Чурапчыга олоҥхону үйэтитиигэ үлэлээбит учуонай, агроном Василий Ермолаевка анаммыт дьоро тэрээһин ыытылынна

Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы оҕо спортивнай интэринээт-оскуолаҕа учууталынан үлэлээбит ытыктыыр киһибит учуонай, агроном, олоҥхону чинчийээччи Василий Федотович Ермолаев төрөөбүтэ 95 сыла бэлиэтэннэ. Олохтоох библиотека үлэһитэ Октябрина Окорокова үбүлүөйдээх дьаһалы тэрийэн ыытта.

Сарсыардаттан саҕалаан араас дьаһаллар былааннанан ыытылыннылар. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ төрөппүт кыргыттара Акулина Колодезникова, Василина Ермолаева кэлэн кытыннылар. Орто сүһүөх кылаастарга  ыытыллыбыт биология предметигэр аһаҕас уруокка сырыттылар, үөрэнээччилэргэ кэс тылларын анаатылар. Саха тылын уонна литературатын учуутала Акулина Кузьмина салайар “Уолан ааҕыыларын” “Дьүрүлгэн” кырачаан олоҥхоһуттар бөлөхтөрүн  толоруутун дуоһуйа иһиттибит. Салгыы “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” бөлөх толоруутугар Д.П.Коркиҥҥа анаммыт дьүһүйүү биир сиппит-хоппут толоруунан ааттанна.

Ытыктыыр киһибит туһунан кинини кытта бииргэ алтыспыт дьон иһирэхтик ахтан-санаан аастылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына Анна Васильева Василий Федотовичтыын күнү-дьылы аахсыбакка, айымньылаахтык үлэлээбитин, кини сымнаҕас майгытын истиҥник бэлиэтээн аҕынна. Оҕолоро аҕаларын туйаҕын хатаран, дьоһун үлэһит буолбуттарын көрөн үөрэрин эттэ. Салгыы  РФ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Людмила Винокурова кэллиэгэтин кэпсээнин ситэрэн-хоторон биэрдэ, кини нуучча тылын учууталынан үлэлиир кэмигэр Линка Ермолаева аан бастаан “5” сыананы ылан олус долгуйбут, үөрбүт түгэнин истээччилэргэ итэҕэтиилээхтик тиэртэ .

Василий Ермолаев Чурапчы олоҥхоһуттарын туһунан баай матырыйааллары дьаныһан туран хомуйан, наардаан, бэчээккэ бэлэмнээн, сөҕүмэр үлэни көрсүбүтэ. Олоҥхо дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа туйгуна Валерий Герасимов кэпсээбитинэн, Чурапчы улууһугар 167 олоҥхоһут үөскээн-төрөөн ааспыт. Маныаха Василий Федотович кинилэр туһунан үгүс матырыйаалы түмэн, кэскиллээх, дьоһун үлэни тэрийбитин, кэлэр көлүөнэҕэ тугунан да кэмнэммэт бэлэҕи хаалларбытын ахтан туран, махтанна.

Оттон “Чулуу олоҥхоһут” анал аат, “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” Гран-при хаһаайына Сусанна Лазарева үөһээ Айыы бухатыыра орто дойдуга түһэн, араас охсуһууга киирэн кыайыылаах тахсыбытын туһунан олоҥхоттон быһа тардыыны толорбутун сөҕө-махтайа иһиттибит. Салгыы бииргэ үлэлээбит доҕоро, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа  хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Чичигинаров иһирэх ахтыыны оҥордо. Василий Ермолаев  үлэһит быһыытынан сэмэйин, аҕа, кэргэн быһыытынан үтүөкэн хаһаайын буоларын, фольклору хомуйсан кэскиллээх үлэни хаалларбытын бэлиэтээтэ.

Түмүккэ кыргыттара аҕаларын туһунан үгүс дьон истиҥник саныылларын иһин  махтаннылар, хас биирдии киһиэхэ өйдөбүнньүк бэлэхтэрин, Махтал суруктары туттардылар.

Октябрина Окорокова.