Чурапчыга ырыа куттаах, матыыбы айааччы — Петр Гуляев

Чурапчы улууһугар Петр Гуляев диэн кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, эйэҕэс-сайаҕас, кими баҕарар кытары мэлдьи элэккэйдик кэпсэтэр уолу билбэт киһи, бука, суоҕа буолуо.  Кинини үгүс дьон бырааһынньыктары тэрийэр талааннаах тамада, дьоҕурдаах култуура үлэһитин, итиэннэ сатабыллаах салайааччы быһыытынан билэллэр. Ол эрэн бүгүн ааҕааччыларбытыгар Петр Егорович өссө биир ураты талаанын, дьоҕурун билиһиннэрэбит.  

Ырыа үйэлээх, таһымнаах буолуута ырыа тылын ис хоһоонуттан, тугу этэриттэн ураты суолталанар. Тыллары, этиилэри сатаан дьүөрэлэһиннэрэн хоһуйан, өҥнөөн дьүһүннээн этии син биир матыыбы таба тайаныы курдук быһыылаах. Айар киһиэхэ туох эмит ураты иэйиилээх табан этилиннэҕинэ, туойулуннаҕына, туора киһи баҕар кыайан өйдөөбөт, дуоһуйуу, сүргэ көтөҕүллүүтэ кэлэр. Тыл, матыып өргөһүн таба тайаныы диэн — үөрүү. Маны айар эрэ киһи өйдүүр. Ол иһин мин бэйиэттэри, уратытык хоһуйан этэр тыллаах хоһоонньуттары олус ытыктыыбын. Бэйэм хоһоон айа сатаабаппын. Бу эйгэҕэ мин санаабар, айылҕаттан айдарыылаах, төрөөбүт тыл сүмэтин имигэстик, хомоҕойдук сатаан өйдүүр дьон дьарыгырыахтаахтар. Мөлтөх хоһоонньуттар тылы үйэлээх буолуутун буортулууллар, таҥнары тардаллар дии саныыбын. Тыл иитэр суолталаах. Онон хоһоон тыла эппиэтинэстээх буолууну эрэйэр”, — диэнтэн кэпсэтиибит саҕаланна.

Култуура эйгэтигэр бастакы хардыы

Икки тыһыынча сыллар саҕаланыыларыгар, олохпут түөрэ уларыйар кэмигэр, үөрэхтэрин саҥардыы түмүктээбит Петр Гуляев (Кэбээйи), Гаврил Лыткин (Чурапчы-Чыаппара) уонна Алексей Ходулов (Мэҥэ Хаҥалас) диэн эдэркээн уолаттар Чурапчы улууһун култууратын эйгэтигэр эрэллээхтик хардыылаан киирбиттэрэ.  “Аан бастаан Чурапчыга кэлэбин диэммин, билигин санаатахпына такси Чаачыгыйга аҕалан хаалларбыт эбит. Биир баул суумкалаах, олох билбэт сирбэт, табаарыһым Ганя олорор нэһилиэгэр Алаҕарга, Чаачыгыйтан сатыы барбыттааҕым”, — диэн Петр Егорович күлэ-үөрэ кэпсиир. Ол кэмтэн ыла балай эмэ бириэмэ ааста, билигин икки атаҕар чиҥник үктэммит, элбэх оҕо амарах аҕата, тапталлаах кэргэн, алаһа дьиэ тутаах баһылыга, СӨ култууратын туйгуна Петр Гуляев улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгынан былырыыҥҥыттан ананан бэрт таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.

Петр Егорович, хайдах муусука эйгэтигэр сыстыбыккыный?

  • Муусука эйгэтигэр сыстыым оҕо эрдэхпиттэн диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Мин тастыҥ эдьиийим Матрена Павловна Килижекова диэн муусука уруогун учуутала этэ. Кинини сэргэ тастыҥ убайдарым үгүстэрэ култуура үөрэҕэ суох да буоллаллар бэйэлэрэ ырыа суруйаллар, айаллар уонна толороллор. Ол иһин да буолуо урут-уруккуттан биһиги аймахха ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр, ырыа айааччылар диэн өйдөбүл баар этэ. Ити тула сыстан улааппыппыт. Маҥнай ыллаабытым онтон кэнники оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан гитаранан доҕуһуоллуурга үөрэммитим. Ол ону Чурапчыга кэлэммин өссө үчүгэйдик чочуйан биэрбитим. Гитаранан оонньуурбар эдьиийим Матрена Павловна маҥнайгы нуоталары көрдөрбүтэ оттон манна кэлбитим кэнниттэн убайым Гаврил Гаврильевич Жирков «маны баттаатаххына маннык ырыалар» тахсаллар диэн үчүгэйдик көрдөрөн, суоллаан биэрбитэ.

