Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев, оройуоҥҥа көҥүл тустуу бэдэрээссийэтин салайыаҕыттан оҕолорго, ыччаттарга элбэх күрэхтэһиилэр ыытыллар буоллулар. Бүгүн, Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар, сабыс-саҥа тустуу көбүөрүгэр, өрөспүүбүлүкэбит 16 улууһуттан 233 бөҕөс, икки күн устата сытыы хапсыһыылары көрдөрүөхтэрэ.
Чурапчы улууһугар бүгүн тустуу түһүлгэтин улахан бырааһынньыга. Чурапчыттан тахсыбыт чулуу бөҕөс, Саха биллиилээх тустууга, ССРС успуордун үтүөлээх маастара Василий Николаевич Гоголев бирииһигэр оҕолорго өрөспүүбүлүкэ биир улахан турнира саҕаланна. Түһүлгэ комментаторынан “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, 2009 сыллааҕы “Арассыыйа бастыҥ учуутала” ПНПО кыайыылааҕа Егор Яковлев үлэлиэҕэ.
Турниры арыйар үөрүүлээх чааска, Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, көҥүл тустууга Сойуус чөмпүйүөнэ Семен Морфунов, тустууга СӨ оҕолорго старшай тириэньэрэ Кузьма Сивцев, өрөспүүбүлүкэтээҕи категориялаах судьуйа Валерий Скрябин кыттыыны ыллылар. Чурапчы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бочуотунай грамотатынан, Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола тириэньэрэ Альберт Макаров, Чурапчы улууһун баһылыгын бочуотнай грамотатынан Дириҥнээҕи тустуу филиалын тириэньэрэ Дмитрий Иванов, Чурапчы улууһугар физическай култуураҕа уонна успуорка кылаатын иһин бочуотунай бэлиэнэн, Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола старшай тириэньэрэ Виталий Корякин наҕараадаланнылар.
“Дмитрий Петрович Европа чөмпүйэнээтигэр, аан дойду чөмпүйэнээтигэр (Павел Пинигин бастыыр кэмигэр), аан дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьыбыта. Онтукам кэлин улахан тустуук буола сайдан-үүнэн тахсарбар олус элбэҕи биэрбитэ. Төрдүс кылааска үөрэнэ киирэрбэр, Дмитрий Петрович аҕабар “улахан уолгун Васяны миэхэ тустууга үөрэттэрэ биэр” диэн, интэринээккэ олорон үөрэнэр буолбутум. Арай биирдэ, Казахстан оҕолорун кытта утарыта күөн көрсүү кэмигэр, миигин, 28 кг ыйааһыннаах уолу, 32-гэ өрө таһааран туһуннарбыттара. Хата, утарсааччы уолбун кыайбытым. Онтон 1976 сыллаахха Монреаль куоракка буолбут сайыҥҥы олимпиадаҕа көҥүл тустууга үс саха уолун (Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин) өрөгөйүн кэнниттэн Дмитрий Коркины 1977 сыллаахха “Зал борьбы” тириэньэринэн куоракка ыҥырбыттара. Мин 1976 сыллаахха икки Бүтүн Сойуустааҕы турнирга кыайаммын, чөмпүйүөн аатын ыламмын, маастар нуорматын толорбутум. Оҕолор онон эрэллээхтик тустуҥ”, — диэн Василий Николаевич эттэ.
Ыспараапка, Василий Николаевич успуорка ситиһиилэрэ:
1982 сыл – Европа чөмпүйэнээтигэр (Болгария, Варна) иккис миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Орджоникидзе) – үһүс миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (Иран, Тегеран) – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (Канада, Торонто) – бастакы миэстэ. 1983 сыл – Аан дойду Куубага (США, Толидо) – үһүс миэстэ. ССРС норуоттарын спартакиадата (Москва) – иккис миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Москва) – үһүс миэстэ.
1984 с. ССРС чөмпүйэнээтигэр – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы итиэннэ норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (ФРГ, Фрейбург) – бастакы миэстэ. 1985 с. Европа чөмпүйэнээтигэр (ГДР, Лейпциг) – бастакы миэстэ. 1986 с. “Үтүө дьулуур оонньуулара” (Москва) – бастакы миэстэ. ССРС чөмпүйэнээтигэр (Орджоникидзе) – бастакы миэстэ. Аан дойду Суперкубога (Япония, Токио) – иккис миэстэ. 1987 с. РСФСР чөмпүйэнээтигэр – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы турнир (ГДР, Зуль) – бастакы миэстэ. 1988 сыл – Европа чөмпүйэнээтигэр (Англия, Манчестер) – бастакы миэстэ. Турнир “Гран-при ФИЛА” (Венгрия, Будапешт) – бастакы миэстэ.
Бу түһүлгэттэн үүнэн, тыыллан-хабыллан таҕыстылар этэ дии: ини-бии Герман, Александр Контоевтар, Леонид Спиридонов, Виктор Лебедев, Осип Михайлов, Чурапчыттан Арассыыйа чөмпүйүөнэ Егор Пономарев, Ньургун Скрябин, Иннокентий Иннокентьев о.д.а. Бу турнир эдэр бөҕөстөрү өрөспүүбүлүкэ сүрүн хамаандатыгар сүүмэрдиэҕэ, оҕолор салгыы тусталларыгар улахан кыаҕы биэриэҕэ. Финальнай хапсыһыылары сарсын көрүөхпүт.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