Бүгүн Чурапчыга мааны Маҕаайы Алааһын дьоллоох туонатыгар итии-куйаас эркиннээх, илгэ-быйаҥ эҥээрдээх самаан сайыны уруйдуур улуустааҕы үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна. Быйылгы ыһыах Арасыыйаҕа Дьиэ кэргэн Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Ыал саргытын сылларыгар ананна. Онон бу күн улууска холобур буолар дьиэ кэргэттэри, үрдүк ситиһиилээх оҕолору, үлэһит дьиэ кэргэн династияларын, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэннэрин чиэстээтилэр.
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт түмсүүтүн салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев, СӨ инновацияҕа, инфокоммуникационнай технологияҕа уонна цифровой сайдыыга миниистири солбуйааччы Дмитрий Васильев, Жатайдааҕы судоверфь дириэктэрэ Влад Пермяков, СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов, улууска урукку сылларга баһылыгынан үлэлээбит Иннокентий Аммосов, Анатолий Саргыдаев, Андрей Ноговицын о.д.а. бочуоттаах ыалдьыттарынан буоллулар.
Киин түһүлгэҕэ ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһуллар хатыҥнардаах-чараҥнардаах, хампа-солко алаастардаах Чурапчы си-бэлиэлэрэ – Хатыҥчааналаах Хатыҥ түһүлгэ дьонун-сэргэтин, ыалдьыттарын эҕэрдэлээһиннэрэ уратытык, сонуннук көһүннэ. Хатыҥ нарын сипсиэрин санатан, хатыҥ лабаатынан арчылаан, сахалыы маҥан халадаайдаах кыргыттар, далбар хотуттар түһүлгэҕэ сэлэлии хаамсан долгулдьуйдулар. Үрүҥ тунах үгэннээн, сир-дойду силигилии симэнэн сириэдийэн турдаҕына, тоҕус уолан бэртэри кынаттанан, аҕыс кыталык кыргыттары арыалланан, аар алгысчыттар Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэн, аал уоту оттон, айах тутан, алгыс сиэрин-туомун толордулар.
Быйыл Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит Одьулуун нэһилиэгин ытык ыаллара Марина Николаевна, Николай Лаврентьевич Турантаевтар улууска биллэриллибит Ыал саргытын сылынан Ытык Дуоҕаны улуус баһылыгар Степан Саргыдаевка туттардылар. Баһылык улууһун дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээн туран, Ытык Дуоҕаны анал сэргэҕэ аста итиэннэ ыһыаҕы аһыллыбытынан аахта.
Ол кэнниттэн улуус нэһилиэктэриттэн түмсүбүт кэрэ куоластаах ырыаһыттар хуордара Алгыс ырыатын толордулар. Олох дьолун түстүүр Айыы көтөрдөрө – кырыылаах тумустаах, кынтаҕар таһаалаах, кыҥкынас ырыалаах кылбаа маҥан кыталыктар кырыйа көттүлэр. Ыал саргытын сылыгар анаммыт уус-уран туруорууга кийиит кыыс холоонноох доҕоругар атынан кэлиитэ, иэримэ дьиэни иччилээн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн, удьуордарын ууһатар ыччаттарданан, сиргэ кэлбит аналларын толорон, саха сайдам ыала буолбуттарын толору арыйыы сонуннук көһүннэ. Кырдьыга да дьиэ кэргэн – уопсастыба бигэ тирэҕэ, тулхадыйбат тулааһына буоллаҕа.
Улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр, мантан сайын от-мас силигилии ситэн, уйгулаах, өҥ-быйаҥ сайын буоларыгар, хас биирдии дьиэ кэргэн туруктаах, байылыат олохтоноругар истиҥ баҕа санааларын тиэртилэр. Степан Саргыдаев билиҥҥи кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ Судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус өттүттэн болҕомто уурулларын, араас өрүттээх көмө оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Оҕолорбутугар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээн, кинилэр дьоһун дьон буолан тахсалларын туһугар кыһамньыбытын уурарга, саха омук инники дьылҕатын түстээн, оҕону илгэлээх ийэ тылыгар, төрүт култууратыгар уһуйан, омук быһыытынан бэйэтин ытыктатар киһини иитэн таһаарарга хас биирдии төрөппүтү ыҥырда. Байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбыт кыайыы көтөллөнөн, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарда.
Улууспут сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрсибит үлэһит үтүө дьоммутугар өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна Чурапчы нэһилиэгин салалтатын үрдүк наҕараадалара туттарылынна. Кинилэр ортолоругар “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн Егор Ильич Попов наҕараадаланна. СӨ Бырабыыталыстыбатын грамотата Мугудайтан “Тура” бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытыгар Варвара Сивцеваҕа туттарылынна. Бырабыыталыстыба махтал суруга Соловьев нэһилиэгиттэн Федот Новгородовка ананна. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, суруйааччы Павел Федоров – Сомоҕоҕо “Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо” аат иҥэрилиннэ. Оттон Чурапчы улууһун “Бочуоттаах бэтэрээнэ” аат СӨ үөрэх систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнигэр Антонина Переваловаҕа, энергетика бэтэрээнигэр Владимир Максимовка ананна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, аатырбыт артиллерист Г.Д. Протодьяконов аатынан анал бэлиэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Алексей Алексеевка туттарылынна. Ил Түмэн Махтал суругун Болугуртан “Чараҥ” бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Мария Луковцева, Бахсыттан Николай Пестряков, доруобуйа харыстабылын үлэһитэ Маргарита Филиппова туттулар.
Салгыы Аар баҕахха чороон иһити чуоҕутан, кэриэн иһити кэккэлэтэн, Кымыс үрдүн охторуу сиэрэ-туома ыытылынна. Ыһыах аһыллыытын сүрүн чааһын кэнниттэн түһүлгэлэринэн сахалыы куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр, ырыа-тойук утум-ситим салҕанан бардылар.
Анна Захарова.
Людмила Горохова хаартыскаҕа түһэриитэ, видео Наталья Сибирякова