Чурапчыга лесопуун хоһууттара күүстээх үлэҕэ сылдьыбыттара

Ааспыт үйэ иккис аҥарыгар, Сэбиэскэй былаас  саамай үгэннээн турар кэмигэр Чурапчыга тигиниччи үлэлээн турбут тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ “Лесопункт” тэрилтэтэ этэ.

Чурапчы оройуонугар  да, илин эҥэр оройуоннарын икки ардыгар  үлэ күргүөмнээх күрэхтэһиитигэр үгүстэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт, социалистическай куоталаһыы түмүгүнэн үйэ саас тухары “Кыһыл Знамянан” наҕараадаламмыт тэрилтэ этэ.

Бу тэрилтэ туһунан билигин ким эмэ санаан көрөрө дуу,  суоҕа дуу?

Оччолорго кытаанах, күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт, кыһыҥҥы томороон тымныыны аахсыбакка,халыҥ тоҥуу хаары  кэһэ сылдьан, ыарахан “Дружба” эрбиини сүгэ сылдьан тиит маһы охторбут мас кэрдээччилэр, суол–иис куһаҕаныттан иҥнибэккэ,техника саахалын таһаарбакка кэмигэр  оттук, тутуу маһын тиэйэн нэһилиэнньэни хаачыйбыт суоппардар, тырахтарыыстар — билигин сааһырбыт дьон, сорохторо биһиги ортобутугар суохтар. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар олохпут тутула уларыйан, 1992 сылтан саҕалаан  дьиэтэ–уота, баазата, тиэхэньикэтэ  ыһыллан, үлэтэ–хамнаһа тохтообута. 1994  сыллаахха олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар холбообуттара. Ол эрэн 1996 сыллаахха “Лесопункт” төттөрү туһунан барбыта.  Ити кэмнэргэ тэрилтэлэр ыһыллан барбыттара. Ол лесопууну эмиэ тумнубатаҕа. Лесопуун хочуолунайын олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар холбообуттара. “Лесопуун” үлэһиттэрэ ЖКХ үлэһиттэрэ буолбуттара. Сорохтор биэнсийэҕэ тахсан уурайбыттара, сорохтор чааһынай тэрилтэлэргэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Бу ыһыллыы–тоҕуллуу кэмигэр оннооҕор докумуоннар хараллыбакка хаалан, өр сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьон биэнсийэҕэ тахсалларыгар эрэйи көрбүттэрэ.

Николай Егорович Оконешников лесопууҥҥа уһуннук үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ. Кини хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ, 38 сыл ыстаастаах суоппар. Билигин 86 сааһа. Кинини лесопууҥҥа үлэлээбит элбэх киһини, оччолорго эдэр дьон үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэппит бэйэлэрин настаабынньыктарынан, оргуйар үлэ үөһүгэр бииргэ сылдьыбыт, ыараханы да туораабыт, үөрүүнү да бииргэ үллэстибит убайдарынан ааҕаллар.

Николай Егорович 1937 сыллаахха, Мугудайга, Баҕа Баалы алааска төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ “Дьэҥкэрэ” холкуос чилиэттэрэ этилэрэ. Аҕата  Егор Михайлович 1941 сыллаахха бастакы хомуурга сэриигэ барбыта. Балта Евдокия эбэтигэр Даайа эмээхсиҥҥэ иитиэххэ сылдьыбыта. 1942 сыллаахха күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ  ийэтэ, Федосия Михайловна, эһэтэ буоланнар Эдьигээҥҥэ  тиийбиттэрэ. Талахтаах диэн сиргэ таас биэрэккэ сүөкээбиттэрэ. 1942 сыл күһүнүгэр ийэтэ аҕаларын туһунан хара суругу туппута. “Ийэм балыкка сылдьыбыта. Ыарахан кэмҥэ эрэйи–муҥу көрө сылдьан, аҕабын аһыйан  элбэхтэ  ытыыра- соҥуура, мин тэҥҥэ ытаһарым. 5-6 саастаах оҕо тоҥууну–хатыыны, хоргуйан өлүүнү барытын илэ харахпынан  көрөн кэлбитим”, — диэн ол ыар сыллар тустарынан кэпсиир.

Кытаанах нэһилиэгэр сэттэ кылааһы бүтэрбитэ. Үс сыл армияҕа Сахалиҥҥа сулууспалаабыта. Армияттан кэлэн баран Сылаҥҥа, Субуруускай  аатынан сопхуоска биэс сыл суоппардаабыта.

