Сэтинньи ый 25 күнүгэр, Арчы дьиэтигэр Одьулуунтан төрүттээх, айар куттаах Сергеева Наталья Егоровна-Аана кыыһа айар алыбын үллэстэр дьоро тэрээһинэ буолла.
Чурапчыбыт нэһилиэгэр Арчы дьиэтэ, саха куттаах киһи барыта арчыланар, алгыстанар сирэ буолан, олус сылаас эйгэлээх, киһи эрэ кутун-сүрүн тутар сырдык сирэ. Бу дьоро киэһэҕэ мустубут дьону, СӨ култууратын туйгуна, виртуоз-хомусчут Надежда Потапова, хомуһун дьүрүскэн тыаһынан алгыстаан, саха ылбаҕай тылынан этэн-тыынан, кэлбит дьону айхаллаата. Арассыыйа Ийэлэрин күнүн чэрчитинэн, “Ийээ, эн ааккын ааттата…” диэн бэйэтин айар киэһэтин Наталья Егоровна күн-күбэй ийэтигэр Анна Михайловна Неустроеваҕа анаабыта олус долгутуулаах, истиҥ-иһирэх эйгэни үөскэттэ.
Наталья аймах-билэ дьоно, дьүөгэлэрэ кэлэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр толору астаах сандалыны тардан кэбиспиттэрэ, саас-сааһынан киирэн олорон, сылаас үүттээх чэйи ыймахтыы-ыймахтыы, Наталья Егоровна айар кутун, үлэтин-хамнаһын туһунан долгуйа, үөрэ билиһиннэрбитин иһийэн олорон иһиттибит. Бу күннэргэ биир улахан ситиһиитинэн — айбыт улахан кээмэйдээх кэпсээнэ “Күрүлгэн” сурунаалга бэчээттэнэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тарҕаммыта буолар. Наталья Егоровна хоһооннору айарын, нууччалыыттан сахалыы тылбаастыырын таһынан, суруналыыстыка эйгэтигэр араас таһымнаах ыстатыйалары суруйан, элбэх киһи сэҥээриитин ылар.
Бу дьоро күҥҥэ бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, оҕо сааһын арахсыспат аргыстара, дьүөгэлэрэ, “Чурапчы” литэрэтииринэй түмсүү, өр кэмнэргэ бииргэ алтыһан үлэлээбит оскуолатын бибилэтиэкэрдэрэ, тэрилтэтигэр чугастыы алтыспыт дьоно кэлбиттэр.
Оччолорго Одьулуун нэһилиэгэ аҕыс кылаастаах оскуолалаах буолан, бу оҕолор бары атын нэһилиэктэринэн арҕам-тарҕам үөрэннэллэр даҕаны, бары бастакы кылаастан тутуһан,сибээстэрин билигин да быспакка, бииргэ бары тутуспутунан сылдьалларын, араас үбүлүөй тэрээһиннэрин, олоххо араас уустук кэмҥэ бары бииргэ тутуспутунан сылдьалларын үөрэ-көтө дууһалыын арыллан кэпсииллэриттэн көрдүбүт, иһиттибит, астынныбыт. Натальяны туочунай наукаларга күүстээҕин, хайдах маннык гуманитарнай хайысхаҕа көспүтүн бэйэлэрэ да бэркиһииллэрин, Наталья үөрэҕэр күүстээҕин, кыһамньылааҕын, кылааска этэн-тыынан барыларын дьаһайарын, кылаас комсора буоларын, сорудахтарын хайаан даҕаны толотторорун күлэ-үөрэ аҕыннылар.
Истиҥник саныыр киһилэригэр санааларын түмпүт эҕэрдэ суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.
Кылаас ырыаһыта, ууннары таппыт курдук уһун курбуу уол Анатолий Ефремов эҕэрдэлээн, Никииппэр Сэмэнэп репертуарыттан ыллаабытын бары сэргии, астына, хайҕыы иһиттибит. Көрбөккө олорон иһиттэххэ, бу Арчы дьиэтигэр “Никииппэр Сэмэнэп илэ бэйэтинэн кэлэн, ыллыы турар дуу?” диэх курдук сана элэс гынан ааста. Анатолий ол курдук Никииппэргэ майгынныыр куоластаах киһи эбит. Ити ырыаларга бары үҥкүүлээн дайдыбыт. Чурапчы орто оскуолатын, Чурапчы алын сүһүөх оскуолатын, Чурапчы интэринээт оскуолатын бибилэтиэкэрдэрэ Наталья Егоровнаны кытта ханна көрсөн билсибиттэрин, онтон ыла кинилэр икки ардыларыгар доҕордуу сыһыан үөскээбитин, биир-биир сиһилии кэпсээн, олус истиҥник сырдаттылар. Чурапчы орто оскуолатын бэтэрээн бибилэтиэкэрэ Анастасия Егоровна Аргунова, бу кыргыттары «оҕолорум» диэн ааттаан, астынан туран урукку кэмнэртэн быha тардан кэпсээтэ.
Наталья Егоровна, Анастасия Егоровнаны настаабынньыгын курдук саныырын олус үчүгэйдик сырдатта.
Гимназия кыһатыгар үлэлээбит сылларын РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”, быйылгы Уһуйааччы сылыгар ыытыллыбыт “Педагог уонна уһуйааччы” күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕа Фекла Николаевна Болдовская кэпсээтэ.
Наталья Егоровна ол кэмнэргэ үлэлииригэр, кинини бу суруйар-бичийэр эйгэҕэ Фекла Николаевна көҕүлээбитин, бастакы хардыыларын оҥороругар төһүү күүс буолбутун ордук чорботон, күлэн-үөрэн махтанан, астына кэпсээтэ. Фекла Николаевна, Наталья Егоровна гимназияҕа үлэлиир сылларыгар саҥа технологияларынан ким хайа иннинэ ылсан үлэлээбитин, улууска бастакынан 20 компьютердаах медиатеканы тэрийбитин, үлэтин уопутун Амма, Таатта, Мэҥэ, Бүлүү, Ньурба улуустарыгар тарҕаппытын, Москубаҕа аан бастаан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Библиобраз» куонкуруска медиаспециалист быhыытынан ситиһиилээхтик кыттыбытын, үлэтин уопутун аан дойду таһымыгар таһааран тарҕаппытын олус астынан, киэн туттан туран кэпсээтэ, билиhиннэрдэ.
Чурапчы айар куттаахтарын иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар салайааччы, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Римма Иннокентьевна Корякина-ХОТУУНА, кыыстарын үлэтин-хамнаһын, түмсүү үлэтин, тугунан этэ-тыына олороллорун сиһилии билиһиннэрдэ. Эҕэрдэ суругу, өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда. Ол кэннэ Наталья айбыт уонна бэйэлэрин хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрэн дьон-сэргэ болҕомтотун тартылар.
Бииргэ алтыспыт дьүөгэлэрэ, аймах-билэ дьонноро истиҥник ахтан, астына-дуоһуйа эҕэрдэлээтилэо. Нэһилиэк дьаһалтатыттан нэhилиэнньэни кытта үлэ сүрүннүүр исписэлииһэ Мария Петровна Матвеева, Наталья Егоровна бу Арчы дьиэтигэр методистыы сылдьыбытын, Надежда Михайловна Заболоцкая салайыытынан олус таhаарыылаахтык үлэлээбитин, манна үлэлии сылдьан “Айыы сыдьаайынан арчыланан” диэн грант суруйбутун туһунан сырдатта. Наталья Егоровна улуус сайдыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин, нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев аатыттан Мария Петровна эҕэрдэ суругу, өйдөбүнньүк бэлэҕи, корзиналаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Бэрт истиҥ хоһоон хонуулаах, истиҥ-иһирэх кэпсэтиилээх, уруккуну-хойуккуну олус истиҥник ахта-санаан ааһан, астына-дуоһуйа кэпсэтэн, дьоро күммүтүн бары олус үөрэ-көтө түмүктээн, күүс-сэниэ бөҕө эбинэн, сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ талаһан, астынан тарҕастыбыт.
Наталья Егоровнаҕа инникитин айар кутун умсугутар хонуута өссө киэҥник арыллан, айа-тута, дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥаттан саҥа сүүрээннэри киллэрэ турарыгар баҕаран алгыыбыт.
Клара Кузьмина-Уус Кыыha