Аан дойду үрдүнэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт күн ахсынньы 3 күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута 20-тэн тахса сыл буолла. Биһиги улууспутугар бу күн чэрчитинэн «Ускуустуба, култуура уонна тутулуга суох олох» диэн ааттаммыт декада аһыллыыта «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр ахсынньы 6 күнүгэр ыытылынна.
Манна Чурапчытааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларын бэрэстэбиитэллэрэ, нэһилиэктэртэн маҥнайгы сүһүөх уопсастыбалартан дьон-сэргэ, социальнай үлэһиттэр, нэһилиэктэр баһылыктара тоҕуоруһа муһуннулар. Күн бастакы аҥарыгар улуустааҕы киин балыыһа, пенсионнай фонда, социальнай харалта управлениетын, дьарыктаах буолуу, олохтоох көҕүлээһини өйүүр кииннэр үлэһиттэрин кытары төгүрүк остуол тула кэпсэтии ыытылынна. Доруобуйаларынан хааччахтаах талааннаах дьоммут айбыт-туппут, оҥорон-ойуулаан таһаарбыт ураты уран оҥоһуктарынан быыстапка тардылынна. Хартыына, быысапка, кыбытык ньыманан тигиллибит панно арааһыттан саҕалаан сабынан өрүллүбүт сувенирдарга тиийэ көрүөхтэн эриэккэс, кэрэ көстүүнү бэлэхтээтилэр. Ону сэргэ киин балыыһа быраастара «Айылгыга» кэлэн көрдүлэр-иһиттилэр, флюорографияҕа түһэрэр массыына үлэлээтэ.
Декада арыллыытын үөрүүлээх чааһыгар үгүс эҕэрдэ тыл этилиннэ, доруобуйаларынан хааччахтаахтаахтар уопсастыбаларын көхтөөх, чаҕылхай дьонугар наҕараадалар туттарылыннылар.
Улуустааҕы адаптивнай спорт федерациятын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Матвеев: «Ааспыт сылга Чурапчытааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбата ылыныллыбыт былаанынан киэҥ үлэни-хамнаһы ыытта. Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ, куонкурустарга, улууска буолар дьаһалларга барытыгар актыыбынайдык кыттан, дьоммутун-сэргэбитин уопсастыбаҕа сыһыарарга үлэлэһэн кэллибит. Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт ыйга инбэлииттэр уопсастыбаларыгар саҥа бэрэссэдээтэл анаммыта, уопсай мунньах куоластааһынынан эдэр киһи Саргылана Хоютанова талыллан үлэтин саҕалаата. Онон үлэбит өссө тэтимириэ, күүһүрүө диэн эрэнэбит. Кэлэр сылга былааммыт киэҥ: икки өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дьаһал ыытыллыахтаах, адаптивнай спорт көрүҥнэригэр кыттыахпыт, ону таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут-сэргэбит сытыы боппуруостарын быһаарарга, кыһалҕаларын кыччатарга анаммыт үлэ эмиэ өрүү буоларын курдук ыытыллыаҕа»,-диэн кылгастык билиһиннэрдэ.
«Айылгы» үрдүк сценатыгар доруобуйаларынан хааччахтаахтар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлинэн 8 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит Римма Дьячковскаяҕа үгүс махтал тылларын анаатылар, Римма Гаврильевна эмиэ дьонун-сэргэтин истиҥник эҕэрдэлээн, саҥа анаммыт бэрэссэдээтэлгэ — Саргылана Николаевнаҕа айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕаран тыл эппитэ олус долгутуулаах буолла.
Саргылана Хоютанова: «Үлэбин саҥа саҕалаан эрэр киһи быһыытынан бүгүн сүрдээҕин диэн долгуйдум, бастакы улахан тэрээһиним буолар. Үгүс киһи кэлбититтэн, барытыгар көхтөөх кыттыыны ыла сылдьалларыттан олус үөрдүм, бука барыларыгар барҕа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уопсастыба үлэтигэр инники былааммыт үгүс уонна киэҥ: араас спортивнай күрэхтэр, култуура эйгэтигэр куонкурустар буолуохтара, онно кыттыыны ылыахпыт. Биһиги ортобутугар олус үчүгэйдик хоһоон суруйар, ааҕар дьон бааллар, кинилэри эмиэ дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр таһаарыахпытын баҕарабыт. Онон бары биир санаанан, биир сомоҕо буоламмыт айыахпыт-тутуохпут, үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин!»,-диэн санаатын үллэстэр.
Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн Кытаанахтааҕы «Сыккыс» түмсүү тэрийиитинэн улууска бастакытын «Үҥкүүлээ» инклюзивнай үҥкүү күрэҕэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Наталья Сибирякова.