Кини оҕо сааһа кэрэ айылҕалаах, хатыҥ-чараҥ алардардаах, быыһа суох сиэдэрэй сибэккилээх, арылыйа көстүүлээх алаастардаах: тыа саҕатыгар кэҕэ этэн чоргуйар, үөһэ күөх халлааҥҥа күөрэгэй ырыата дьырылыыр, чыычаахтар көтө-дайа көрүлүүр, күн уота күлүмүрдүү оонньуур олус да ураты сиригэр-уотугар ааспыта.
Ааныс төрөөбүт дойдута Хоту Сылаҥынан аатырар, ньээкэ күөх хонуулаах Нээтийэ сайылыга, сытыары хонуулаах Сылдьыры алааһа, киинэ түспүт сирэ Түмэппий алааһа буолаллар. Оттон оҕо сааһа ааспыт, улааппыт, сүүрбүт-көппүт сирэ – балыгынан баай Уһун Күөл буолар.
Анна Егоровна Гордеева, Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр Түмэппий алааһа диэн сиргэ Дьөгүөр Киргиэлийэбис уонна Татыйаана Дьөгүөрэбинэ дьиэ кэргэттэригэр, 1936 сыллаах иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ барахсан Татыйаана оҕолонобун диэн хаана баран, бэрт эдэр сааһыгар олус хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Аҕата Дьөгүөр түөрт оҕолоох огдообо хаалар. 1939 сыл күһүнүгэр үһүс кэргэнин Дуунньа диэн оскуолаҕа киирэр саастаах кыыс оҕолоох Макарова Феодосия Иннокентьевналыын ыал буоланнар эбии түөрт оҕолоноллор: Егор, Максим, Иннокентий уонна Татьяна. Онон 9 оҕону иитэн, үөрэттэрэн киһи-хара оҥорбуттара. Олортон алта учуутал идэлээх, биэстэрэ үрдүк үөрэхтэнэн, икки уол механизатор, биир кыыс медик идэтин ылбыттара. Тоҕус оҕолоруттан удьуордарын утумнуур элбэх сиэннээхтэр, хас сиэннээхтэр. Оттон кинин кыра эрдэҕиттэн Ааныс диэн ааттыыллара. Ааныс оҕо сааһыттан дьонугар оттоһон, оҕо көрсөн көмөлөһөн улааппыта, аҕыс сааһын туолбутун кэнниттэн Булгунньахтаах 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1955 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын, 1959 сыллаахха СГУ-ну бүтэрбитэ. Үөрэммит, 50 сыл тохтообокко үлэлээбит оскуолатын остуоруйатын суруйан, оскуола мусуойун тэрийбитэ.
2023 сыллаахха Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата 145 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр Анна Егоровна Гордеева аатынан “Дархан кыһата” диэн оскуола иһинэн устуоруйа мусуойа аһыллыбыта.
Анна Егоровна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран, “Чыраадыматтан тардыстан…” диэн төрөөбүт түөлбэтин, Улахан Күөлүн сирин-уотун, дьонун-сэргэтин VIII-с үйэттэн саҕалаан, кэлэр кэнэҕэски ыччакка анаан кинигэ суруйан хаалларда. Кинигэ улуус, нэһилиэк хас биирдии дьиэ кэргэнигэр, оскуолаҕа, бибилэтиэкэҕэ, мусуойга туһата биллэн туран улахан.
Кини Кытаанах оскуолатыгар, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар, Чурапчы орто оскуолатыгар барыта 50 сыл учууталынан, кылаас салайааччытынан, завуһунан, мусуой дириэктэринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Уон аҕыс сыл устата Дьахталлар оройуоннааҕы Сэбиэттэригэр ол иһигэр 8 сыл солбуйар, уон сыл сирэй бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Оскуола, оройуон, кустобуой методическай холбоһук солбуллубат салайааччыта, Чурапчы Сэбиэтин дьокутаата, Эйэ пуондатын активиһа, районо уопсастыбаннай иниспиэктэрэ.
