Чурапчыга оҕолору үөрдэр тэрээһин буолла

Чурапчы улууһугар оҕолорго аналлаах Саҥа дьыллааҕы утренник буолла.

«Айылгы» кэлэктиибэ кэлбит дьону аптаах саҥа дьыллааҕы остуоруйаҕа киллэрэн, «Куобах остуоруйата-III: Айыына уонна Айаал мүччүргэннээх сырыылара» көрдөрүүнү туруорда. Оҕолор бары көрдөрүү дьоруойдарын, Үөһээ Дьааҥыттан сылдьар эдьиийдии быраат  мүччүргэннээх сырыыларын долгуйан, көмөлөһөн туран, сэҥээрэ көрдүлэр.

    

Салгыы Чысхаан оҕонньору уонна сиэнин Хаарчаананы Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыкка үөрэн-көтөн ыҥырдылар. Чысхаан оҕонньор сиэнинээн Хаарчааналыын аҕалбыт кэһиилэрин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар түҥэттилэр.

Бу бэлэхтэри улуус дьаһалтата уонна улуустааҕы үөрэх салалтата оҥордулар.

Айыыллаана Барашкова:

Остуоруйаны олус сөбүлээтим. Айыыналаах Айаал таһырдьа оонньуу сылдьан биллибэт кыыл сымыытын булан ылаллар. Сымыыт хантан кэлбитин, ханнык кыыл киэнэ буоларын билээри эһэ Куобахха тиийэллэр. Кини билбэт буолан, атын сиргэ олорор кыылга ыытар. Оннук Айыыналаах Айаал сымыыт ийэтин өр көрдүүллэр.  Миэхэ дьоруойдар тымныы, итии дойдуларынан сылдьаллара, араас кыыллары кытта билсиһэллэрэ, араас мэһэйдэри туорууллара олус интэриэһинэй буолла уонна остуоруйаҕа тыаһыыр музыкалары сөбүлээтим.

Альберт Миронов:

— Мин саамай сөбүлээбитим диэн Эриэн үөн Королеватын уонна Дракон кыылы, уонна»Да и нет» оонньууну. Өссө маннык остуоруйаны көрүөхпүн баҕарабын.

Бэлиэтээн эттэххэ, «Куобах остуоруйата-III: Айыына уонна Айаал мүччүргэннээх сырыылара» көрдөрүү ахсынньы 24-25 алыптаах күннэригэр эмиэ буолар.

Марфа ПЕТРОВА.