Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин 375 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн көрсө «Чараҥ» ТОС олохтоохторугар биир дьоһун тэрээһин буолла. Ол курдук, олохтоох инициативаны өйүүр бырагырааманан футбол былаһаакката саҥардыллан, бу күн Чурапчы нэһилиэгин түөрт оскуолатын хамаанадалара футболга күрэхтэстилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу былаһаакка олоххо киирэригэр түөлбэ олохтоохторо бука бары уонна «Мичил» уһуйаан коллектива кыттыыны ылбыттара, субуотунньуктаабыттара. «Чараҥ» ТОС салайааччыта Ирина Кривошапкина: «Бу маннык былаһаакка түөлбэбитигэр баарыттан бука бары үөрэбит, саҥардыллан, тупсан аһыллыбыта бэртээхэй. Манна оҕолорбут сыллата мустан оонньууллар, сүүрэллэр-көтөллөр, онон кинилэр эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык, көдьүүстээхтик атааралларыгар олус үчүгэй дии саныыбын».
Наталья Сибирякова, фото: Семен Жендринский