Кини — ССРС, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Идэ бастыҥа” грамота хаһаайына, 1973 сыллаахха “Социалистическай куоталаһыы” кыайыылааҕа, “Сэбиэскэй пуонда эйгэтин активиһа”, “Гражданскай килбиэн”, “Учууталлар учууталлара”, “СӨ үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах бэтэрээнэ”, “Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын Бочуоттаах учуутала”, “ССРС үлэтин бэтэрээнэ”, “Чурапчы улууһун үөрэҕириитигэр кылаатын иһин”, Чурапчы улууһугар үөрэхтээһин 145 сылыгар “Чурапчы улууһун үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ”, “Сэрии оҕолоро” бэлиэлэр хаһаайыннара.
Сылаҥ, Чурапчы нэһилиэктэрин, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо. Чурапчы орто оскуолатын Бочуотун кинигэтигэр оскуола 120 сыллаах үбүлүөйүгэр киллэриллибитэ, СӨ учууталларын энциклопедиятыгар аата суруллубута, Макаровтар учууталлар династияларын баһылыга, 2014 сыллаах Туймаада ыһыаҕар Гиннес рекордун олохтооһуҥҥа кыттыбыта.
Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын иһинэн сылын аайы тиһигин быспакка бэчээттэнэр “Чурапчы улууһун учууталлара” быйылгы анал таһаарыыта – холобур буолар олохтооъ улахан учуутал Анна Егоровна Гордееваҕа ананна. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ “Чурапчы улууһа” МТ баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай,
үөрэх управлениетын исписэлииһэ Мария Артемьева, кинигэни түмэн таһаарбыт ааптардар Анна Егоровна төрөппүт кыыһа Татьяна Соловьева, сиэнэ Екатерина Соловьева, балтыта Татьяна Пономарева,
бииргэ төрөөбүттэрэ Мария Макарова, Иннокентий Макаров, үөлээннээхтэрин ааттарыттан Василий уонна Светлана Дьячковскайдар, оскуолатааҕы дьүөгэтэ Нина Арепина, улуус, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара, уопсастыбаннас, биир дойдулаахтара, биир кэмҥэ алтыспыт кэллиэгэлэрэ кытыннылар.
“Анна Егоровна үөрэппит оҕолоруттан норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар, салайар үлэҕэ тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ, үлэлии сылдьаллар. Кинилэр истэригэр 14 наука хандьыдааттара, олортон үһэ наука дуоктара: Виталий Филиппов, Александр Потапов, Зинаида Потапова о.д.а. Анна Егоровна аҥардас учуутал эрэ үлэтинэн дьарыктамматаҕа, улууһун сайдарын туһугар элбэх уопсастыбаннай үлэни толорбута. Кини саталлаах салайыытынан бэйэтин бииргэ төрөөбүттэрин, кинилэр оҕолорун, кыыһын, күтүөтүн – барыта 25 киһини түмэн, 662 сыл ыстаастаах “Макаровтар удьуор-утум учууталлар” династиялара баар буолан, улууспутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар”, — диэн Степан Анатольевич эттэ.
“Ийэм куруутун кылаас салайааччыта буолан, дьиэбитигэр оҕо бөҕөтө сылдьара. Саҥа дьыллааҕы, кулун тутар 8 күнэ, ыам ыйын 1 күнэ, Кыайыы күнэ – ити бырааһынньыктар тэрээһиннэригэр оҕолор учууталларыгар кэлэ тураллара. Биһиги дьиэбитигэр 6 буолан олорбуппут: ийэм, Улахан Маамам – ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анна Егоровна Макарова, эдьиийдэрим Лариса, Света, убайым Петя уонна мин. Таайым Ньургустаан Егорович баартыйалаах буолан, икки сыл буола-буола атынтан-атын оскуолаҕа дириэктэринэн көһөрө сылдьан үлэлэтэллэрэ.Оскуоланы бүтэрэн, сөптөөх идэни ыларбар ийэм улахан олугу уурбута. Соҕуруу Калининскай уобалас Торжок куоратыгар ыытан, вышивальщица идэтин ылбытым. Ийэм куоракка киирэн олорон, “Чыраадыматтан тардыстан…” диэн 10 ийэ ууһун хабан, улахан кинигэни суруйан, улахан үлэни оҥорон хаалларда”, — диэн кыыһа Татьяна Соловьева аҕынна.