— Култуура уонна поэзия төһө дьүөрэлии эбиттэрий? Бастакы хоһоонуҥ туох туһунан этэй?

  • Миэхэ бастаан матыып киирэр диэхпин сөп. Ол инниттэн бэйэбин хоһоонньуппун дэммэппин. Эппитим курдук маҥнай матыыба киирэр онтон кэнники ситэн-хотон хайдах эрэ бэйэм санаабар «киһини таарыйар матыып» диэн санаатахпына салгыы тиэмэтин, тылын көрөн ылсан, ситэрэн барабын. Бэйэм 11 кылааһын бүтэриэхпэр диэри төрөөбүт Кэбээйим улууһун Тыайа нэһилиэгин иһиттэн олох аҕыйахтык эрэ тахса сылдьыбыт, ийэттэн, аҕаттан улаханнык ырааппатах, тэйбэтэх уол этим. Улууска аҕыйахта баран ыллыы сылдьыбыппыт уонна бүттэ. Бастакы ырыам оскуоланы бүтэнэ устудьуоннуу тиийэн баран эмискэ, бэйэм үөскээбит уонна төрүттэрим олорбут ийэм, аҕам төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэрэ Тыайа нэһилиэгин туһунан хоһоон баарын билэммин уонна онно бастакы матыыбым тахсыбыта. Инньэ гынан хоһоонтон буолбакка матыыптан саҕалаабытым.

— Ырыа айар, хоһоон суруйар киһи иэйииҥ туохтан үөскүүрүй?

  • Бэйэм хас биирдии киһиэхэ иэйии баар диэн саныыбын. Хас биирдии айар-тутар киһи оччотооҕу түгэни, буолбут түбэлтэни, кэми атыннык, уратытык ылынар диэххэ сөп. Түгэнтэн иэйии үөскээн тахсан уустар уһаналлар, суруйааччылар суруйаллар. Биир өттүнэн олохпут күһэйэр.

— Барыта хас ырыалааххыный?

  • Уон икки ырыалаахпын. Биллэр соҕустартан “Күндү киһим” диэн оҕолорум ийэлэригэр, олоҕум аргыһар анаабыт ырыам, дойдум Тыайа туһунан ырыа баар, Чурапчыга олорон суруйбут “Маҥан хаар” диэн ырыам, “Кэбээйиттэн кэрэчээнэ” диэн бииргэ төрөөбүт балтым Анна Гуляева-Никонова тылыгар матыыба суруллубута.

“ “Күндү киһим” диэн Петя ырыатын 2010 сыллаахха бастаан бэйэтэ толорон, “бу эйиэхэ сөптөөх баҕайы ырыа баар” диэн иһитиннэрбитигэр истээт даҕаны тутатына сөбүлээбитим. Барыта түргэнник оҥоһуллан, судургутук табыллыбыта. Ити ырыанан “Саҥа ырыаҕа” кыттыбытым, ол кэмтэн ыла бу ырыабын сүрдээҕин сөбүлүүбүн. Бэйэм репертуарбар наар ылланар ырыалартан биирдэстэрэ буолар. Дьон-сэргэ даҕаны тута сэҥээрбитэ, ылламмыта быйыл 13-с сыла буолар эбит. Петя айар айымньылаах үлэтэ таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун. Салайар үлэни таһынан бэйэтин ырыатын-тойугун умнубатын диэн баҕа санаалаахпын. “Күндү киһим” курдук дириҥ иэйиилээх, дууһаны долгутар, сырдык иэйиигэ угуттуур ырыаны кырдьык киһи хас күн аайы таҥан таһаарбат айымньыта буолар. Инньэ диэн туран бу ырыа миэхэ түбэспитигэр ааптарга улаханнык махтанабын уонна этэҥҥэ өрүү ыллыырым тухары бу ырыа син биир ылланыаҕа ”, — диэн СӨ култууратын туйгуна, Эстрада Судаарыстыбаннай тыйаатыр артыыһа, норуот сөбүлээн истэр ырыаһыта Алексей Гурьев-Эрчим санаатын үллэһиннэ.

 — Ырыаларыҥ ураты тыыннаахтар, дьон-сэргэ хайдах ылынарый?

  • Биир бэйэбэр ырыа буолан биир күнүнэн, нэдиэлэнэн тахсан хаалбат. Сорохтор сүүһүнэн ырыалаахтарын эмиэ билэбин. Миэхэ ол оннук буолбатах. Балай эмэ уһуннук киирэр-тахсар, санааны ытыйар, хос толкуй быһыытынан олус өр сылдьар. Онтон таҕыста, түмүктэннэ диэтэхпинэ уоскуйан хаалабын. Артыыстар толордохторуна дьоннор үчүгэй ырыа диэччилэр. Биллэн туран оннугу иһиттэххинэ астынаҕын, өссө айыаххын-тутуоххун баҕараҕын. Дьоннор ырыа айааччыны үксүгэр билбэттэр. Элбэх ырыаны киһи истэр, ыллыыр ол эрэн хомойуох иһин ааптара ааттаммат. Ырыаһытын билэллэр онтон ырыаны суруйааччыҥ дьылҕата ырыа кэннигэр хаалар.

— Эн ырыаларгын эстрада улахан сулустара толороллор. Биир эмэ ырыаҥ суруллубут устуоруйатын уонна толоруллуутун туһунан кэпсээ эрэ.

  • Бииргэ төрөөбүт быраатым биирдэ кэлэн “балтыбыт наһаа үчүгэй хоһоон суруйбут” диэн эппитэ, ону Кэбээйи кыыһын туһунан диир уонна этэр: “Амма кыыһын туһунан ырыа баар, Чурапчы кыыһын туһунан ырыа баар, Ньурба кыыһын туһунан ырыа баар онтон биһиги Кэбээйи курдук киэҥ улуус кыргыттарын туһунан ырыа суох ол иһин итиннэ сыһыаннаах матыып баар дуо?” – диэбитэ. Ол кэмҥэ оруобуна биир матыыбы иитиэхтии сылдьыбытым, кини оруобуна ол икки куплета уонна припевэ суруллубут хоһооҥҥо сөп түбэспитэ, гитаранан ыллаабыппытыгар тахсан кэлбитэ. Оттон “Күндү киһим” диэн ырыа… Ол онно Марианнабынаан ыал буолан бараммыт, кини үс сыл үрдүттэн үөрэххэ барар, ити кэмҥэ ахтылҕантан, кэтэһииттэн, өрүү маннык бииргэ буолуохха диэн өйдөбүлтэн тахсыбыт ырыа диэммин саныыбын.

“Петр Гуляев миэхэ бэйэтин тылларыгар, матыыбыгар “Маҥан хаар” диэн ырыатын биэрбитэ. Бу ырыаны Чурапчылар наһаа сөбүлээн истэллэр, элбэх киһи толорор. Ырыа кистэлэҥэ матыыбыгар, тылларыгар сытар. Хас биирдии киһиэхэ наһаа чугастар, ис киирбэх, тиийимтиэ, ким баҕарар иһиттэ даҕаны тутатына астынар. Бэйэм ырыаны толорооччу быһыытынан матыыпка, тылларга улахан болҕомтобун уурабын. Чурапчы туһунан элбэх ырыаны ыллыыбын, ол айымньылартан биир сөбүлээн толорор ырыам буолар, матыыба тэтимнээх. Петя бэйэтэ Чурапчыга күтүөт киһи буоллаҕа дии, ол гынан баран бу биһиги дойдубутун сөбүлээн, кини суруйбут тылларыгар ол сыһыана наһаа көстөр диэн саныыбын. Киһи барыта этэргэ диэри ырыа суруйар, ырыа айар буолбатах. Кини манна барытыгар айар куттаах киһи буолара көстөр. Инньэ диэн туран хомоҕой тыллардаах “Маҥан хаар” диэн ырыатын иһин киниэхэ махтанабын. Инникитин даҕаны уопсай үлэтигэр ситиһиини баҕарабын, өссө даҕаны айымньылаахтык үлэлиэн баҕарабын. Өссө элбэх ырыалары, хоһооннору айа-тута турдун. Киһи оттон үлэтэ тахсыылаах, олоҕор дьоллоох буоллаҕына  —  айар үлэтэ эмиэ таһаарыылаах буолар диэн саныыбын. Петяны үлэһит да быһыытынан үчүгэйдик билэбин, итиэннэ кини бэйэтэ ис-иһиттэн үөрэн-көтөн баҕаран туран үлэлиирэ барыта үтүө түмүктэрдээх буоллун”, — диэн СӨ үтүөлээх артыыската, биир дойдулаахпыт, Саха эстрадатын маанылаах куолаһа, бука бары тапталлаах ырыаһыппыт Анастасия Иннокентьевна Готовцева кэпсиир.

— Сорох дьон эн ырыаларгын бэйэлэрэ суруйбут курдук кэпсэнэн, толороллорун туһунан истэбит. Ырыаларгар ааптар быраабын оҥотторбутуҥ дуо?

  • Суох, оҥотторо иликпин. Ол эрэн хас биирдии ырыа айааччы ити туһунан толкуйданыахтаах дии саныыбын. Итинник түбэлтэлэр урут да бааллара, билигин даҕаны тахсыталыыллар, онон-манан көстөллөр. Инньэ гынан ааптар быраабын хаһан эмэ оҥотторуохха наада. Бу билиҥҥи кэмҥэ критично ол туһунан толкуйдаабаппын.

— Кэнники ырыа суруйаҕын дуо?

