүгэйдик туппута”, — диэн махтанан суруйбуттаах биир үөрэнээччитэ М.Г. Слепцов. Учуутал киэһэ оҕолорун кытта П. Ершов “Бөкчөгөркөөн соноҕосчоонун”, И. Тургенев “Сааһыт суруктарын” уо.д.а. нуучча улуу суруйааччыларын айымньыларын ааҕаллара.
“Сыссыаҥка учуутал” оҕолору икки-үс сыллаах начаалынай оскуола обьемунан бэлэмниирэ. Үөрэх бырагыраамматын учуутал бэйэтэ оҥороро, учуобунньуктарын соҕурууттан сурутан ылара. Нуучча учуутала саха оҕолорун ааҕарга, суруйарга, ахсаан суоттуурга тылларын байытыыга үөрэтэрэ. Оҕолор Арассыыйа устуоруйатын, географиятын, айылҕатын туһунан аан бастакы билиини ылаллара. Биллэн турар, үөрэтии нууччалыы тылынан барара. Таҥара үөрэҕин, сокуонун үөрэппэт, дьиэтээҕи үлэҕэ тугу да биэрбэт этэ, уруокка үөрэнээччи барыта билэрин ситиһэрэ. Кини үөрэппит оҕолоро туох да иҥнигэһэ суох Дьокуускайдааҕы үрдүкү начаалынай училищеҕа эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран киирэллэрэ.
Иван Цыценко Чурапчыга да баайдары, тойоттору олус абааһы көрөрө диэн ахталлар кинини билэр дьон. Билсэр сахаларыгар баайдар батталларын, араас түһээни-тардыыны, сири тэҥэ суох түҥэтиини, иэс биэрэн хабалалааһыны быһаара сатыыр үгэстээх эбит.
1905 сыллаах өрөбөлүүссүйэ кэмигэр “конституционнай монархияттан норуокка ханнык да туһа кэлиэ суоҕа” диэбитэ кини. Биирдэ Цыценко учуутал кигээһининэн, дьону олус түүрэйдиир тойомсук сэтээтэли (мунньаҕы кини ыйбыт сириттэн атын сиргэ оҥорон) олохтоохтор олус кыһыппыттар.
Иван Цыценко Чурапчыттан 1905 сыллаахха Аммаҕа көспүтэ, онно эмиэ оҕолору үөрэппитэ. Доруобуйатын хаайыы, сыылка дэлби миккийэн, айыгаратан кини 1917 сыллаахха Аммаҕа өлбүтэ. Цыценко өлүгүн Чурапчыга аҕалан уола Васяны кытта кэккэлэһиннэри көмпүттэрэ. Бука учуутал тиһэх баҕата оннук эбитэ буолуо.
Политсыылынай учуутал Иван Трофимович Цыценко үөрэппит дьонноруттан биһиги оройуоммутун ааһан өрөспүүбүлүкэ киэн туттар үлэһиттэрэ үүнэн тахсыбыттара.
Сэмэн Жендринскэй