Балаҕан ыйын 27 күнүгэр чаҕылыччы тыкпыт күн, ыраас халлаан анныгар норуоппутугар биир сүдү суолталаах Саха Судаарыстыбаннаһа төрүттэммитин бэлиэтиир үөрүүлээх миитин буолан ааста. Чурапчы улууһун, нэһилиэгин олохтоохторо сахалыы сайбаччы таҥнан, саха былааҕын күөрэччи тутан өрөбөлүүссүйэ мемориалыгар тоҕуоруһа муһуннулар.
Төрөөбүт төрүт дойдубутун уруйдуур ырыа дьиэрэйдэ, өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран эҕэрдэ тылларын улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччыта Афанасий Дьячковскай, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуус сэбиэтин дьокутаата Екатерина Иванова эттилэр, ытык дьоммут мемориалларыгар сибэкки уурдулар.
Салгыы миитин кыттыылаахтара киин уулуссанан сэлэлии хааман, болуоссакка тиийэн саха төрүт үҥкүүтүгэр-оһуохайга күн тахсар эргиирин батыһа хаамтылар, бөһүөлэк иһинэн ыраахха диэри эриэккэс эһиэкэй эйээрдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, оһуохайы араас таһымнаах үгүс күөн күрэс кыайыылааҕа Семен Морфунов таһаарда. Эдэрдиин-эмэнниин Сахабыт сирин ыраас-сырдык, кэскиллээх инникитигэр дьиҥ чахчы итэҕэйэн, эрэнэн, сүргэбит көтөҕүллэн тарҕастыбыт.
Наталья Сибирякова
Хаартыыска: Людмила Горохова