Онтон 1969 сыллаахха Чурапчыга “Райтоп” диэн тэрилтэҕэ  суоппарынан үлэҕэ киирбитэ. Ол туһунан Николай Егорович маннык ахтар: “Оччолорго начаалынньык Корякин Петр Петрович этэ. Миэхэ “ГАЗ-51” мааркалаах массыынаны туттарбыттара. Ол күнтэн мас таһыытыгар  үлэлээбитинэн барбытым. Куруусчутунан Захаров Иннокентий Еримеевич диэн эдэр уолу анаабыттара. Кини сирдээн Хатыҥ Харыйа диэн дэлээнэҕэ барбыппыт. Онтон ыла саҕаламмыта мин лесопууҥҥа үлэм. Ити сыл күһүнүгэр куораттыыр  суол кытыытыгар, Трактовай аатынан уулуссаҕа сир ананан саҥа бааза тутуллубута. Тэрилтэ аата уларыйан “Лесопункт” диэн буолбута.  Петров Константин Фомич диэн саҥа начаалынньык кэлбитэ. Тиэхэньикэ киирэр саҥа гарааж оҥоһуллубута, үлэһиттэргэ олорор дьиэ тутуллубута. Манна 26 сыл устата үлэлээн, уопсайа 33 сыл суоппар ыстаастаах 1994 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбытым. Билигин санаатахха, ама да ааспытын иһин наһаа да ыарахан үлэҕэ үлэлээбит эбиппит: тыҥ хатыыта туран, 2-3 көстөөх сиртэн “ЗИЛ-151” массыынанан тоҥ маһы тиэйэн иккилиитэ кырынарбыт. Оччотооҕу оройуон иһинээҕи элбэх ахсааннаах хочуолунайдары, доруобуйа харыстабылын, үөрэх, култуура уо.д.а. хомунаалынай өҥөнөн туһанар үлэһиттэри, барытын биһиги тэрилтэбит, лесопуун оттук маһынан хааччыйара. Өрөбүл диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Тэрилтэлэр тоҥоору сордууллара, улахан хочуолунайдар сууккаҕа баһаамы, биирдии массыынаны оттоллоро. Кэлин кыаҕыран армейскай, бензиновай “Ураллары” аҕалан, улахан кыамталаах тыраахтырдар кэлэн үлэ сыыдамсыйан таһаарыылаах буолбута. Тырахтарыыһынан уопуттаах  үлэһит, тиэхэньикэни үчүгэйдик баһылаабыт Василий Гаврильевич Яковлев үлэлээбитэ. Массыыналарбытын байыаннай чаастартан, Хабаровскайтан бэйэбит баран аҕаларбыт. Эргэ массыыналар этилэрэ. Саппаас чаас да көстөрө эрэйдээх этэ. Оччотооҕу, Сэбиэскэй кэмҥэ барыта нуорма, разнарядка этэ. Ону ол диэбэккэ саппаас чаас булан үлэлиирбит. “Лесопуун” үлэтэ аһары ыарахан үлэ. Сылы быһа тыаҕа, үүтээҥҥэ олорон мас кэрдиитэ, ону барытын 3-4 көстөөх сиртэн тиэйэн таһыы. Суол суох буолан хаарбытын күрдьэ–күрдьэ айанныырбыт. Былаас тиэрдибит тулхадыйбат былаана хайаан да туолуохтаах, ону толорорго бырамыысалыннай тэрилтэлэргэ  социалистическай куоталаһыылар буолаллара, үлэ күөстүү оргуйара: оройуоҥҥа, Илиҥ эҥэр улуустарга, үксүн инники күөҥҥэ сылдьарбыт. Илин эҥэргэ кыайаммыт көһөрүллэ сылдьар “Кыһыл Знамяны” үйэ саас тухары ылбыппыт. Үгүс эдэр ыччат үлэлиирэ. Оройуоҥҥа буолар бары тэрээһиннэргэ, субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттарбыт. Онно көҕүлээччинэн, профсойууспут бэрэссэдээтэлэ Иван Григорьевич Макаров буолара. Үлэлиир кэммэр үгүс начальниктар үлэлээн ааспыттара: Корякин П.П., Петров К.Ф., Дьячсковскай  Д.Ф., Фомин А.М., Евграфов Г.Н., Кынакытов И.Н., Пудов В.П. уо.д.а. Онтон атын үлэлэргэ үгүс киһи үлэлээтэҕэ. Мас кэрдээччилэринэн Иннокентий Захаров, Василий Рязанскай араас омук уолаттарын кытта эйэлээхтик, иллээхтик үгүс сыл үлэлээбиттэрэ. Бииргэ үлэлээбит уолаттарым Семен Неустроев, Николай Романов, Николай Кузьмин, Василий Яковлев о.д.а. бары да үлэни көҕүлүттэн туппут, кыайыгас, хоһуун үлэһит уолаттар этилэрэ. Онон билигин лесопууммун олус үчүгэйдик саныыбын. Олох сиэринэн олорон, үлэлээн аастахпыт”. 

Николай Егорович үс пятилеткаҕа “Победитель социалистического соревнования” буолбута, коммунистическай үлэ удаарынньыга, “Почетный работник лесопункта” бэлиэ хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ. Лесопууннар төһө да тэрилтэлэрэ эһиннэр, иллээхтик-эйэлээхтик, үлэни–хамнаһы кыайар, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт кэмнэрин, бииргэ үлэлээбит доҕотторун умнубаттар. Пандемия ыарыы иннинэ дөрүҥ–дөрүҥ көрсөн, ол ааспыт кэмнэри ахтан ааһаллара. Манна барытыгар сүүрэн-көтөн тэрийэр киһинэн Иван Григорьевич Макаров буолар.

Николай Егорович, олоҕун аргыһын Феврония Ивановналыын 1969 сыллаахха ыал буолбуттара. Феврония Ивановна ветуправлениеҕа буҕаалтырынан үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта, үлэ бэтэрээнэ. Оконешниковтар утумнарын салҕыыр  үс оҕолоохтор, элбэх сиэн, хос сиэн буола ууһаан-тэнийэн билигин Чурапчы нэһилиэгин биир ытыктанар дьоһун ыаллара.  Олох – салҕанар, ситим — быстыбат.

 

Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