Кулун тутар 5 күнүгэр, биллиилээх чабырҕахсыт, ССРС култууратын туйгуна, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ аатынан “Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын” чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэскэ мустуохтара. Ааҕааччыларбытыгар анаан, Мария Андреевна сабыс-саҥа, буруолуу сылдьар айымньытын сурукка таһаарабыт.

ТЫЛ  СҮМЭТЭ   СИРИЭДИЙДИН!

Бастакы киһи:

Дьэ эмиэ

Чаҥыйар чабырҕах

Чыпчахай тылынан

Этэн-тыынан

Эҕэлэстээн барыах

Балысхан баҕам

Баһыйан барда

Баалыы көрүмэҥ!

Бары: Көрбөппүүт, көрбөппүт…

Кэпсииргин кэтэһэбит!

Бүгүҥҥү олохпут

Бүппэт түбүктэрин,

Бараммат кыһалҕа

Быгыалыыр сыыһаларын

Быылга бырахпакка,

Сыыска түһэрбэккэ

Иннэнэн кэйиэлиир,

Бүргэһинэн бүдүрүтэр

Бэдэр мэйиилээхтэр,

Булугас өйдөөхтөр

Кыраҕы харахтаахтар

Биһиги баарбыт диэн.

Иккис киһи:

Бассаабы баһылаан,

Хаһыаты ханыылаан,

Сэлэспэни туһанан,

Сиидэ харах буолан,

Кириитикэҕэ кимсэр,

Кэрээнэ суох кириэтиир

Баайсыһыан баҕаран

Буоһата суох быыппастар,

Кыратык даҕаны

Кэтэнэн көрбөккө,

Кэтиэлэһэн иһэр

Кытыан баҕалаах,

Норуот инники күөнүгэр

Сулус курдук тахсаары

Харса суох хасыһар,

Куллугуруур куолуһуттар,

Күүһү-күдэҕи өһүлэр

Куһаҕан кэмэлдьигэ

Көйдөрбүт күлүктэр,

Норуот өйүгэр

Өһүөнү иитиэхтиир

Өһүллүбүт өйдөр,

Түүннэри-күннэри

Тылы-өһү тарҕатар

Төттөрү сүргүөхтэр,

Кэҕэлии кэҕийэр

Кэрээннэриттэн тахсыбыт

Килбиэн өйдөр,

Бэрт былдьаһар

Бэрдимсик мэйиилэр.

Бары: Хобо чуораан курдук

Хобугуруур хоһууттар

Хойдубаталлар ханныык,

Хойдубаталлар ханнык!

Үһүс киһи:

Сыҥаахтарын сыата

Салалтаҕа иҥнэр,

Самнарар санаа

Салаҥнык саҥардар,

Өйдөөҕү өлбөөрдөр

Өрүкүнэспит өрүөллэр

Кыахтааҕы кыһарыйар,

Кимиилээҕи кэһэтэр

Кытыан кыыбаҕалар,

Тумус киһини

Туллаҥнатар туһугар

Туруу үлэһиттэр,

Хоһулуурга хоһууттар,

Сиилииргэ симиэлэйдэр,

Бэйэ иннигэр

Бэрэбинэ да саҕа

Сыыһа баарын

Билиммэт барахсаттар

Бары: Баһааҕырдар баҕалара

Бараннар ханныык,

Бараннар ханнык!

Төрдүс киһи:

Омукпут олоччута

Оһуобайа суох

Орто баайыы дьонунан

Олоруон баҕалаахтар

Ордоотууллар дуо?

Оччотугар

Оҕуруктаах өйдөөхтөр

Онтон-мантан орооһон

Ойуоккалаһа түһүөхтэрэ,

Олорор олохпутун

Огдолутар суолга

Олордоллоро олохтонуо.

Уорар-талыыр урдустар,

Мөлүйүөнүнэн үбү

Эргитэр эристииннэр,

Илин-арҕаа дойдулартан

Ийэ тылы өйдөөбөт

Илэ барбыттар,

Иҥсэлээх мэйиилээхтэр

Илэ-бааччы кэлиэхтэрэ!

