Чурапчыга, Сылаҥныыр суол кытыытыгар турар кылаабыһа күрүөтэ саҥардылынна, уларыйда

“Бу сиргэ букатын кэлбитэ киһи суох” диэн этии баар. Төһө даҕаны бу этиини өйгүнэн-санааҕынан ылына охсубатаҕыҥ иһин, баара оннук буоллаҕа. Орто дойдуга бука бары ыалдьыттыы сырыттахпыт.

Кытыы хаара астарыллыбыт Сылаҥныыр суолга турар кылаабыһа иһинээҕи суолунан түгэҕин диэки киирэн иһэбит. Манна ураты чуумпу сатыылыыр. Эргэ да, саҥа да пааматынньыктар, кириэстэр кэчигирэһэн тураллар.

“Бу дьон тоҕо эмиэ кыс ортото кылаабыһаны кэрийдилэр?” — диир эбит буоллаххытына, бүгүн о.э. тохсунньу 31 күнүгэр, Сылаҥныыр суол кытыытыгар турар кылаабыһа күрүөтэ саҥардыллан, өрөмүөнүн үлэтэ түмүктэннэ. Маннык уустук үлэни, урбаанньыт Вера Дьячковская бэйэтигэр ылынан, туспа биригээдэ тэринэн, кылгас кэм иһигэр тимир тутулуктардаах, профлиис бүрүөһүннээх олбуору туруорда. Күрүө уопсай уһуна — 250 миэтэрэ, үбүлээһинин олохтоох дьаһалтаттан көрүлүннэ.

“Нэһилиэк дьаһалтата бөһүөлэк кылаабыһалары барыларын күрүөлүүргэ кытаанах сыалы-соруга туруорунар. Быйылгы дьыллаахха Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр баар кылаабыһа күрүөтэ саҥардыллара былааннанар”, — диэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Васильевна Макарова кэпсээтэ.

Биһиги кылаабыһаттан тахсан бардыбыт. Тохсунньу бүтэһик дьыбардаах күнэ санааны баттыырга дылы…

 

Сэмэн Жендринскэй