  • Быраҕаттаан көрүүлэр, толкуйдар бааллар. Хоһоон баарынан баар, мин киниттэн тэйиччи туттубаппын. Бэйэм да билбэппинэн матыыбыттан саҕалаабын, онтон матыыпка хоһоону олордобун.

— Бэйэҕин бэйиэппин дэнэҕин дуо? Суруйааччылар Сойуустарыгар киирэр санаа баар дуо?

  • Суох-суох, ол оннук толкуй олох суох! (күлэр). Холобура, үчүгэй сварщик сыбааркалыыр, уус киһи уһанар, суол оҥорооччу суол оҥорор онтон миэхэ кыбаарталга сороҕор биирдэ эмэтэ киирэр иэйиилээх киһиэхэ ол онон ас-таҥас оҥостубаппын, була сатыы-сатыы былааннаммыппын.

— Төрдүгэр-уускар муусукаҕа, култуураҕа сыһыаннаах дьон баар дуо?

  • Аҕам өттүнэн төрүттэрим Кэбээйи улууһугар XVIII-с үйэ бүтүүтэ көһөн тиийбиттэр. Онно кэлэннэр Аттаах диэн аҕа ууһун тэринэллэр. Кэнники көлүөнэҕэ, хос эһэбит туһунан бардаҕым аайы ыйыталаһан кэлэбин. Кини уһунар дьиэтэ, күөртэ барыта баар. Оччотооҕуга улуус кулубата этиитигэр олоҕуран үс сэргэни оҥорон туруорбута биллэр. Ол сэргэлэр билигин даҕаны тураллар. Бэтэрээҥҥи аймахтарбар ырыа суруйааччылар бааллар: Виктор Макаров-Гуляев, Матрена Килижекова, Анна Никонова-Гуляева. Ийэм, аҕам нэһилиэккэ хор састаабыгар эҥин сүрүннээн кытталлар, чопчу оонньообуттара, толорбуттара бу диэн биллибэт. Арай таайым Гуляев Петр Егорович-Артыыс Бүөтүр диэн баар эбит, кини оччолорго үчүгэйдик оонньуур үһү. Кини аатын миэхэ толору биэрбиттэр.

— Айааччы быһыытанан инники былааннарыҥ?

  • Киһи бэйэтигэр эркээйи охсунар курдук кэмнээх буолуохтаах.Онно арыый даҕаны ырыалы чөкөлөөн, диискэ гынна таһаарыахпын баҕарабын. Күннээҕи үлэ сабыдыалыгар оҕустаран барыта көстөр көһөн иһэр, ол эрэн маннааҕы кэлиэгэлэрим айар киэһэни тэрийиини былаанныыбыт диэн эппиттэрэ. Маҥнай кэлбит уолаттарбытыттан саамай тэрээһиннээхпит – Алексей Ходуловпыт буоллаҕа. Кини тэрийиитинэн уон сыллааҕыта манна кэнсиэртии сылдьыбыппыт: Анатолий Горохов, Гаврил Лыткин, Алексей Ходулов уонна мин. Онно Ганя муусука айааччы быһыытынан, Алексей артыыс быһыытынан, Анатолий ырыаны толорооччу, айааччы быһыытынан оттон мин ырыа айыынан тахсыбытым. Онно эбии Степан Афанасьев кэлэ сылдьыбыта.

— Олоххо туох санааны тутуһаҕын?

  • Киһи баҕардаҕына, бэйэтигэр сыал-сорук туруоруннаҕына тугу баҕарар ситиһиэн сөп диэммин саныыбын. Олоҕу дьэҥкэтик көрөр ордук, биллэн туран ыллыбыт даҕаны космонавт буолбаппыт. Куттаммакка, толлубакка, мин сатаабаппын, дьоннор итинник дииллэр диэбэккэ эрэ тиһэҕэр диэри ситиһэн барарбын сөбүлүүбүн. Чурапчы сирэ-уота бэйэтэ үлэһит дьонноох-сэргэлээх буолан киһи бэйэтэ ону батыһар, ити барыта киһини сирдиир. Ол да иһин киһи кинилэри кытары тэбис-тэҥҥэ түсүһүөн, үлэлиэн-хамсыан баҕарар. Чурапчы улууһа төрдүн-ууһун билэр улуустар ахсааннарыгар киирэр, дирик силистээх-мутуктаах, төрүттэрдээх, устуоруйалаах оройуон. Биһиги көлүөнэ култуураҕа билигин эстафета тутааччылар буолабыт, инньэ гынан эппиэтинэс сүрдээх улахан. Ити туһунан убайдарбыт, эдьиийдэрбит өрүү санаталлар, этэллэр, сүбэлииллэр. Ол инниттэн хайаатар даҕаны күүскэ үлэлиэхтээхпит.    

Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар уонна Петр Гуляев тус архыыбыттан.