От ыйын 28-с — атырдьах ыйын 1 күннэригэр Нижегородскай уобалас инбэлииттэрин түмсүүтүн көҕүлээһининэн итиэннэ Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын өйөбүлүнэн “Норуоттар доҕордоһуулара” диэн ааттаах Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Бэстибээл номнуо төрдүс төгүлүн, Дойдубут биир саамай кыраһыабай – Аллара Новгород куоратыгар ыытылынна. Быйылгы тэрээһини бука бары норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах диэн ааттаатылар, тоҕо диир эбит буоллахха бэстибээл сүрүн ыалдьыттарынан Беларуссия өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрэ буоллулар.
Доҕордоһуу, сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу, култуура, успуорт – бу барыта бэстибээл бырагыраамматыгар сатабаллаахтык киирэн алтыстылар. Маннык улахан түһүлгэҕэ Арассыыйа 82 эрэгийиэниттэн, барыта холбоон 500-кэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон кэлэннэр кытыннылар.
Бэстибээл чэрчитинэн пауэрлифтинг, хаалыктаах хаамыыга, дартс уонна түргэн саахымакка ыспартыыбынай күрэхтэһиилэр буоллулар. Итини сэргэ ыалдьыттарга, кыттааччыларга анаан киэҥ култуурунай бырагыраамма тэрилиннэ: куорат устун күүлэйдээһин, Волга өрүскэ теплоходунан хатааһылааһын, куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин автобуһунан сылдьан кэрийии, бэстибээл кыттыылаахтарын күүһүнэн улахан гала-кэнсиэрт, бырааһынньыктааҕы салют, доҕордоһуу киэһэлэрэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолан аастылар. Кэнсиэрт чаҕылхай нүөмэрдэрэ үгүс дьоҥҥо букатыннаахтык өйдөнөн хааллылар: Кавказ омуктар, Калмыкия, Саха сирин алыптаах үнүстүрүмүөннэрин тыаһа, чаҕылхай үҥкүүлэр, дууһаны таарыйар ырыалар – көрөөччүлэр үрдүк биһирэбиллэрин ыллылар. Дьоро киэһэ ыҥырыылаах ыалдьытынан Арассыыйа норуодунай артыыһа, “Филантроп” Норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэ хамыыһыйатын чилиэнэ Лариса Лужина буолла.
Саха сириттэн чуолаан Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгиттэн Саха сирин инбэлииттэрин уопасатыбатын чилиэнэ Николай Суздалов уонна Егор Софронов кытыннылар. Хамаанданы эрэгийиэннээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ, Чурапчылар биир дойдулаахпыт Ирина Лебедева баһылаан-көһүлээн илдьэ сырытта. Биһиги хамаандабыт дьоно пауэрлифтиҥҥа, дартс уонна хаалыктаах хаамыыга күрэхтэстилэр. Ыспарсымыаннарбыт көрдөрүүлэрэ куһаҕана суохтар ол курдук бэйэлэрин дисциплинэлэригэр төрдүс миэстэни ылары ситистилэр. Улахан гала-кэнсиэркэ бэйэтин музыкальнай нүөмэринэн Николай Суздалов кытынна, кини манна сахалыы тойугун кытары хомуска олус үчүгэйдик оонньоон иһитиннэрдэ.
Маны таһынан бэстибээл кэмигэр Президиум, инбэлииттэр уопсастыбаларын Бырабылыанньатын, инбэлииттэр уопсастыбаларын эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы Сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕа тэрилиннэ. Итиннэ салгыы ыытыллыахтаах үлэлэр сүрүн боппуруостара таарылынна, эрэгийиэннээҕи түмсүүлэргэ быыбар иннинээҕи хампаанньаларга бэлэмнэнэргэ туһааннаах соруктар туруорулуннулар.
Сэмэн Жендринскэй