Чурапчыга тыынан эрдии күрэҕэ ыытылынна

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр сылын аайы ТОС-тар икки ардыларыгар ыытыллар үгэскэ кубулуйбут тыы күрэҕэ буолан ааста. Быйыл Чурапчы нэһилиэгин 375 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Чурапчы күннэрин чэрчитинэн Чурапчы Эбэ кытылыгар кыттааччылар, көрөөччүлэр муһуннулар. Уопсайа 5 ТОС күрэхтэһээччилэрэ илин-кэлин түһүстүлэр.

Түмүккэ 18-30 саастарыгар диэри бөлөххө Степан Степанов («Спортивнай» ТОС) 1-кы, Гаврил Татаринов («Маарыкчаан» ТОС) 2-с, Илья Константинов («Молодежнай» ТОС) 3-с миэстэ буоллулар. 31-40 саастаахтарга Василий Степанов («Чараҥ» ТОС) хаһыс да сылын иннигэр кими да түһэрбэккэ бастаата, Виталий Корякин («Спортивнай» ТОС) иккис, Станислав Сивцев («Маарыкчаан» ТОС) үһүс миэстэни ыллылар. 41-50 саастаахтарга Афанасий Сивцев («Маарыкчаан» ТОС) 1-кы, Павел Собакин («»Чараҥ» ТОС) 2-с, Валерий Скрябин («Спортивнай» ТОС) 3-с буоллулар. 50-60 саастаахтарга Владимир Романов («Спортивнай» ТОС) 1-кы, Афанасий Дьячковскай («Молодежнай» ТОС) 2-с, Дмитрий Лазарев («Маарыкчаан» ТОС) 3-с миэстэлэри ыллылар. 61-тэн үөһээ саастаахтарга Иван Пермяков («Куоҕалы» ТОС) 1-кы, Иван Иллаиронов («Чараҥ» ТОС) 2-с, Иван Макаров («Маарыкчаан» ТОС) 3-с миэстэ буолары ситистилэр.

Уопсай түмүккэ «Спортивнай» ТОС кыайыылааҕынан таҕыста, «Маарыкчаан» ТОС иккис, «Чараҥ» ТОС үһүс миэстэлэри ыллылар.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, ситиһиилэри баҕарабыт!

Наталья Сибирякова

Сиһилии видеону биһиги каналбытыгар көрүҥ: