Чурапчыга үөрэх үлэһиттэрин XXXVII-c илин эҥэрдээҕи ыспартакыйаадата ыытыллар

Үгэскэ кубулуйбут ыспартакыйаада икки күн устата ыытыллар. Амма, Уус Алдан, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улууһуттан 125 кыттааччы хас да көрүҥҥэ күрэхтэһэллэр.

 

Егор Давыдов, Чурапчы улууһугар үөрэх үлэһиттэрин профсойууһун бэрэссэдээтэлэ:

Үөрэх үлэһиттэрин илин эҥэрдээҕи ыспартакыйаадата аан бастаан 1986 сыллаахха Чурапчыга тэриллибитэ. Ол кэмтэн ыла сыл аайы улуустан улууска көһө сылдьан ыытыллар.  Быйылгы ыспартакыйаада Чурапчыбыт үбүлүөйдээх сылыгар түбэспитэ оруннаах. Онон тоҕус томтордоох Чурапчыга буоларынан, тоҕус көрүҥ күрэхтэһиини  киллэрдибит: дуобат, саахымат, остуол тиэнньиһэ, дартс, сахавабол, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, хабылык, хаамыска уонна бүтэһик көрүҥ — ханаат тардыһыыта.

Быйылгы ыспартакыйаадаҕа үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, ол эбэтэр оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, солбуйааччылара, методистар кытталлар. Быйыл физкултуура учууталлара уонна тириэньэрдэр кыттыбатылар.

Маннык күрэхтэһиилэр чөл олоҕу, успуорду киэҥ эйгэҕэ тарҕатарга, улуустар доҕордоһууларын бөҕөргөтөргө, үөрэх үлэһиттэрин икки ардыларыгар бастыҥ ыспарсымыаннары таһаарарга оруола улахан.

Илин эҥэрдээҕи ыспартакыйаада кыттыылаахтарыгар ситиһиилэри баҕарабыт.

Марфа Петрова.