Көрүөх бэтэрээ өттүнэ

Кутуругунан оонньуур

Куйаар кубулҕаттар

Кудуччу соҕустук

Кутулла түһүөхтэрэ.!

Бары: Арах да, оннук эрэ буолбатыын,

Оннук эрэ буолбатын!

Бэһис киһи:

Күлэ-күлэ

Күлбүтүн таптайар

Талба талааннар

Таһыччы буолуохтара!

Бэйэ талбыт салалтатын

Куһаҕанын кулгуйуу

Куоһур тыл буолуоҕа.

Күһэҥэ быстар

Кирбиитигэр киирэр

Күн-дьыл күөрэйиэ!

Бастакы киһи:

Алыс наһаа

Айахтааҕы атыппат

Ааттаах аанньаллар

Абырыыр күҥҥүт

Алаарыйан таҕыстаҕына

Киһи көхсүгэр түһэр

Көрбөтөх харах,

Истибэтэх кулгаах,

Ньимиликээн уос,

Көссүө көрүҥ

Килбик киһи

Сэмэй саха буолан

Симэлийэ сүтээйэҕит!

Бары:

Оруобуна, уот харахха

Ох тылынан олортуҥ!

Оннуктар бааллыыр,

Оннуктар бааллар!

Иккис киһи:

Иэдээн иэнигийэр

Иирсээннээх күҥҥэ

Икки сирэй буолбакка,

Өргөскүтүн өрө уунан

Өлбөт өйгүтүн

Эһигиттэн булуом диэн

Эримньи суох курдук!

Үһүс киһи:

Норуот талбыт салалтата

Саха саамай саарыннара!

Сириэдитэр силистэрбит.

Тумус туттар төбөлөрбүт.

Өркөн өйү тургутуһар

Өйөбүл күүстэрбит.

Ханнык да ыардартан

Харыстаһар хааннарбыт

Тымырбыт, сыдьааммыт.

Хайа да омукка

Иннибитигэр уктунар

Чаҕылхай дьоннорбут!

БарыКырдьык ээ!

Сөмүйэлиин сөпсөһөбүт!

Төрдүс киһи:

Хаһан да, ханна да

Хараардар буолумаҥ!

Хаарыаннаах олохпут

Харгыстамматын туһугар,

Үтүөкэн үгэспит

Умнуллубатын иннигэр

Улуу омуктар курдук

Уһулуччу талааннары

Уһаара туруоҕуҥ!

Бэһис киһи:

Түҥнэрэргэ турумаҥ,

Тэпсэргэ тэбиэһиримэҥ,

Иирсэргэ иэнигийимэҥ,

Үөҕэргэ үөрдүһүмэҥ,

Хоһулуурга холбоһумаҥ,

Самнарарга сананымаҥ,

Сиҥнэрэргэ сипсиһимэҥ,

Кыыһырсарга кыттыһымаҥ,

Хойгур тылы хоннорумаҥ!

Бары:

Тыл тыынын

Таба туттуҥ!

Тыл күүһэ — ох!

Тыл кыаҕа — уот!

Тыл сүлүһүнэ — өлүү!

Тыл сүмэтэ — сириэдийии!

Иккис киһи:

Хата баара өрүүтүн

Өйүүр суолу тутуһуҥ.

Үчүгэйгэ үлүһүйүҥ,

Саргыга сананыҥ,

Сайдыыга талаһыҥ,

Бары биир өйүнэн

Өйөһөрү өйдүөҕүҥ!

Саха сэмэй сигилитин

Саха сайдам санаатын

Сириэдитэ туруоҕуҥ!

Бары: Сүбэ тэҥэ суолталаах

Чабырҕахпыт чаҥыйда!

Бар дьоммут өйдүө диэн

Чыпчахайбыт куһуйдаа-куһуйда!

Манна даҕатан эттэххэ, күөн күрэс түһүлгэтэ Чурапчы нэһилиэгин “Айылгы” НАДь-гэр сарсыарда 10 чаастан саҕалаан ыытыллара былааннанар, сайаапкалары хомуйуу саҕаланна.

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска Мария Герасимова тус архыыбыттан