Чурапчыга “Үтүө санаа харыйата” аахсыйаҕа бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ аҕыс оҕоҕо баҕа санааларын толордулар

Быйыл, тоҕус томтордоох Чурапчыга IX-с төгүлүн ыытыллар “Үтүө санаа харыйата” аһымал аахсыйаҕа Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин уопсастыбаннай түмсүүтэ тохсус төгүлүн көхтөөх кыттыыны ылар.

  • Улууспутугар, нэһилиэкпит иһинэн элбэх үлэлэр ыытыллаллар. Биһиэхэ, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр саамай кылаабынайа – оҕолорбут, ыччаттарбыт үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ, чэгиэн-чэбдик доруобуйалара буолар. Ханнык баҕарар оҕо үүнэр Саҥа дьылга баҕа санаата хайаан даҕаны туолуохтаах, ол инниттэн биһиги түмсүүбүт уолаттар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кыттыһаннар күн-бүгүн анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттар оҕолоругар бэлэх оҥордубут, — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин эттэ.

Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин түмсүүтэ улууска ыччаты патриотическай өйгө-санааҕа иитиигэ биир бастакынан күүстээх үлэни ыытар, ол курдук байыаннай дьайыыга ону таһынан эйэлээх олоххо төннөн кэлэн баран суорума суолламмыт бойобуой доҕотторун ааттарын үйэтитиигэ “Саллаат паартата” аахсыйа тэриллэн улууспут оскуолаларыгар туруорулуннулар. Уолаттар улааппыт, олорон ааспыт алаһа дьиэлэригэр мемориальнай дуоскалар ыйаннылар. Улууска ыытыллар туох баар бары дьаһалларга туора турбакка кыттыыны ылаллар, үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга туһааннаах кылаас чаастара ыытыллаллар.

Уолаттар, “Туйаара” атыы-эргиэн киинигэр туруоруллубут харыйаҕа ыйаммыт дракон оонньуурдары таллылар. Надя Степановаҕа, Селена Голомареваҕа, Айыллаана Барашковаҕа, Лерия Голомареваҕа, Нарьяна Билюкинаҕа, Кира Тимофееваҕа, Спартак Степановка, Саина Билюкинаҕа анаан игровой приставкалары, беспроводной наушниктары, портативнай колонкалары, фитнес-браслеттары бэлэх оҥордулар.

“Оҕолор дьикти баарыгар итэҕэйэллэрэ уонна эрэнэллэрэ киһини үөрдэр. Урут биһиги саҕана биир дьаабылака сыта күндү курдук буолара. Аҕыс оҕо аатын харыйаттан талан ыллыбыт, оҕолор ыра санаалара хайаан даҕаны туолуохтаах. Саҥа дьыл диэн алыптаах кэм, баҕа санаа туолуута”, — диэн Афганистан сэриитин бэтэрээнэ Савелий Дьячковскай санаатын үллэһиннэ.

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