“Дьиҥэр сахаҕа күөсчүт идэтэ, чуолаан, дьахтар дьарыга. Бу идэни Аан Алахчын Хотун араҥаччылыыр диэн ааттанар эбит. Күөс охсооччунан көнө сүрүннээх, өйдөөх, дьоһуннаах эмэн саастаах дьахталлар уонна эмээхситтэр буолаллара эбитэ үһү. Эдэр кыргыттары, дьахталлары чугаһата даҕаны сатаабаттар. Бу идэ ийэ ууһунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дииллэрэ. Күөс охсооччу кимин-тугун күөскэ түһэрбит ойуутунан-оһуорунан билэллэрэ”, — диэн Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, соҕотох аҕа, саҥаны айааччы-тутааччы Ньургун Филиппов туойун мэһийэ олорон күлэ-үөрэ сүрдээх истиҥник, аһаҕастык сэһэргиир.
Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, саҥаны айааччы Ньургун Филиппов “Саҥа олох” хаһыат эрэдээксийэтигэр олох туһунан толкуйун сэгэтэн кэпсээтэ.
Туой иһит “тойуга”
Туойунан иһит оҥоруохпун толкуйдаабытым ыраатта, ол эрэн «Чурапчыга туой суоҕа буолуо» диэн саныыр этим. Кэлин анаан-минээн көрдөөммүн, билиҥҥи туругунан, үс араас туойу булан олоробун: кыһыл, халлаан күөх уонна от күөҕэ өҥнөөхтөрү. Киһи көрдөөтөҕүнэ төһөнү баҕарар булуон сөп. Иһит оҥорон таһаарыыбар туойдарбар тугу даҕаны булкуйбаппын, ардыгар бэйэ-бэйэлэрин кытары холбуубун, ардыгар бэйэлэрин өҥнөрүнэн боруобалыыбын. Иһити оҥорон таһаарар станокпун барытын бэйэм оҥорбутум, билигин интэриниэт ситим нөҥүө тугу баҕарар көрөн үтүктүөххэ сөп, ол сиэринэн станок төһө кээмэйдээҕин, үлэлиир мэхэниисимин сирийэн үөрэппитим, кэмпириэссэр мотуорун олордон атахпынан тэбэрим быыһыгар ардыгар уокка холбоон көмөлөһүннэрэбин. Туойу үчүгэйдик, тиэстэни мэһийэр курдук сыыһын-бөҕүн, кыра кыырпах таастарын ыраастаан мэһийиллэр (ортотунан 5 мүнүүтэ устата). Ити кэнниттэн станокка уураммын эргийэр кэмигэр илиибит, тарбахтарбыт имнэринэн айан-тутан барабыт. Үчүгэйдик 4-5 хонук куурдан баран (түргэнник куурдар алдьаныыга тиэрдэр), арыынан сотон оһоҕум түгэҕэр уган уот оттор маспын кытары тэҥҥэ уматан хатарабын. Кэтээн көрүүбүнэн, атын омуктар иһиттэрин оҥорордооҕор туойунан саха иһиттэрин оҥорор олус уустук эбит. Маҥнай иһиттэрим өр кэмҥэ сатамматахтара, онтон сыыйа-баайы кыралаан табыллан барбыттара, бастакы иһитим уу иһэр ыстакаан этэ. Кэлин сибэкки олордор кашполары, чааскылары, тэриэлкэлэри оҥорон саҕалаатым. Билигин биир билэр киһибэр сакааска хоруолук аһыыр иһитин оҥоро сылдьабын. Аһылыкка, ууга-хаарга туой иһит олус табыгастаах буолар эбит, бэл килиэп буһарар киэп оҥорон сытыарабын.
Иччилээх идэ бадаҕа
Чахчы да, күөсчүт идэтэ ыраахтан силистээх-мутуктаах быһыылаах. Сахаҕа тимир ууһа ойууннааҕар үрдүк кэрдиискэ турарынан, оттон уустар күөсчүтү аҕаспыт диэн алы гынан ааттыылларыттан көрдөххө, чахчы да «кырдьаҕастара» быһыылаах. Ол курдук ойуун күөсчүтү «кынчарыйан», илиитин «алдьатар» түбэлтэтигэр, күөсчүт ойууну барар-кэлэр суолугар тоһуйан, ботугураан баран буору бырахтаҕына ойуун өлөр. Эбэтэр ойуун дуу, уус дуу өһүргэттэхтэринэ, иһит охсор лаппаакытынан суолларыгар кириэс охсон куһаҕаны ыытар кыахтааҕа.
Күөс иччитэ дьиэни-уоту араҥаччылыыр үтүө санаалаах, кир-хох сыстыбат иччилэргэ киирсэрэ. Ол да иһин өлбүт киһилээх эбэтэр саҥа төрөөбүт дьахтардаах дьиэттэн ким эрэ кэллэҕинэ, күөсчүт үлэтэ тахсыбата. Былыр тураҥныыр, «быарбытын сымнатабыт» диэн кырдьаҕас дьон инчэҕэй туойу сииллэр эбит. «Ампаарга хаппат сиргэ уура сылдьан, кыра куһуок саахар саҕа инчэҕэй туойу тылларыгар уулларан эмэн сии сылдьар буолаллара», — диэн оҕонньоттор ахталлара.
Туой иһит “мас иһиттэр” эдьиийдэрэ
Билигин Саха сирин туойун туһаныы суоҕун кэриэтэ. Ол да буоллар кэлиҥҥи кэмҥэ фарфортан сахалыы араас оҥоһугу, иһити оҥорор тэрилтэлэр: «Чороон XXI век», «Көмүлүөк» баар буолбуттара дьону улаханнык үөрдэр. Ордук «Чороон XXI век» ХЭТ уонтан тахса сылы быһа дьарыктанан бу идэни балачча атаҕар туруорда. Өрдөөҕүтэ тэрилтэ дириэктэрэ Софья Попова, судаарыстыбаннай өйөбүл баар буоллар бэйэбит туойбутун туһаҕа таһааран, бэйэбит иһиппитин-хомуоспутун оҥорон барыа этибит диэбитин сүрдээҕин сөбүлүү истибитим. Күөсчүт диэн былыр-былыргыттан бэйэбитигэр баар, бэл ойууҥҥа, ууска сабарыйтарбат улахан толуу иччилээх идэбитин тилиннэрэр, сөргүтэр кэммит буолла. Онон бэйэбит дойдубут туойун булан иһит-хомуос оҥостуоҕуҥ, бэйэм уопуппун кытары кими баҕарар кытары үллэстэргэ бэлэммин.
Киһи-аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбута. Ол көстүү устуоруйаҕа неолит өрөбөлүүссүйэтэ диэнинэн киирбитэ. Саха омук даҕаны Аан дойду дьоно барыта ааспыт сайдыыларын мүччү аһарбатаҕа, бэйэтин кыаҕынан туой иһити ХХ үйэ 30-с сылларыгар диэри охсон кэлбитэ. Арай кэлин кэлии иһит аһары дэлэйэн, бу дьарык уостубута. Туой иһит саха олоҕор-дьаһаҕар киэҥник туттулларын, улахан олгуйдартан саҕалаан оҕо үүт иһэр кыракый боччугар тиийэ оҥороллорун бастакы чинчийээччилэртэн саҕалаан бары бэлиэтээбиттэрэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