«Улахан этнографическай дьыктаан» норуоттар ардыларынааҕы аахсыйа Чурапчы улууһугар VIII-с төгүлүн бүгүн, сэтинньи 3 күнүгэр тэрилтэ салайааччыларыгар анаан ыытылынна. Улуус нэһилиэнньэтигэр сэтинньи 7 күнүгэр ыытыллар эбит буоллаҕына, “Айылгы” НАДь-гэр СӨ тутууга миниистирэ Виктор Романов кыттыылаах дьыктааны суруйдулар.
Аахсыйа кыттыылаахтара дьыктааҥҥа олус болҕомтолоохтук сыһыаннастылар. 45 мүнүүтэ иһигэр 30 боппуруоска эппиэттээтилэр. Бастакы сүүрбэ боппуруос уопсай, Арассыыйа туһунан, хаалбыт уон ыйытык – Саха сиригэр туһуланна.
“Быйыл дьыктааны ахсыс төгүлүн тэрийэн ыытабыт. Улууспут 10-тан тахса салайааччыта кыттыыны ылла. Бүгүн биһиэхэ СӨ тутууга миниистирэ, улууспут Аҕа баһылыга бэйэлэринэн кытталлара олус долгутуулаах. Бу биһиги кииммитин кытары өрүү билсэр, үлэлэһэр дьоммут буолаллар”, — диэтэ Чурапчы улууһун киин бибилэтиэкэтин ааҕар саалатын сүрүн бибилэтиэкэрэ Саргылана Флегонтова.
Дьыктаан түмүгүн кыттааччылар куратордарыттан билиэхтэрэ. Сөптөөх эппиэттэри тэрийээччи сэтинньи 16 күнүгэр диэри бэйэтин саайтыгар таһаарыаҕа. Быйыл улахан этнографическай дьыктааҥҥа Арассыыйа 85 эрэгийиэниттэн итиэннэ 45 тас дойдуттан кыттыыны ылаллара былааннанар.
Дьыктаан боппуруостарын www.miretno.ru саайка көрүөххэ сөп.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