“Эдьиийим Анна Егоровна биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бастакынан үрдүк үөрэхтээх учуутал буолбута. Улахан Күөлгэ даҕаны кини бастакы үрдүк үөрэхтээх киһинэн ааҕыллара. Мин киниэхэ ымсыыран, учуутал буолуохпун баҕарар этим. Оҕо сырыттахпытына батыһыннара сылдьан, сир астатан, Улахан Күөлбүт алаастарын барытын кэрийэн, кэпсээн, киниттэн өбүгэлэрбит, дойдубут дьоно-сэргэтэ олорбут сирдэрин билбиппит. СГУ-га математическай факультекка киирэн, математик идэтин ылбытым. Кэлэрбэр эдьиийим үлэлиир миэстэбин, олорор сирбин булан олорор этэ. Чурапчы орто оскуолатыгар учууталлаабытым, икки эдьиийбэр мааны оҕо буолан, бэлэм аһы аһаан, итии дьиэҕэ олорон, туохха да аралдьыйбакка үлэлээбитим. Үлэлиирбэр уруогу биэрэр ньымабар көмөлөһөр этэ. Кини үөрэтэр ньыматыттан хатылааһыҥҥа математическай диктант диэн ньыма баарын көрдөрөн, күн-бүгүнүгэр диэри туттабын, туһалааҕын эдэр учууталларга сүбэлдиибин. Үлэлиирим тухары эдьиийбиттэн ылбытым элбэх, онон махталым муҥура суох”, — диэн балтыта Татьяна Егоровна Пономарева дьоһуннаах ахтыыны оҥордо.
Улахан учуутал туһунан ахтыыны үгүс киһи оҥордо, тэрээһин 14 чаастан саҕалаан киэһэ 18.30 мүнүүтэҕэ диэри уһаата.
“Биһиги оскуолатааҕы оҕо сааспыт Анна Егоровналыын биир кэмҥэ ааспыта. Үөрэнэр кэммитигэр Анна Егоровна ахсааҥҥа дьоҕурдаах үөрэнээччи быһыытынан атыттартан уратылаах этэ. Кини оскуолатааҕы үлэтинэн эрэ муҥурдаммат үлэһит этэ, үлэтин таһынан араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэни сүрүн үлэтин кытта дьүөрэлээн, кыайа-хото тутара. Оройуон үрдүнэн Дьахтар кэмитиэтин араас өрүттээх үлэтин уонунан сылы быһа баһылаан-көһүлээн үлэлэтии манан аҕай үлэ буолбатаҕа өйдөнөр. Анна Егоровна үлэлиир сылларыгар кылаас салайааччытын быһыытынан үс кылааһы выпустаабыта. Араас дааталарынан сибээстээн олус иһирэх ис хоһоонноох эҕэрдэлэри үөрэнээччилэриттэн истэн, олус диэн үөрэрэ-көтөрө, долгуйара. Кини олорон, үлэлээн ааспыт кэмнэрэ биһиги харахпыт далыгар ааспыта. Кини үлэтин сыанабылыгар аата-ахса суох оройуон, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах наҕараада да, аат-суол да иҥэриллибитэ”, — диэн үөлээннээхтэрэ Светлана Георгиевна, Василий Николаевич Дьячковскайдар истиҥ тыллары эттилэр.
Аҕа көлүөнэ учууталлар дьулуурдаах үлэлэрэ умнуллубат, утумнаахтык, “Чурапчы улууһун учууталлара” серияҕа тахсан үйэтитиллэн, билигин үлэлии сылдьар педагогтарга үтүө холобур буола туруоҕа.
Сэмэн Жендринскэй