Чурапчы улууһугар гранынан үлэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээх, 49 үлэһиттээх “Туллукчаан” уһуйаан, сэбиэдиссэй Альбина Варламова өйөбүлүнэн “Саҥа олох” хаһыакка бэркэ суруттардылар. Уһуйаан бу соторутааҕыта тэриллибитэ 35 сылын бэлиэтээтэ.
Альбина Варламова былырыын, сэбиэдиссэйинэн ананыаҕыттан ыла уһуйаан кэлэктиибэ хаһыакка сурутуута лаппа эбилиннэ. Кинилэр быйыл альтернативнай көрүҥү таланнар, бэйэлэрин быһаарыныыларын оҥордулар. Сурутуу уопсай тэрээһинин уһуйааҥҥа, методист Светлана Попова тэрийдэ.
“Аныгы үйэ оҕото ийэ, аҕа бэлэмигэр олорор. Улахан олоххо бэлэмэ суох тахсар. Майгыта-сигилитэ атын, кыраттан санаалара түргэнник түһэр, тулуура суохтар, уйулҕалара чараас. Итинтэн сиэттэрэн мин оҕону киэҥ көҕүстээх, тулуурдаах, уһуну-киэҥи толкуйдуур, олоҕу сыаналыыр буоларга иитэр-үөрэтэр, сирдиир матырыйааллары хото таһаараргытыгар баҕарабын. Сыһыары тутан эттэхпинэ, үүнэр сылы СӨ Ил Дархана Айсен Николаев оҕо саас сылынна биллэрдэ, итинэн сиэттэрэн, оҕолорго аналлаах туспа балаһа тахсара буоллар олус туһалаах буолуох этэ. Биһиги, ордук уһуйаан иитээччилэрэ, итинник матырыйаалы өр кэмҥэ саныахпыт,” – диэн уһуйаан сэбиэдиссэйэ Альбина Ивановна баҕа санаатын эттэ.
Эрэдээксийэ аатыттан хаһыаппытын өйүүр, көхтөөх дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Атын нэһилиэктэр, тэрилтэлэр эмиэ холобур оҥостон улууспут соҕотох, нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар хаһыаппытыгар инникитин сурутуохтара, туора туруохтара суоҕа диэн эрэнэбит!
Сурутууну ыытта Сэмэн Жендринскэй