Аан дойдутааҕы коллекционер күннэрин чэрчитинэн, “Саҥа дэриэбинэ” томторугар Кытаанах нэһилиэгиттэн, ыаллыы сытар Уус Алдан улууһуттан коллекционердар мустан, арааһы бары атастаһан, ылсан-бэрсэн биир идэлээхтэрин көрсөн, санаа атастаһан бардылар.
Тэрээһиҥҥэ маннааҕы кыргыттарбыт бары күүс-көмө буоланнар, саба түһэн кытынныбыт. Ыалдьыттарбыт аан бастаан Дмитрий Петрович Коркин олорбут дьиэтин (сал. Пудов Е.В., Спирдонова А.П.) итиэннэ кини аатынан “Албан аат” ыспартыыбынай мусуойу сөҕө-махтайа көрдүлэр, ытык киһибит “ураты да олоҕу олорбут эбит” диэн өссө төгүл итэҕэйдилэр.
Салгыы ааҕар балаҕаммытыгар кэлэннэр өр сыллар усталарыгар муспут коллекцияларын сыа-сым курдук тутан сүрдээх интэриэһинэйдик көрдөрдүлэр. Туох манна суоҕуй? Алтан самовартан саҕалаан былыргы чэйи, саахары тоһутарга тиийэ мал-сал арааһынайа тэлгэннэ. Күн иккис аҥарыгар Хатылытааҕы Хоту көһөрүллүү мусуойугар (сал.Чичигинарова М.В.), биһиги улуус харах уулаах устуоруйатын, самовардар кимнээҕи кэтэһэн соҥуоран турбуттарын истибит эрэ киһи дууһатын долгутта. Ол кэнниттэн Андрей Саввин аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой үлэһиттэригэр түмүк санааларын эттилэр, астыммыттарын биллэрдилэр. Күммүт-дьылбыт да туран биэрдэ, “икки өттүттэн өссө бииргэ үлэлиир санаалаах, бу курдук түмсүүлээх, хардары-таары ыалдьыттаһа туруоҕун” диэн истиҥ санаалаах тарҕастылар.
Октябрина Окорокова
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй