Бүгүн Чурапчы улууһугар ыаллыы сытар Таатта улууһун дьаһалтатын 20-чэ киһилээх дэлэгээссийэтэ үлэлээтэ. Бу икки улуус хардарыта бииргэ үлэлээһини тэрийиигэ анаан мунньаҕы тэрийдилэр. Сүрүн кэпсэтии Чурапчы улууһун территориятыгар ууну аһардар тутуулар, быһыттар нөҥүө халаан уутун куттала суох аһарыы миэрэлэрин уонна Таатта Чурапчы култуура, спорт эйгэтигэр итиэннэ үлэ-хамнас бары хайысхатыгар бииргэ үлэлээһиннэрин тула буолла.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев уонна “Упрмелиоводхоз” Чурапчытааҕы филиалын салайааччы Николай Попов Чурапчы улууһугар баар быһыттар туруктарын, ууну аһардар тутуулары, быһыттары саҥардыыга, бөҕөргөтүүгэ былырыыҥҥы сылга туох өрүттээх үлэ-хамнас ыытыллыбытын уонна быйылгы сылга туох үлэ ыытыллыахтааҕын, балаһыанньатын туһунан сиһилии билиһиннэрдилэр. Манна Таатта үрэх сүнньүгэр сытар икки улуус нэһилиэктэрин баһылыктара кытыннылар, ууну куттала суох аһардыыга тус санааларын эттилэр.
Салгыы ыаллыы сытар улуустар хардарыта шефтэһиилэрин сөргүтүүгэ туһуламмыт кэпсэтиини тэрийдилэр. Дьиҥэр, бу үтүө үгэс 1949с. төрүттэммит. Ол эрээри 2000 сыллар саҕаланыыларыгар араас төрүөтүнэн симэлийэ быһыытыйбыт. Онон быйыл 75 сылы көрсө итиниэхэ туһуламмыт үлэни-хамнаһы, үгэстэри сөргүтэргэ кэскиллээх кэпсэтии таҕыста. Ол курдук, култуурунай-спортивнай эрэ эйгэлэринэн муҥурдаммакка, үлэ-хамнас бары хайысхатыгар үлэлэһэргэ этиилэрин киллэрдилэр. Сүрүн иһитиннэриини Чурапчы улууһун култуураҕа управлениетын начаалынньыга Петр Гуляев уонна спорт управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров оҥордулар. Ол курдук, үлэ ханнык баҕарар хайысхатыгар төрүт оонньуулары сөргүтүүгэ, култуурунай-духуобунай сайдыыга туһуламмыт араас хайысхалаах дьаһаллары тэрийиигэ бииргэ түмсэн үлэлииргэ санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, эһиил сайын Тааттаҕа ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларын тэрээһинигэр чурапчылар субуотунньуктарга кыттыһарга бэлэмнэрин эппиттэрин таатта дэлэгээссийэтэ үөрэ ылынна.
Түмүккэ Степан Саргыдаев халаан уутун куттала суох аһарыыга ситимнээх үлэни ыытыыга анал хамыыһыйаны тэринэргэ, онуоха саас эрдэттэн үлэни-хамнаһы тэрийэргэ, гидропостар систиэмэлээхтик үлэлиир боппуруостарын быһаарыыга, тиэхиньикэлэринэн хааччыллыыга уонна көмөлөһүүгэ этиилэрин киллэрдэ. Харыылаах быһыта ордук мөлтөх туруктааҕын бэлиэтээн туран, Таатта улууһун баһылыгар Айаал Бурцевка маны иккиэн сөҥнөһөн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар туруорсарга эттэ. Итини тэҥэ урукку үтүө үгэстэри сөргүтэн, бииргэ үлэлэһэргэ ыҥыран туран, муус устар 26-27 күннэрин диэки, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, бастакы дьаһалы Ытык Күөлгэ былааннаан тэрийэргэ санаатын үллэһиннэ. Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев уонна улууспут баһылыга Степан Саргыдаев хардарыта үлэлэһии үтүө түмүктэрдээх, ситиһиилээх буолуо диэн эрэннилэр, улуустарын историятын, биллиилээх дьонун-сэргэтин сырдатар кинигэлэри хардарыта бэлэхтэстилэр.
Анна Захарова. Сэмэн Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриитэ.