Сотору кэминэн Чурапчы нэһилиэгин Таас балыыһатыгар сабыс-саҥа магнитнай-резонанснай томографы (МРТ) таҥан туруоруохтара. Баараҕай оборудование ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх Чурапчытааҕы киин балыыһа иккис уораҕайыгар туруоҕа.
“МРТ илин эҥэр улуустарыгар аан бастакынан үлэлиирэ күүтүллэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Влдадимирович Путин анал сорудаҕынан үлэлиир “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн өр сыллаах баҕа санаабыт олоххо киирэрэ былааннанар. Киһи доруобуйатын диагностикалыыр оборудованиелар киин куораппытыгар эрэ буолбакка, оройуоннарга эмиэ үлэлиирэ ордук кэрэхсэбиллээх. Ыарыыны эрдэттэн диагностаан, сөпкө уонна хаачыстыбалаахтык эмтэнэллэригэр туһаайыллар», – диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эттэ.
Кэлбит оборудование үлэлээтэҕинэ, Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа быраастара, урукку курдук дьону Дьокуускай куоракка утаарбаккалар, барытын үрдүттэн быһааран, сөптөөх диагноһы тутатына туруорар итиэннэ эмтиир кыахтаныахтара.
“Саҥа МРТ-аппарааппыт Чурапчы улууһун олохтоохторун эрэ буолбакка, ыаллыы сытар улуустарбыт ыарыһахтарын эмиэ көрүөҕэ. Томографпытын былаан быһыытынан туспа хоско туруоруохпут. Билигин өрөмүөн үлэтэ күүскэ барар. Балыыһабыт ис үлэтэ үмүрүйдэҕинэ, салгын оонньуур турбатын тардыахтара. Ол эрэ кэнниттэн МРТ-ны бэйэтин таҥан туруоруохпут», – диэн Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев иһитиннэрдэ.
Сэмэн Жендринскэй